Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Көмүс, тимир уо.д.а.

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саһыл уо.д.а. Эһэ. Бөрө. Таба уо.д.а. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Кэнники киирбит дьүһүннээһиннэр


Көмүс, тимир уо. д. а. Суругунан поэзияҕа даҕаны туох үчүгэй бука барыта «көмүскэ» холуллар. Элбэхтэн сорох холобурдары аҕалтыаҕыҥ.

Күн — көмүс кытыйа, көмүс сымыыт, көмүс куба: «көмүс кытыйалыы ойдо күн» (64—26); «күдэрик уҥуор халлааҥҥа көмүс сымыыт күн ойор» (65—28); «күн көмүс кубалыы долгуйда» (32—106).

Ый эмиэ көмүс диэн эпитеттэнэр: «илин халлаан арҕаһын көмүс ыйым кэрийдэ» (65—64).

Күһүн — көмүс, көмүс атынан көтүтэр: «бу дьогдьоот күһүммүт көмүһүн бүгүҥҥү эдэр саас күллэрдэ» (17—280); «көмүс атынан көтүтэн ааста күлүм-чаҕыл күһүммүт» (70—22).

Күһүҥҥү көтөҕө көмүс: «эн атаҕыҥ анныгар көбүөр — көмүс көтөҕө» (18—99).

-«Көмүс күһүн», «көмүс илии» диэннэргэ нуучча этиилэрэ сабыдыаллаабыт буолуохтарын сөп (золотая осень, золотые руки). Арай олоҥхоҕо Айыы Нуоралдьын «бабыа көмүс ытыстааҕа» хоһооҥҥо киирэрэ. Оттон билигин советскай дьон быйаҥы орҕорор «кыһыл көмүс илиилээхтэр».

Өрүс уута, сүүрүгэ — көмүс. «Лена көмүстүү сүүрүктүүр»; Лена уута айанньыт иннигэр «кыһыл көмүс суол буолан кутуллар» (89—119, 231, 291), кинини «күн оонньуур көмүс далаһата» (76—15) диэн эмиэ ааттыыллар. Үрүччэлэр «сүүрүк көмүс тылынан» ыллыыллар (17 —19). «Үрүҥ көмүс бырдаатынан ыһыахтана оонньуур фонтан» (4—317). Күн сырдыга көмүстээх: «сааскы күн көмүстээх сырдыгын чаҕыла үрдүбэр тоҕунна» (32—62).

Көмүс диэн эпитет сибэккигэ эмиэ туттуллар: «быраһаай, мин күндү Сэргэлээҕим, күөх халлааным, көмүс сибэкким» (95—88).

Поэттар айар музаларын кыната — көмүс:
Биирдэ иэйэр Муза көппүтэ
Сайсары киэҥ тулатынан,
Эргэ хомус тылын тарпыта
Алҕас көмүс кынатынан. (65 — 293)

Күөрэгэй тойуга — «көмүстээх», Кавказ хайаларын төбөтө — «көмүстээх» (32—84, 151). 110

Кремль сулуһа «кыһыл көмүс кыымнарынан кытыастар» (7—193). Бааһынаҕа буспут сиэмэ куоластара көмүһүнэн күлэллэр» (23—107). «Кыһыл көмүстүү помидор кытыастар» (93—224).

Киһи ырыата, санаата, сүрэҕэ — көмүс. Ленин «үтүө сүрэҕэ көмүстээҕэр ыраас этэ» (82—25), — дииллэр. Итини тэҥэ «көмүс көҥүл кэллэ», «оҕо саас көмүстээх күннэрэ», «көмүс күннээх эдэр саас» диэн этиилэр бааллар.

Көмүстэн ураты тимир, алмаас, чөмчүүк уо. д. а. дьүһүннээһиҥҥэ туттуллаллар. Кылаас охсуһуута ерө күүрбүт кэмигэр аан дойду «кытарбыт тимир курдук, кыыһа ыгыстыбыт ньуурданар» (36—92).

Поэт тыла — ыстаал, алмаас. В. Маяковскай «ыстаал, алмаас тыллары кылапаччытан, ытыс муҥунан ылан, ыччат сүрэҕэр ыһыахтыыра» (89—192).

Үлэһит норуот үйэ-саас тухары үрүлүйбүт көлөһүнэ «алмааска кубулуйбутун» лирическэй герой бу курдук этэр:

Мин тоҥ буору тобулу
Түспүт ыар көлөһүнүм
Алмаас таас буолбут.
(12—37)

Арыт кини көлөһүнэ эрэ буолбакка, хараҕын уута кытта холбоһон алмаас буолар:

Тоҥмут-хаппыт сордоох эргэ кэмҥэ
Тохпут икки хараҕыҥ уута,
Иэнинэн сүүрбүт көп көлөһүнэ
Сиргэ иҥэн, алмаас буолбут. (94—154)

Бу этиилэргэ норуот уһун үйэтигэр эрэйдэммит эрэйэ, кыһалҕата, охсуһуута, үлэтэ хаалаи хаалбата образтанар.

Харах уута — чөмчүүк: «Чурумчуку чоҕул хараҕын уута чөмчүүк курдук тохтор» (89—252).

Поэт бастыҥ ырыата — көмүс чөмчүүк: «ыстарбыан эн долгуннаргар ырыа көмүс чөмчүүктэрин» (55—93).

Манна икки хос дьүһүннээһин баар. Поэт бастыҥ, күндү ырыата чөмчүүккэ тэҥнэнэр, оттон ол көннөрү чөмчүүк да буолбатах — «көмүс чөмчүүк», а. э. чулууттан чулуу чөмчүүк.