Сассыардааҥҥы күнүм сандааран
Түннүкпэр киирэн эрэрэ.
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.
Түүннээҕи түлүк уум көппөккө
Түһүүр кэриэтэ сыппытым,
Тахсар күн чаҕылын көрбөккө
Сыламныыр харахпын саппытым.
Арай саныырым – соҕотоҕу,
Биир дьикти бара мэйиибэр –
Өйдөөбүтүм эйигин оччоҕо,
Өйдөөбүтүм эйиигин.
Хатаммыт халҕаммын аһаҥҥын,
Мин түүлбэр илэ кэриэтэ,
Киэргэнэн-симэнэн бараҥҥын
Киирэн кэлбитиҥ кэрэтиэн!
Ньалҕааххай хара баттахтарыҥ
Саньньылыйан түспүттэрэ түөспэр,
Ол бириэмэҕэ мин хадаар тылым
Аҕыйаан, көссүөрэ түспүтүм.
Билбэппин тимир тулуурдарбын
Туох түһэн хомуйбутун,
Этэр тылы булбаппыттан
Сүрдээхтик хомойбутум.
Ити курдук маҥнайгы
Албын билсиһиигэ,
Куруубай быһыым-майгым
Сүтэн хаалтын бэккиһиибин.
Миэхэ суоҕу баар гынар
Дьикти санаа баар эбит:
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.
Кыракый чыычаахтыы тыкааран
Эмискэччи суох буолан хаалбытыҥ –
Өйдөөбүтүм эйигин, Варвара,
Өйдөөбүтүм, санаабытым.
Уһуктан ороммуттан турбутум,
Күнүм ойон күнүс буолбут.
Харандаас ылан суруйбутум
Хара тастаах блокноппар.
Тоҕо эрэ,
Тоҕо эрэ хомолтоттон
Тойук бэрдин булбутум,
Мэник тыллары холбооттуохпун
Баҕарталаан барбытым.
Ол күнтэн ыла бу күҥҥэ
Өйдүүр санаа баар, бара…
Оҕо сааспар, кэрэ кэммэр
Умнуом суоҕа, Варвара!