Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Күн
←Көмүс. Тимир | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Үһүс глава) Копырин Николай Захарович |
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саас, сайын. Кыһын→ |
Үһүс глава. САХА СУРУГУНАН ПОЭЗИЯТЫН ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭРЭ
уларытА) БЫЛЫРГЫТТАН БААР ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭР
уларытКүн. Биһиги суругунан литературабыт XX үйэ саҕаланыытыгар Россияҕа буолбут бастакы буржуазнай-демократическай революция долгуннаах күннэригэр төрөөбүт фольклорун үтүө үгэстэригэр олоҕуран, нуучча улуу классическай литературатын сабыдыалынан үөскээбитэ. Саха үлэһит норуотун өйө-санаата, литературата дохсуннук сайдарыгар Улуу Октябрьскай социалистическай революция, В. И. Ленин идеялара букатыннаахтык кыайыылара бөҕө тирэх буолбуттара. Улуу Октябрь буурҕата эргэ олоҕу, эргэ итэҕэли, үгэһи, батталы-атаҕастабылы барытын киэр типпитэ, үлтү ытыйбыта, оттон норуот үтүө үгэстэрин, үйэ-саас тухары муспут ситиһиилэрин өссө ордук сайыннарбыта, барҕардыбыта.
Ол курдук, саха тылынан уонна суругунан поэзиятын дьүһүннээһиннэрин икки ардыларыгар букатын быстан хаалар тосту уларыйыы тахсыбата диэххэ сөп. Аан бастаан үөскүүр суругунан литература фольклор ойуулааһыннарыттан бэрт элбэҕи туһаммыта, тирэх оҥостубута. Быдан былыргыттан образтааһыҥҥа таптаан киллэрбит күммүт, күөрэгэйбит, кыталыкпыт, аппыт уо. д. а. бүгүн даҕаны биһиги поэттарбыт ырыаларын-хоһооннорун киэргэтэллэр, төһө да туттуллууларын ис хоһооно, аспега уларыйбытын иннигэр, бугүҥҥү поэзияҕа бэрт үчүгэйдик туһанылла сылдьаллар.
Суругунан литератураҕа күн обраһа элбэх эгэлгэ, баай ис хоһооннонон киирдэ. Норуот былыр таҥара оҥостон үҥпүт-сүктүбүт «үрүҥ күнэ» саҥалыы, киэҥ, дириҥ суолталанна, уус тыл күлүмүрдүү оонньуур киэргэлэ буолла.
Норуот чулуу уола Баһылай Манчаары (С. Зверев туойуутунан) ханан да ыйдыҥата суох хараҥа баттал аҥардастыы бүрүүкээн турдаҕына: «аан дойдуга аламай күн алаарыйа тахсан, атаҕастаммыт аҕа ууһа хаһан хараҕын көрүө баарай?!» (52—281),— диэн көҥүлгэ дьулуһуутун ыралаан эппит буоллаҕына, Бороҕон улууһун киһитэ П. А. Охлопков (Наара суох) 1905 сыллаахха бастакы революционнай өрө турууттан көтөҕүллэн, Якутскайга «Народнай мунньах» дьиэтигэр баайдары, тойоттору утары ис хоһоонноох ырыа ыллыырыгар, «күнү-ыйы бүөлээбиккит күн бүгүҥҥүлээх эрэ буолуоҕа!» (52—280) диэн, кинилэр кэхтэр кэмнэрэ-чаастара чугаһаабытын өтө көрөн эппитэ. Манна күнүнэн киһи киһини баттаабат көҥүл, дьоллоох олоҕо символланар.
Улуу Октябрь кыайыыта, Советскай былаас олохтонуута сахаларга хаһан да көстүбэтэх күн тахсыыта, онтон үөрүү, өрөгөйдөөһүн. Ол туһунан саха советскай литературатын төрүттээбит, төлөннөөх революционер-ленинец П. А. Ойуунускай бу курдук туойбута:
- Көстөр күн сырдыга,
- Көҥүлбүт ыллыта
- Аһыллан,
- Арыллан —
- Үөрдэхпиэн,
- Үөрдэхпиэн! (36—190)
Дьэ итинтэн бэттэх саха поэзията бутүннүүтэ күнүнэн, сааһынан туолар. «Совет былааһа сааскы күннүү ойор» (89—156), поэттар «ыллыыллар сахаҕа саас буолтун, Октябрь уот күнэ ойбутун» (94—138). Оттон революцияны кытта саастыы поэттар «Өктөөппүт күнүн сардаҥата биһикпитигэр тыкпыта» (4—283) — диэн хоһуйаллар. Саха бааһынайдарын холбоһуктааһын — бу кинилэргэ күн тахсыыта: «колхуоһунай олохпут күндэлэс күнэ хоту дойду үрдүнэн күөрэйэ ойдо» (61— 427).
Итинтэн бэттэх Улуу Россия, били олоҥхоҕо этэр курдук, «киирбэт күннээх, күөх сайыннаах, хаарыан улуу дойду буолар» (32—197), советскай норуоттар «көҥүлүн булуммут күн-өркөн улууһа аатыраллар» (89—222).
Күҥҥэ тэҥнэнэллэр улуу коммунист партията, кини сирдьитэ, революция хотторбот знамята. Партия, эн «күнэ суох сири күннээтиҥ» (89—395), «Эн, Ленин пар-тията,... киирбэт күн курдук сыламныы күндээрдиҥ!» (8—117), «Эн күн знамяҥ аннынан эрдээхтик сахалар хаамабыт» (32—261) диэн буолар.
Күн обраһа ордук хойуутук киһи аймах генийэ В. И. Ленини хоһуйарга туттуллар. Күн ийэ, күн аҕа диир кэриэтэ Лениҥҥэ күн мэлдьи туттуллар эпитет буолла. Итини сэргэ Ленин, күн курдук, үөһэ күөрэйэн тахсан, сири-дойдуну барытын сырдатар гына ойууланар: «устата биллибэт, туората көстүбэт улахан дойдуттан күн буолан күөрэйдиҥ» (32—198).
Манна сирдьит обраһа балачча абстрактнайдык бэриллэр. Итиннэ майгынныыр буолан баран, арыый сиһилии күҥҥэ тэҥнээһин эмиэ баар.
- Ис иһиттэн сардаҥарбыт үрдүк сүүһэ —
- Ити өркөн өйүн өтө көстөр күүһэ.
- Арыый быһыччы көрбүт хараҕын кыламаннара —
- Аламай маҥан күн көмүс сардаҥалара.
- Саҕах үрдүнэн тахсан эрэринии, итиннэ,
- Сандал халлааны сандаардан чэмэлитэ,
- Сир-дойду үрдүвэн күөрэйэн көһүннэ Ильич сүдү сүүстээх төгүрүк төбөтө. (72 — 70)
Сирдьит олоҕун ис характерын күнүнэн холобурдаан көрдөрүү эмиэ баар. Күн уонна Ленин иккиэн күннэтэ улууканнаах үлэни толороллор буолан баран, махтал тылтан ураты манньаҕа наадыйбаттар, «күн сиригэр кинилэр күннүүн иккиэйэх эбиттэр» (33—93) диэн хоһуйар поэт П. Тобуруокап.
Лениҥ «күнү аҕалбыт», «күнү таһаарбыт», «күнү көрдөрбүт» киһинэн ааҕыллар. «Киирбэт сылаас күнү таһаарбыт улуу Ленини уруйдуубут!» (52—297). Ленин үөрэҕэ, знамята күҥҥэ тэҥнээхтэр: «Ленин... өр үйэҕэ өлбөөрбөт күн сырдык үөрэҕэ» (90—5), «кини тыыннааҕын бэлиэтэ — мөлүйүөн күн тэҥэ знамята бүтүн сир түөһүн сырдатта». Оттон биһиги оҕолорбут үөрзниэх тустаахтар Лениннии «күн курдук сырдыырга, күлүгү кыйдыырга» (89—185, 343).
Олоҥхо кырасаабыссаларын оннуларьҥар, аны билигин саҥа олох тутааччылара комсомолкалар, колхозтаах хоһууттар күҥҥэ тэҥнэнэллэр. «Күн уота — Маайакам, сэгэрим, куотума, илдьэ бар, абыраа!» (89 —90)— диир үөрэниэн баҕарар батараак кыыс куораттан тыаҕа боломуочунайынан тахса сылдьар комсомолкаҕа. Оттон Кирилэ хараҕар колхозтаах доҕоро — Маайата «от мустара күн буолан устара» (24—64). Тыа дьоно, айылҕа оҕолоро, «күн уота, күөх салгын аргыстаах, килбиктик мичээрдээн», промышленноска рабочай кылаас кэккэтин хаҥата кэлэллэр (89—107).
Былыр туох үчүгэй барыта күҥҥэ тэҥнэнэр буоллаҕына, билигин хамначчыт, батараак, баттаммыт үлэһит норуот көҥүлү ылыыта, дьоллоох олоҕу аҕалбыт Улуу Октябрьскай социалистическай революция, Коммунис-тическай партия, кини сирдьитэ В. И. Ленин, Советскай былаас — бары күннэр.
Күн ордук чопчу, историческай көстүүлэри образтаан хоһуйууга үгүстүк туттуллар буолан иһэр. «Москвабыт күнүн уота Өлүөнэҕэ күлүмнээтэ» (32—284), «көрүөхтэн күндэлэс күн тыкпыт долгуйар Дьокуускай куоракка» (89—90), «күн куорат-бөһүөлэк күөрэйэн эрэрэ — көрүөххэ күндүтүөн!» Улуу өрүстэрбит — Лена, Бүлүү, Алдан — «көмүскэс санаалаах күн эбэлэрбит»; ГЭС рабочайа электричество уотунан «дьыбардаах хотугу халлааҥҥа киирбэт күнү күлүбүрэтэр» (94—77, 153, 171). Советскай конституция — «норуоппут күн сокуона» (89—130), герой олоҕо — «күн олох», эйэ диэн «күн тыл», алмаас — «күн тааһа», буорга кутан үүннэрэр сиэмэбит туорахтара — «күн кылабачыгас таммахтара» (13—51), «холоруктаах хоту да дойдуга коммунизм күн дьиэтин тутуллуо!» (94—-150),— дииллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр гитлеровскай фашистар «советскай күнү» хаххалыы, суох оҥоро кэлбиттэригэр бырааттыы норуоттар бука бары, биир киһи курдук, биилэрин-кылааннарын өрө күүрдэн, өстөөҕү утары турбуттара. Советскай буойуттар «биһигини кытта үрүҥ күн, биһигини кытта бүтүн аан дойду!» (5—7),— диэн кыайыыга бигэ эрэллээх кыргыспыттара, кинилэр өстөөх үрдүгэр күөрэппит ыстаал болотторо «күннүү күлүмнүүрэ», «ыстыыктарын уһугар сааскы күн оон-ньуура» (89—388). Советскай норуоттар кырдьыктаах, босхолонуулаах сэриини ыыталларын саха поэттара итинник сырдык образтарынан хоһуйбуттара. Оттон киһи аймах өһөгөйдөөх өстөөҕүн — гитлеров-скай фашизмы урусхаллааһын — хараҥаны халбарытыы, күнү таһаарыы: «Гитлер киэр үүрүллэн, киирбэт күн таҕыста!» «Албаннаах кыайыы, арылхай күн сырдыга буолан, айхалдаа айыы дьонун алаһа дьиэтин ааны-нан киирэн! Уруйдаа, урааҥхай саха уйгулаах остуолун оройугар тыган!» (23—86, 255), «көмүскээбит көмүс көҥүлбүт күн буолан күндээрэр» (55—72).
Күнү образка киллэрии аспега сзрии кэннинээҕи поэзияҕа ордук кэҥээтэ. Күнү араастаан тыыннааҕымсытан ойуулааһын үгүс. Арыт «күн кыһыл көмүс карс-тата: көрүҥ, эһиэхэ дьолу тиэйэн кэлэн иһэбин,— диир кэриэтэ, киэҥ халлааҥҥа килбэчийэр», арыт «Лена уутун кырсынан көмүс түөстээх көтөр буолан, күммүт дайан тахсар» (94—35,87); күөрэгэй сааһы хоһуйарыгар «күн көмүс струнатын тардар» (92—213). Күн арыт улуу үлэһит мөссүөнүн ылынар, «мин хотугу кыраайга хойутаан кэлэммин, кэрэ саас кэлэрин бытаарпыт эбиппин» (90—53),— диир уонна сылааһы-сырдыгы аҕала түбүгүрбүтүнэн барар. Күн арыт «таптал таҥарата —... сүрэхтэрбитин көмүс уот оҕунан ытыалыыр» (94—102). Күн үгүстүк дьахтар дьүһүннэнэр: «Күммүт сардаҥа былаатын күөх тыаҕа далбаатаата» (4—190); «кылбаа маҥан күннэрбит кыыстыы күлэн мичээрдэ» (32—109). Оттон Хара муора кытыытынааҕы Абхазия күнэ маннык ойууланар:
- Былыт хаххатыттан күн
- Быкпакка туран суунар,
- Соҕурууҥу ил тыалынан
- Соттордонон сотунар.
- Быыс күлүгэр олорор
- Былыргы саха кыыһыныы,
- Килбигийэн, кийииттээн
- Кистэннэҕэ баҕаһын. (76—24)
Туундара күнэ эмиэ уратылаахтык хоһуйуллар. Онно «күн көмүс хабдьы буолан, сыа хаартан быган көрөр» (17—255), биитэр «табаһыт уол буолан», халлаан саҕаҕынан сүүрэр (11—50).
Күн биһиги, советскай дьон, арахсыспат аргыспыт, биһиги олохпут суолугар кини мэлдьи тыгар. Дьэ ол иһин бэл куорат эргэ мас дьиэтиттэн саҥа сырдык таас дьиэҕэ көһөн киирээччилэр биһигини кытта «көһөн киирсиэ түннүгүнэн күлүм-чаҕыл күн уота» (89—538) диэхтэрэ. Поэт төрөөбүт Амматыттан Якутскайга диэри күннүүн «аргыстаспытын» ыллыыр.
- Аммабыттан сарсыарда
- Айан суолун тутарбар
- Аламайкаан күнүкэм,
- Аламаҕай кыыс курдук:
- «Арҕаа барар буолларгын, Аргыстаһыах!»— диэбитэ.
(32—292) Күнү таптааһын, күҥҥэ тардыһыы, күҥҥэ дьулуһуу былыр-былыргыттан билиҥҥээҥэ диэри (сирэйинэн да, тэгилитэн да өйдөөһүн буоллун) сахаҕа олус күүстээх. Өлбүтү күн диэки көрдөрөн көмүү былыргыттан үөскээбит. Оттон бүгүҥҥү поэзияҕа этиллэр: «мин өһөр да чааспар үөрэ-мичилийэ, Элиэнэм быраанын үрдүттэн эн тыгаар...» (92—236); «бэл хоруобум киирэр күн уотунуу кылбаҕар..» (13—10); «өлүүад мин —... күн курдук көстө киирэммин» (45—209).
Күнтэн күүс-күдэх көрдөһүү, саҥардылла-саҥардылла куруук эргийэн кэлэ турар матыып буолар.
- Оо! Аламай маҥан күн!
- Кулууй да эн миэхэ,
- Эн илгэлээх иэйиигэр кыттан*
- Кэрэни эрэ кэтирэтиэхпин,
- Сырдыгы эрэ сатыылатыахпын,
- Күүстээҕи эрэ көтүтүөхлүн —
- Сайар хааммар сылааскыттан,
- Саппах санаабар сырдыккыттан,
- Элэйэр эпгаэр эрчимҥиттэн.
- Күн суолун тэлэр
- Күтүр күүстэ,
- Дьол суолун тобулар
- Дьоһун дьоҕурда,
- Аламай маҥан күнүөм!
(19-4) Таптал күн уотун курдук күүстээх буоларыгар баҕарыы үөһэ этиллибит матыыпка уруулуу.
- Күөх халлаантан күүрэ тохтор
- Күн күндүл уота буолан,
- Көтөн тиийиий күндүкэйбэр,
- Сүрэх итии таптала. (92—365)
«Африка оҕото, күн уотун оҕото!» (45—297),— диэн итии дойду оҕотун сирэйинэн хоһуйар эбит буоллахха, «мин күн оҕотобун», «бэйэм күҥҥэ тэҥнээхпин», онон советскай дьоннор — күннэр диэн тэпилитэн этиилэр эмиэ бааллар (71 —12).
Манна коммунизмы тутар советскай киһи өйүн күүһүнэн, санаатын сырдыгынан, дууһатын ырааһынан күҥҥэ тэҥнэнэр. Оттон арыт кини туох баар этин-хаанын, оҥоһуутунан күҥҥэ дьүөрэлээх, күнтэн төрүттээх гына эгэлгэлээн этиллэр эмиэ түбэлтэлээх.
- Мин харахтарым күн курдук ып-ыраастар,
- Күн курдук мичээрдии көрөбүн...
- Мин сүрэҕим күн курдук ип-итии...
- Мин хараҕым уутун таммаҕа
- Күн курдук төп-төгүрүк,
- Мин көлөһүнүм күн курдук чаҕылхай,
- Мин хааным күн курдук тэтэркэй,
- Мин уон тарбаҕым — күн сардаҥалара...
- Күн курдук төгүрүк төбөбүн...
(13-8) Итини сэргэ күн элбэх диэн матыып баар. «Мин санаабар, күн элбэх... Биир күн көрөр саҕахха, сүрэххэ сүүс күн тыгар» (12—12).
Поэт Эллэй этэринии, «күннээхтик олоруу», «күнүнэн, сааһынан толору хоһооннору» айыы, «дьон аймах олоҕун күнүнэн толоруу», «күн курдук сырдыырга бар-дьону ыҥырыы» (92—235, 237),—дьэ бу буолар саха ноэттарын улууканнаах сыаллара, уруйдаах ырыалара.
Үөһэ эппиттэргэ олоҕуран, маннык быстах түмүктэри оҥоруохха сөп:
- 1. Сахалар бэрт былыргыттан күҥҥэ сүгүрүйэллэрэ, күнү таптыыллара, чиэстииллэрэ, күнү туохтааҕар да ордороллоро кинилэр ырыаларыгар-тойуктарыгар чуолкайдык көстөр.
- 2. Сахалар күҥҥэ сүгүрүйүүлэрэ, кинилэр төрүттэрэ соҕуруу, Киин Азия чугаһын диэки, олоруохтарыттан саҕаланан баран, Ленаҕа көһөн кэлэн олохсуйбуттарын устатыгар салҕанан барбыт. Күҥҥэ сүгүрүйүүнү тымныы климат кыһалҕата уһаппыт буолуон сөп.
- 3. Кэлин, ордук Советскай былаас буолбутун кэннэ, күҥҥэ таҥара курдук үҥүү, сүгүрүйүү уурайар, ол эрээри күнү саҥарар саҥаҕа, ордук ырыаҕа-тойукка, уус-уран айымньыга тэгилитэн, образтаан этии быһыы-тынан туттуу билигин да мөлтөөбөт. Күнү уус-уран дьүһүннээһин, ойуулуур ньыма быһыытынан туттуу поэзияҕа олус киэҥ уонна элбэх эгэлгэ өрүттээх. Манна көрдүөххэ сөп саха поэзиятыгар национальнай ураты биир суол көстүүтүн.