Барыта баар хоһооҥҥо (В. Потапова)

Айманар айылгылаах мин ааргы сүрэҕим (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Миигин, бука, билбэккин (В. Потапова)




Барыта баар хоһооҥҥо,
Муҥнаах-сордоох
Муҥун сүтэрбит
Үөрүүтэ,
Дьоллоох-соргулаах
Дьолун куоттарбыт
Кутурҕана.
Хоһоон —
Истиҥ иэйии илдьитэ,
Хоһоон —
Таптал таҥарата,
Хоһоон —
Олох тыла!
Хоһоонтон үөрүү
Тынар да буоллаҕына —
Ол үтүө кыайыыта.
Хоһоонтон
Хомолто
Тохтор буоллаҕына —
Ол сүрэх кыланыыта!
Кырдьыгы таптыыр
Кырдьыбат санаалаахтар,
Тапталы алгыыр
Нарын дууһалаахтар,
Эрэнэ,
Итэҕэйэ,
Чугаһааҥ,
Күн өрүү,
Хонук хоно,
Олох олоро — хоһоонунан!