Yрүҥ күн анныгар... (Алампа)


Үрүҥ күн анныгар,
Үс дойду үрдүгэр
Үтүө-мөкү сирдэр
Үүнэр-үөскүүр эбиттэр.
Халлааны хаххалыыр
Хапхаас хайалара,
Кыһыны көрбөтөх
Кырыым кырдаллара,
Улаҕата-уһуга көстүбэт
Унаар-мэнээр толооннор,
Муннуга-буома биллибэт
Модун муоралар.


1926

Алампа