Миигин, бука, билбэккин (В. Потапова)

Барыта баар хоһооҥҥо (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Кэрэ да дьылҕалаах дьону мин көрөбүн (В. Потапова)




Миигин, бука, билбэккин,
“Кимҥиний?” — да диэбэккин...

Таһырдьа — чаҕыл күн,
Дьиэбэр — барык сөрүүн...

Бу кэмҥэ кими эрэ
Дьоллоохтук күллэрэ
Аттыбынан ааһаҕын,
Күн күлүмэр саһаҕын.

Оттон мин,
Эн ааккын сибигинэйэр,
Эн дьолгор сүгүрүйэр,
Аналы талбыт дьылҕабын
Айхаллыыр хоспор куотабын.