Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Сылгы. Ынах. Оҕус

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Хайа. Былыт Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Ыт. Тыа (мас). Сибэкки


Сылгы. Сылгынан дьүһүннээһин суругунан литератураҕа чуолаан поэзияҕа син биир фольклорга туттулларын курдук майгылаах буолан баран, ис хоһооно уларыйар, кэҥиир, дириҥиир. Холобур, урут «уу испит сылгы курдук», «ууга түспүт сылгылыы» диэн образтааһыннар чопчу биир киһиэхэ, киһи туругар сыһыаннанар эбит буоллахтарына, Кыһыл Ойуун: «орто туруу аан ийэ дойдубун одуулаан көрөн турдахпына, уу испит сылгы курдук, уһуутуу-уһуутуу хаанынан ытаан,.. төлөнө күндээрэн умайан эрэр»,— диэн этэригэр пролетарскай революция эпохатын көрдөрөр сөҕүмэр образ ойууланар. «Ыллым мин ындыыһыт ат ыатаран кыайбат ыйааһыннаах ыйааҕы» (8—211) — бу эмиэ фольклортан атыннаах. Манна поэт олус суолталаах «ыйааҕы» (бэбиэскэни) туппутун туһунан этэр. Норуот ырыатыгар «ат таппат аньыыта» (буруйа), «эдэр сылгы кэдэлдьийэр сиһэ уйарынан кэһиилээх» (кэпсээннээх) кэллим дииллэр этэ.

«Хойуу сиэл курдук былыт» (90—18), «атыыр сылгы сиэлин курдук былыт тараадыйар» (4—404) диэн этиилэр фольклорга чугастар, ол эрээри адьас үкчү буолбатахтар. Олоҥхоҕо «күрэҥ сылгы сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук күөх маҥан былыт» (10—479) диэн этии баар. Оттон «бороҥ ат — былыты миинэннэр, этиҥнэр кымньыылаан эрэллэр» (94—101) диэн этии балачча сонун. Норуот ырыатыгар ат бүтүн бэйэтэ былыты дьүһүннээһиҥҥэ туттуллубута биллибэт, хата ол кэриэтин сылгы тириитэ былыкка үгүстүк холуллара: «тыстаах баттахтаах маҥан сылгы тириитин тиэрэ тарпыт курдук, түөлбэ маҥан былыт» (41 —134). Сылгы сиэлэ адьас саҥа көстүүнү дьүһүннүүргэ туттуллар түбэлтэлээх. Революция кыайан сир-дойду бүтүннүүтэ кыһыл былааҕынан киэркэйбитэ сэлиик ат сиэлигэр дьүөрэлии буолар. «Сэлиик ат сиэлэн иһэр сиэлин курдук, аан дойду үрдэ кыһыл симэҕинэн киэркэйдэ, кыһыл былааҕа кытара тэлээрдэ» (30—27).

Сылгы төбөтө, кулгааҕа, көҕүлэ, туйаҕа уо. д. а. суругунан поэзия дьүһүннэзһиннэригэр змиэ киирзллэр. «Алаастара кулун туйаҕыныы төгүрүк» (13—14), «үргүүк кулун кулгааҕыныы, үөт сэбирдэҕэ сэгэҥниир» (70—15), «күөх ойуур көҕүллээх сыырдарыҥ өйбөр этэллэр үгуһү» (4—213), «сылгы баһын саҕа бөдөҥ дынялар сылаас буор сиргэ сыламныы сыталлар» (93 —224). Бу айылҕа көстүүлэрин дьиҥнээх сахалыы өйдөөһунтэн тахсыбыт этиилэр. Киһи баттаҕын «көҕүл» диир буоллахпытына, кырдьыга, сүүс курдук чөмчөөрүйбүт үрдүк сыырдар тоҕо «күөх ойуур көҕүлэ» суох буолуохтаахтарый? Биһиги урут күлүүһү, хататы сылгы баһыгар тэҥниирбит. Оттон бу саҥа билбит дынябыт бөдөҥө, быһыыта ньолбоҕоро сылгы баһыгар холоноро балайда бэргэн. Ити курдук биһиги саҥа көстүүлэри хоһуйарбытыгар бэйэбит урукку, традиционнай образтарбытын туттабыт.

Поэттар образтааһыҥҥа кулуну үгүстүк киллэрэллэр. Кулунчук — от, хаар, үөрүү. «Улаан биэ оҕото — кулунчук курдук, утаппыт отторбут чалбахтан уулууллар» (89—54), «кулун курдук хаар кистиир мин атаҕым анныгар» (18—108), «сааскы үөрүү сылгыһыкка кулун буолан сиэллэ» (24—25). Кэнники хоһооҥҥо сылгыһыт сааскы үөрүүтэ көстөн турар гына арылхайдык ойууланар.

Аны маннык холобурдары ылыаҕыҥ: «бу ытыс буор хас тоорохойдоро, килэриччи уойбут хаҥыл сылгы буоланнар, барылаччы тыбыыраат сырсан лиһигирэһэллэр»; «күрүөҕэ хааллыбыт атыырдыы тиргиллэ көөнньөр кымыһы...»; «мин айан атыныы кырыарбыт балаҕаным дьагдьайан титирии-титирии бабыгырыыра»; «мин сүрзҕим күн аайы айан атын курдук күүгэн аллар» (70—24, 25, 48, 67).

Ийэ буор тоорохойдоро, көөнньүбүт кымыс, кырыаны бүрүммүт балаҕан, поэт сүрэҕэ — хаҥыл сылгылар, атыырдар, айан аттара. Бу романтическай күүрүүлээх саҥа гиперболическай образтар үөскээбит силистэрэ син-биир норуот айымньыта буолар, ити образтар син-биир норуот көрүүтүгэр, норуот өйдөөһүнүгэр олоҕураллар. Бу хоһооннор көҥүл хоһоон (свободный стих, верлибр) нуорматынан суруллубуттар. Манна аллитерация да, силлабика да баара чуолкай көстүбэт, дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин тыл этигэнэ солбуйар.

Өрүс, өрүс сүүрүгэ, долгуна, өрүс эстиитэ — барыта эмиэ атынан, сылгынан образтанар. Поэт күүстээх сүүрүктээх төрөөбүт өрүһүн аллаах ат ахсым айаныгар холуур:

Аллаах аттыы сиэллэрэн,
Айанныыра өрө көтөн,
Табыйталаан туһүөлүү
Таастаах бардам Бүлүү.
(45-31),

Долгун быһыытын-таһаатын, тыаһын сылгынан дьүһүннээн хоһуйуу:

Үөр атыырын үрүҥ сиэлинии
Өрүкүйэр күүгэн арҕастаах
Дьохсооттуу, оргуйа, кистии
Долгун долгуну батыста. (17—312)

Долгун омуна, оонньохолооһуна «кулун курдук» (89—42).

Өрүс эстиитин «сиэлин-кутуругун сиксийэн айанныыр» олоҥхо атынан дьүһүннуүллэр, кини «муус кыаһаанынан бурҕайа илгистэр, чэҥнээх арҕаһынан дьигиһийэ титириир» (55—94).

Бу холобурдарга фольклор хоһуйар үгэстэрэ айымньылаахтык сайыннарыллаллара көстөр. Былыр өрүһү атынан дьүһүннээһин соччо суоҕа, баар да эбит буоллаҕына, билиҥҥитээҕэр атыннык этиллэрэ. Холобур «үүт кэрэ сылгы сиэллээх-кутуругун үллэрэ туппут курдук... үс үөстээх үүт үрэх» (10—21), — дииллэрэ.

Саха поэзиятыгар өрүһү сылгынан көрдөрөр эбит буоллахтарына сорох литератураларга хахайынан, тигринэн, драконунан уо. д. а. дьүһүннүүллэр; ол кинилэр национальнай уратылара буолар.

Биһиги поэзиябытыгар ат көнтөһө, үүнэ, тэһиинэ, ыҥыыра уо. д. а. тэриллэрэ дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ элбэхтик кытталлар.

Айан атын көнтөһүй
Айгыраччы тунпуттуу,
Арҕаа тыаны туһаайан
Аартык суола тыргыллар...
Ыҥыыр быраантан быганнар
Ыраах хочолор түөстэрэ
Ыҥыра, долгуйа хаалаллар. (55—60, 63)

«Күөгэйэр күннэрим көнтөһүн тутуһан, күннүктээн күөх сирбин көрүөлүү турдум» (89—210), «күн анньщ көҥүлүн көнтөһүн тутуохпут» (32—96), «бэлэм буол, эдэр дьон, дэлэй дуол дьылларга бэрт элбэх саҥа дьол тэһиинин тутарга!» — дииллэр поэттар. Урут «арҕаһыттан (көхсүттэн) тэһииннээх айыы аймахтара», «тор тэһииним тардылынна», «тэһиин тутан көрүстэ» диэн этиллэллэрэ, оттон «көҥүл көнтөһө», «дьол тэһиинэ» диэннэр аныгы үйэҕэ сөп түбэһиннэриллэн, саҥардыллыбыт образтааһыннар буолуохтарын сөп. Итини таһынан өссө «тимир килиэ аттары тэһиин тутан сиэллэрдим» (89—202, 342), «үрдүк үөрэх, техника тэһииннэрин тутаммыт» (94—157) диэн этиилэр бааллар. Итиннэ үөрэҕи, науканы сайыннарыы, техниканы баһылааһын образтаан этиллэр.

Суругунан поэзияҕа атынан абстрактнай өйдөбүллэри дьүһүннээһин үгүс. Норуот ырыатыгар «соноҕос атыыр курдук дьол-соргу улаатта» (75—70) дииллэрэ. Дьол өйдөбүлэ уларыйбытын кэриэтэ, кинини атынан дьүһүннээн көрдөрүү эмиэ уларыйар: «ньиргийэр ньаргыйар эбэккэм-куоратым,... силлиэрэр уот кугас сиэллэрдээх дьол атын сэриигэ мииннэрбэр биэрбитиҥ» (89— 170).

Манна ат — көҥүл, социалистическайдыы олох, сайдыы иһин охсуһуу дьоло, революционнай өй-санаа уһуктуутун, ситиитин дьоло. Ити тэҥэ ахсым ат — эдэр саас: «көрдөөх эдэр сааспыт биһиэнэ ахсым ат кэриэтэ ааспыта» (17—279)..

Аллаах аттар — сыллар: «тиэтэй, тиэтэй, түргэтээ дэһэбит сыллары — аллаах аппытын» (98—14).

Ат — ахсынньы-тохсунньу тымныыта (норуот айымньытыгар «тымныы оҕуһа», «тымныы муоһа» диэн баара): «саҥа дьылбыт ата — тымныы, тэлгэһэҕэ аҕылыыр» (55—145); «айаас ат курдук тыбыыран, ахсынньы силлиэнэн тыынар» (79—202).

Хаҥыл ат — сэрии: «сүрэх билэр... сэрии айаас хаҥыл атынан стептэри туоруурбун» (97—42). Кынаттаах аттаах бухатыыр — Советскай Армия: «кынаттаах аттаах бухатыыр курдук, аатыран турдуҥ, модун уохтаах Советскай Армия» (89—409). Образка аты киллэрии аспега улам кэҥээн иһэр уонна саҥаттан саҥа объекка көһөн иһэр. Ону өссө маннык холобурдартан көрүөххэ сөп. Кырдьаҕас, сылайбыт поэт — ырбыт ат: «мин ырбыт аттыы ынчыктыы турабын...» (58—431).

Хоһооннор — соноҕостор, кулуннар: «хоһооннорум — мин улгум соноҕосторум!» (17—453); «хонууга төрөөбүт хоһооннорүм, кулун курдук чэбдик буолуҥ!» (4-241).

Хоһоон табыллыыта — «ат мүҥунан ыстаныыта» (45—282).

Аллитерация, рифма — аттар: «рифманы миҥэлэнэн, аллитерация аттанан... дойдубутун булбуппут» (32— Маны таһынан, трактор — ат: «билэҕизн, трактор аттанан," Маайыстаан дьол туһун ыллыырын?!» (33—72). Автомобиль — аллаах ат: «аллаах аппыт — авто сүүрдэ» (89—471).

Самолет — кынаттаах ат: «күндү ыалдьыттарбыт, айаннаарыгыт көтөр кынаттаах аккытын көмүс ыҥыырынан ыҥыырдаатыгыт» (95—60). ГЭС — кынаттаах ат, уот сиэллээх бухатыыр ат: «кынаттаах аттыы кынтайан, таас дамба, Бүлүүнү саптыҥ, аны көрүөхпүт табыйан, эн ууттан уоту саҕаргын!» (94—168).

Спутник — кулунчук: «кугас кулунчук ийэтин тула күн-түүн иҥэрсийэ сүүрэр үһү?» (47—11).

Аты айааһааһын, миинии — айылҕа күүһүн баһылааһын, туһаныы: «айылҕаны ат оҥостон мииниэҕиҥ, киппэ тэһиини киниэхэ кэтэрдэн!» (89—420). Үөһэ этиллибиттэргэ олоҕуран маннык түмүгу оҥоруохха сөп: Сахалар быдан былыргыттан сылгы сүөһүлэммиттзрэ кинилэр кэпсэтэр тылларыгар, итэҕэллэригэр, үгэстэригэр, ырыаларыгар-тойуктарыгар көстөр. Сылгынан дьүһүннээһин суругунан поэзияҕа эмиэ салҕана турар, аспега кэҥээн иһэр уонна саҥаттан саҥа объекка, көстүүгэ көһөн иһэр эбит.

Ынах. Оҕус. Ынах сүөһү суругунан поэзия дьүһүннээһинигэр салгыы туттулла турар. Кини арыт образка, тэҥнэбилгэ киириитэ уруккуттан уларыйбатын кэриэтэ. «Бииргэ булкуһан улааппыппыт бургунас ынах муоһунуу»; «ынах ханнын саҕа ыар сымара таастары муора баала баллырҕаччы саайталыыр» (4—178, 223).

Ол эрээри суругунан литератураҕа сүөһүнэн дьүһүннээһин фольклортан уларыйыылааҕа үгүс. Эллэйгэ маннык этии баар: «Муустаах муора буурҕаны, силлиэни муус оҕус оҥорон атаарар» (94—147).

Манна поэт, тымныы былыргы мифическэй обраһын туһанан, саҥа обраһы айар. Ити курдук норуот былыргы уус-уран дьүһүннээһиннэрэ мэлдьи уларыйа, сайда, кэҥии тураллар. Холобур, «ыанньыйыы» диэн былыргыттан этиллэр тыл баар («былыт ыанньыйда» — былыт ыаһаата, хойунна, «санаа ыанньыйда» — санаа түмүлүннэ). Ити тылы поэттар айар күүрүүлэрэ киирбитин бэлиэтээн этэргэ образ оҥостоллор: «ыанньыйбыппын тоҕо ыатым» (33—101).

Былыр «мөккүөр бөҕө мөҥүрээтэ» диэн, бэрдэ буоллаҕына, тус туспа биистэр икки ардыларыгар үөдүйэр иирсээннэргэ сыһыаннаан этиллэрэ эбитэ буолуо, ону поэттар общество олоҕор кылаас охсуһуута муҥутуур тыҥаабыт туһааннаах историческай быһыытын-майгытын дьүһүннүүргэ тутталлар. Ойуунускай Кыһыл Ойууна Оруос Баайы (ол аата, батталы) суох гынарга мөккүөрү «мөҥүрэтэр» (38—117).

Ойуунускайга мөккүөрү соҕотох ойуун «мөҥүрэтэр». Оттон Т. Сметанин хоһуйуутугар гитлеровскай талабырдьыттары утары турбут Аҕа дойду Улуу сэриитэ — бу «айдаан бөҕө айаатаабыт алдьархайдаах кэмэ, мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит мүһэргэннээх кэмэ» (55—8).

Биитэр «кытарахтаан аһыыр», «оҕус гынан көлүнэр», «мунну үүттүүр, бурҕалдьы кэтэрдэр» диэн этиилэри ылыаҕыҥ. Балар эмиэ суругунан литератураҕа суолталара улаатар, дириҥ ис хоһоонноҥор эбиттэр. А. Е. Кулаковскай империалистическай державалар кыра омуктары харса-хабыра суох көлөһүннүүллэрин, баттыылларын-үктүүллэрин бу курдук образтаан этэр: «оччугуй омук сордоохтору оҕус гынан көлүнээри.., кыраай айыы саҥнаахтары кытарахтаан аһаары кырпатаҕа буолбуттар» (43—116).

Ойуунускай айымньытыгар хамначчыт: баайдарга «кунан оҕус буолан көлүллүбүтүм», — диир (36—78). Эллэй хоһоонугар этиллэринэн, гитлеровскай фашистар Советскай Аҕа дойдуга «мунну үүттүүр, бурҕалдьы кэтэрдэр сыаллаах» сэриинэн саба түһэллэр (89—285). Оттон Т. Сметаниҥҥа маннык дириҥ образтааһын баар:

Хампы барбыт хара бурҕалдьыны
Хаанынан силимнээн хат кэтэрдээри,
Киһи аймах дьэбинэ, аад тыына
Кирээстээх илиитин сүрэхпитигэр уунна.
(55 — 11)<poem>

Улуу Октябрь хампарыппыт хараҥа батталын, сордоох-муҥнаах олоҕун, норуот хаанын тоҕон туран, хат эргитэргэ соруммут киһи аймах сайдыытын кэҕиннэрэр фашистскай күүстэр Советскай Союһу эһэр сэриинэн киирбиттэрин поэт бурҕалдьынан дьүһүннээн хоһуйбута ааҕааччыга бэркэ тиийэр.
«Оҕус гынан көлүнүү» — айылҕа уорун уҕарытыы. П. Тулааһынап советскай дьон айар-тутар үлэлэринэн тыйыс айылҕаны сымнаталларын «хоту дойду холоругун кунан оҕус гынан көлүннүбүт» (77—44), — диэн дьүһүннүүр.

Норуот айымньытыгар хайалары, олоҥхо бухатыырдарын, олоҥхо дьиэтин, оһоҕун, холумтанын, Кытай Бахсылааны кыстыгын уо. .д. а. атыыр оҕуһунан дьүһүннүүллэрэ. Суругунан поэзияҕа оҕус олох атын предметтэри, чуолаан техника көрүҥнэрин, хоһуйарга туттуллар буолла. Холобур, паровозтар — «модун моойдоох боробуос оҕустар» (43—199).

Техниканы дьүһүннүүргэ муос эмиэ туттуллар. Холобур, булуук тутааҕа — кини муоһа: «эриһэриҥ күнү быһа булуук өһөс муоһунуун» (34—71).

Оҕуруот астарын ньирэйдэргэ холуйуу сүөһүнэн дьүһүннээһин аспегын эмиэ кэҥэтэр:
<poem>
Кыһын хотоҥҥо хойдубут ньирэйдэр
Саас күөх хонууга мэччийэ бараллар.
Дьиэҕэ сир астара син ол кэриэтэ,
Симсэ үүнэннэр, сыһыыга тахсаллар.
(93—224)

Оҕуһунан, ынаҕынан дьүһүннээһин кэлин өссө элбээн иһэр диэхпитин баҕарабыт. Иван Гоголев «Уу оҕуһун муоһугар суруктар» диэн айымньытыгар итинник дьүһүннээһиннэри бэрт оригинальнайдык туттар эбит. Поэт тыла оҕус быччыҥын күүрүүтүгэр, ынах хараҕын сылааһыгар тэҥнэнэр: «тардыылаах оҕус холун быччыҥын курдук, чыҥкынас чиҥ буоллуннар мин тылларым, саҥа төрөөбүт оҕотун салыы турар бургунас ынах хараҕын курдук, сылаас буоллуннар мин тылларым».

Күөллэр — томуйах харахтара, кырдаллар — ынах сириннэрэ. Урут биһиги литературабытыгар маннык тэҥнээһиннэр бааллара биллибэт: «күөллэрэ томуйах хараҕыныы харааччы одуулууллара», «ыанньыйбыт ынах синньин курдук томтоҕор кырдалга» (13—7, 14, 15).