Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саас, сайын. Кыһын

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Күн Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Уот


Саас, сайын. Кыһын. Норуот сааһынан, сайынынан үчүгэйи ыралаабыта олоххо туолбута. В. И. Ленин уонна кини партията сирдээһининэн Россияҕа Улуу пролетарскай революция кыайбыта. Киһи киһини көлөһүннээһинэ эһиллибитэ. Аан дойдуга бастакы дьоллоох социалистическай общество үөскээбитэ. Ол сүҥкэн уларыйыыны саха поэттара хаһан да буолбатах дьикти саас, сайын кэлбитинэн образтаан хоһуйбуттара. Айылҕаҕа кыһын, саас, сайын, күһүн цикллара быыстала суох эргийэ тураллар. Саха сирэ син биир тымныытын курдук тымныы кыһыннаах. Ол үрдүнэн поэттар революция иннинэ олус тымныы, хараҥа этэ, оттон Советскай былаас буолбутуттан ыла эргиччи сайын кэллэ, сылаас, сырдык буолла диэн, общество олоҕо тосту тупсубутун тэгилитэн этэллэр.

Ыраахтааҕы былааһын саҕана Саха сирэ, А. Софронов хоһуйарынан, «халыҥ үлүгэр хаар бэргэһэнэн хаппахтанан», «сүүнэ үлүгэр мууһунан сөллүбэт гына сүгэһэрдэнэн турбута». Төрөөбүт айылҕа бүтүннүүтэ мэлдьи даҕаны «ытаабыт-соҥообут курдуга» (89—447). Оттон революция кыайбытын, баттал суулбутун, Советскай былаас барҕарбытын поэттар кыһын ааопытынан, сайын кэлбитинэн, сир-дойду сибэккинэн симэммитинэн дьүһүннээн хоһуйаллар: «норуот кыайда кырыыс муҥун... ийэ сирбит тымныы буорун сибэккинэн чэлгиттэ» (89—141); «муус кырыа бобо туппут сиригэр олох самаан сайына сатыылаабыта» (55—11). Олох сааһын аҕалааччынан улуу сирдьит В. И. Ленин буолар: «иитиллэр эбэбит Элиэнэ иэнигэр эриэккэс сааскыны эн, Ленин, эргиттиҥ» (32—198). Ленин анаан, сааһы аҕалаары, төрөөбүтүн курдук этиллэр: «Ленин бу сиргэ күөх сааһы аҕала — саас төрөөбүтэ»,— дэһэллэр сахалар (92—222). Сылааһы, сырдыгы аҕалааччынан Ленин знамята буолар: «улуу генийбит знамята тыйыс дьыбары ититэн, хатан уотунан чаҕыллар» (89—185). Ийэ сири күөҕүнэн чэлгиппит коммунист партията буолар: «эн биһи кыраайбыт чэҥ мууһун ириэрдиҥ, чоҥкуйбут тайҕаны күөҕүнэн чэлгиттиҥ» (8—117). Немец фашистара оккупациялаабыт сирдэрэ — кыһын, оттон оккупацияттан норуоттары босхолооһун — сааһы аҕалыы: «ханна кыһын — илгэ сааһы илдьэ барар герой сэриим» (89—331).

Туох үүнэр, үрдүүр, эдэр, чэгиэн барыта сааска холуллар. Комсомол — «хоту дойду кэхтвбэт кэрэ сааһа», коммунизм — «дьон-аймах көҥүл сайдар сааскыта» (89—422, 423); оҕо — «саппаҕырбат сандал саас» (9—174). Советскай киһи дьоллоох олоҕо «сааскылыы ылаарар», кини таптала, санаатын ырааһа эмиэ сааска, сайыҥҥа дьүөрэлээх. «Мин олохпор сааскы ылаа» (23 — 140); «тоҕо эрэ мин бүгүн санаатым эн биһикки тапталбыт сааскытын» (17—282); «...санаам сайынынан киэҥ аартыкка таһаарыам» (18—27).

Дьоллоох советскай киһи тас дьүһүнэ-бодото даҕаны сааскылыы ойууланар: «мичээрэр харахпыт — ымаҥ саас чаҕыла», «иэдэһиҥ — сааскы им сарыала» (89— 218, 300).

Кыһын мууһа, тымныыта уонна саас, сайын сылааһа общество олоҕун контраһын көрдөрөргө үгүстүк туттуллаллар. Советскай Союз олох күөх сааһа буоллаҕына, капиталистическай дойдулар олохторо хааннаах тоҥ булууска холуллар.

Кыһыны уонна сайыны кытта сэргэ күнүс уонна түүн, сырдык уонна хараҥа контрастаһаллар. Советскай былаас Саха сиригэр бастаан олохтонуутун утаата икки утарыта күүс охсуһуутун Эллэй бу курдук хоһуйбута: «онно күннээх түүн мөккүөрдэрэ турда, эргэ, саҥа охсуһан эрэллэр» (89—112, 81).

Аан дойду иккис сэриитигэр советскай норуоттар гитлеровскай фашистары утары кыргыһыыларын Т. Сметанин бу курдук көрдөрбүтэ: «хааннаах кыргыс хонуутугар хараҥалаах сырдык күүстэр хапсан эрэллэр» (55—7).

Сааһынан, сайынынан, сырдыгынан социализмы, коммунизмы, дьоллоох советскай олоҕу, туох баар үчүгэйи, үүнэри, үөскүүрү, прогрессивнайы, оттон кыһынынан, хараҥанан, түүнүнэн революция иннинээҕи оло-ҕу, туох баар батталы-атаҕастабылы, зргэни, хаалыылааҕы, реакционнайы символлаан көрдөрөллөр.

Тымныыны, мууһу, хаары образка туттуу суругунан литератураҕа улам кэҥээн, элбэх тэгилитиилээх ис хоһооннонон иһэр эбит. Урут үксүгэр «тымныы (муус) сүрэхтээх», «тымныы харахтаах», «тымныы тыллаах» диэн буолара. Ону поэттар «муус санаа», «муус толкуй», «сүрэх кырыаран чоҥкуйуута», «санаа чэҥэ» эҥин диэн сайыннараллар. «Чой орой болуо муус толкуйун тобулар ыар суол буолуоҕа» (93—211); «өр дьыллаах аһыы, кутурҕан ыар муус дьаакыр буолбута» (90—31); «санаам чэҥэ уулунна» (34—35).

Туохтан да иҥнибэт-толлубат хоодуот киһини «тоҥтон толлубат» дииллэрэ. Ити этиини дириҥэтэн, Эллэй сүүрбэһис сыллардааҕы Саха сирин бойобуой комсомолецтарын бу курдук бэргэнник характеристикалаабыта: «тоҥ буортан тохтообот, хомурах хаартан дьулайбат... хоодуот, хорсун, обургу...» (89—28). Хаһыҥ өлүүнү, кэхтинни дьүһүннүүргэ үгүстүк туттуллар. «Оҕолоргут олоҕун хаһыҥҥа оҕустарыаххыт дуо, ийэлэр!» (23—152); «хаарыан эдэр тапталбытын хаһыҥ букатын хаарыйбатах» (8—28).

Кыһын сылдьыбыт суолу хаар түһэн көстүбэт оҥорон кэбиспитин: «суолбун хаар саппыт»,— дииллэр. Итини поэттар киһи олоҕор сыһыаран, социальнай ис хоһоонноон тэгилитэн этэллэр. Холобур, Дьуон Дьаҥылы оҕо сааһа ааспыта ырааппытын, умнуллубутун маннык образтыыр:

Отоннуур, оонньуур,
Торбос уулаппыт,
Тоҥууну оймуур
Суолбун хаар саппыт. (23—154)

Оттон Эллэй хотугу норуоттар революция иннинэ быста-ойдо олорбуттарын икки бэргэн строканан биэрэр:

Тордоххо олорбут суолбутун
Көмөөх хаар көмөн испитэ. (92—206)

Ол эрээри «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат» диэн формула тымныыны эгэлгэлээн өйдүүргэ эмиэ тоҕоостоох. Тымныы климат куһаҕанын, олоҕу муомурдарын киһи барыта билэр буолан баран, онуоха кыайтарбатаххына, хата буһан-хатан, кииллийэн таҕыстаххына, кини эмиэ да сорох өттүнэн туһалаабыт эбит ээ диэҕиҥ. Итини өссө А. Кулаковскай бэлиэтээн турар.

Биһигини —
Хабараан тымныы
Хаарыйан-хаарыйан
Хатан харахтаабыта,
Уордаах тымныы
Мускуйан-мускуйан
Уһаарыылаах уҥуохтаабыта,
Кыыдааннаах тымныы
Кыһарыйан-кыһарыйан
Быстыбат тыыннаабыта. (43—141)

Ол курдук, тымныы кыһарҕанын абааһы көрүүнү таһынан, кэлин арыт тымныыны кыайбытынан-хоппутунан киэн туттуу матыыба советскай поэттар айымньыларыгар биллитэлиир буолла.

Түптэлэс тьшныылаах дойдуга төрөөммүн,
Төлөннөөх сүрэхтээх буолбутум буолаарай?

(92-245)

Социализм үйэтигэр биһиги тыйыс кыраайбыт тымныытын кыһарҕана мөлтөөбүтүн курдук туойуллар.

Аны, кыһын баар да буоллаҕына, ону хайҕаан, үчүгэйин арыйан хоһуйуу барар. Урут кыһыны наар абааһы көрөр, мөҥөр эбит буоллахпытына, аны арыт хайгыыбыт, таптыыбыт даҕаны.

Бэл кыһынын саха сирэ
Миэхэ күндү буоллаҕа.
Үллүк хаардыын, түүннүүн кэрэ,
Үп-үрүҥ да мап-маҥан. (23—155)
Кыһьйгҥы киэһэ, оо, кэрэтиэн,
Туус маҥан былаата тэлээрэн,
Доҕорум үҥкүүлээн эрэрин
Санатта хаары тыал күдээрдэн. (78—82)

Биһиги поэзиябытыгар кыһыҥҥа сыһыан уларыйбыта төрүттээх. Аас-туор, бары өттүнэн хаалыылаах олоххо кыһын кыһарҕана ордук улаатара, кыһын дьадаҥыга куһаҕаны эрэ аҕалара, ол иһин кыһыны сирэллэрэ, общество олоҕор туох куһаҕаны, өстөөҕү барытын тымныынан, кыһынынан, мууһунан дьүһүннээн этэллэрэ сөп этэ. Оттон социализм үйэтигэр, оҥоруулаах күүстэр барҕара сайдар көҥүл-дуол олохторугар тымныы кыһарҕана быдан аччыыр, ол иһин төрөөбүт айылҕаны толорутук таптааһын (ол иһигэр кыһыны эмиэ таптаа-һын) чувствота үөскүүр.

Кэнники кэмҥэ саха поэзиятыгар хаары араастаан хоһуйуу, образка киллэрии элбээтэ. Хаар — үрүмэччи, туллук, кыталык, куба, хопто; хаар—таба; хаар — минньигэстэн минньигэс, сылаастан сылаас, сымнаҕастан сымнаҕас, ыраастан ыраас, сырдыктан сырдык:

Үрүмэччи буолан хаар ыһыллар,
Туллук буолан хаар бураллар. (45—206) 82
Хаар!
Сүөгэй күүгэнэ хаар,
Мип-минньигэс хаар,
Сып-сылаас хаар,
Эн — туллуккун,
Эн — хоптоҕун,
Эн — кынтайар кыталыккын,
Эн — кылбаарар кубаҕын!
Эн сырдыккын, ырааскын
Мин сүрэҕим ылыахтын,
Эн бараммат ырыаҕын
Мин дууһам ыллыахтын!

(73-281)

Таптал, дууһа ырааһа, сырдыга, ырыа, хоһоон үчү-гэйэ хаарга тэҥнэнэллэр.

Тапталбыт хаар курдук сырдыга,
Дууһабыт хаар курдук ырааһа. (15—21)
Хаар курдук чэпчэки ырыаҕын
Мин таала истэбин, Чачаани,
Хаар курдук сып-сырдык ырыаҕын,

Чачаани! (17—259)

Хойутаан айбыт хоһоонум
Сибиэһэй, эдэр хаар буоллун.

(69—3)

Бу үөһэ этиллибит холобурдар төрөөбүт айылҕаҕа ылларыы, таптал социализм кэмигэр ордук күүһүрэрин, ордук толору буоларын, оттон батталлаах үйэҕэ үлэһит киһи төрөөбүт айылҕатын ситэри таптыыр кыаҕа суоҕун туоһулууллар.

Төрөөбүт дойду арай кини өстөөхтөрүгэр куһаҕан өттүнэн дьайарын поэттар хоһуйаллар.

Төрөөбүт дойдум...
Оттон эн өстөөххө —
Туманнаах тохсунньу
Чысхааннаах киэһэтин
Дьыбара буолаҕын.

(77—45)