Сандаар күммүт... (Арбита)

Ырыа (Маарыйа) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Албын көрсүһүү




Сандаар күммүт
сардаҥата
Саһан хаалан
хараҥарда,
Күүтэ сатаан
кэбиспитим –
Көссөр чааһым
сатаммата.
Кэбис-кэбис,
кэмсиммэппин –
Кэм-дьыл манан
барамматах!
Хоһум аанын
сэгэттэргин,
Холбоон этиэм
сэгэттэйбэр –
Ситии курдук
синьньигэстик,
Силии курдук
миньньигэстик.


1936