Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Ыт. Тыа (мас). Сибэкки
Ыт. Суругунан литератураҕа даҕаны ыт наар куһаҕаны дьүһүннүүргэ туттуллар.
Бандьыыттар — «баай кутуруга хааннаах ыттар!» (24—84).
Фашистар — «хааннаах ыттар» (89—322); «киһи аймахха Гитлер ыт саҕа ким баарай кутталы оҥорбут?» (23—207); империалистар — «сэриинэн иирбит ыттар» (84—62).
Биир тылынан эттэххэ, рабочай кылаас, советскай норуот өстөөхтөрө бука бары — «ыттар».
Тыа (мас). Эдэр, күөх тыанан (ойуурунан) саҥа советскай көлүөнэ ыччат халыҥ кэккэтэ дьүһүннэнэр.
Умайан охтубут мастары солбуйа Хойуу мас үүнэн, ойуур тыа тилиннэ. Коммуна олоҕун уһанар, хоһуйар Ыччат бэрдинэн Ийэ сир киэргэннэ. (89 — 498)
Үөр таба муоһа — тыал түспүт ойуура: «адаар муос аалыҥныы хамсанан, тыалырар ойууру санатар» (92— 212). Хойуу ыстыык — ойуур: «ыстыыктар, ойуур курдук, салгыҥҥа адаарыһаллар» (65—263). Тыа — муора: «мутукча ойуурум муората тыалтан суугунуу тыаһыыр» (4—251). Тыаҕа ыллык үктээһин — олох олоруу: «дойдум' ха-ра тыатыгар ыллык сыыһын таһаарыым» (45—196).
Киһи сылдьыбатах ойуурун туорааһын — литератураҕа бастаан суол тыырыы. А. Софронов поэт П. Черных туһунан этэр: «эн... ким да туора хаама илик нуудара ойуурун туораан хайҕаттыҥ» (65—115).
Тыытылла илик тыа мастара — поэт айылла илик ырыалара:
Тыытылла илик тыа Лиҥкир хара мастара — Айылла илик ырыам Симик дуорааннара. (34—58)
Тиитинэн, хатыҥынан, талахтарынан дьүһүннээһин суругунан поэзияҕа, аҕыйыахтааҕар, элбиир. Былыргы үгэһинэн хатыҥнар — кыргыттар, тииттэр — уолаттар: «самантан аллараа үҥкүүлээн дыгыйар маҥан туос чуккулаах мааны кыыс — хатыҥ» (92—114).
Ол хатыҥ тиит мастыын сиэттиһэн Эниэни дабайан иһэллэр. Сиһиктэр, талахтар силэллэн, Эҕэрдэлии наскыһан эрэллэр. (25 — 6)
Күһүҥҥү хахыйахтар — «саһархай сараиааннаах кыргыттар» (98—73). Хатыҥнар — кубалар: «тумарык быыһынан кубалар курдук туналыһан көстүбүттэрэ дойдум туус маҥан хатыҥнара» (67—40). «Хатыҥ туоһун сылга иккитэ хастыыллар үһү» диэн «ыраахтааҕы суолун» туһунан таабырыны туһанан, баай дьадаҥыны баттыырын дьүһүннүүллэр: «хатыҥ туоһунуу хастыыллар хамначчыты баай ыаллар» (89— 435). Талахтар, титириктэр, бэрдьигэстэр — оҕолор:
Түү бэргэһэлээх, мааны Оҕолору санатан, Маҥан, намчы баатаны Талах кэтэн наҥнайда. (92—217)
Ийэлэрин кытары киирэннэр Сааскы борокуоту көһүтэр Саллаат оҕолорун кэриэтэ, Бэс титириктэр бэйбэриһэ Тэҥкэ тииттар иннилэригэр Тэҥҥэ үүнэн киирбиттэр. (55—63)
Арыт бэстэр «кыргыттар» буолаллар: «колхоз ходуһатыгар киирэн иһэр кыргыттар курдук, сайбарыспыт бэс мастаах үрүйэ» (2—78). Үүнэн турар маһынан киһи олоҕун, эрэйин-кыһал-ҕатын, санаатын-оноотун көрдөрүү үгүс. Революция ин-нинээҕи саха дьадаҥыта иччитэх кураайы толооҥҥо со-ҕотоҕун үүнэн муҥнанар хахыйахха холуллар. Оттон дьадаҥы тулаайах оҕо, «тааска хатаастан үүммүт бэс-тии», «буурҕа тыаллыын өрө тустар» (92—77, 231). Олох, охсуһуу үөһүгэр олорбут поэт бэйэтин «куруҥ маһынан» дьүһүннэнэр: «Бустум-хаттым, кииллийдим» (4—196), — диир.
Доҕордуулар өр арахсан баран көрсүһүүлэрэ тииттэринэн дьүһүннэнэр: «силлиэ тыал олуһа силэйэ оон-ньообут тииттэрэ, тыал сэллээн, эмиэ дьэ куустуһа тү-һэллэрин курдук, куустуһа түстүлэр» (91 —109).
Сибэкки арааһын уус-уран дьүһүннээһиннэргэ кил-лэрии суругунан поэзияҕа олус элбэх. Кыыһы, дьахтар кэрэтин сибэккигэ, ордук ньургуһуҥҥа, сардаанаҕа, ал-тан окко уо. д. а. холуйуу суругунан поэзияҕа үгүс.
Сайын оҕуруокка үлэлии сылдьар колхоз дьоллоох кыргыттарын, нуучча поэзиятыгар үгүстүк көрсүллэр параллелизмы туһанан, маннык этэллэр:
Ол ньургуһун төбөлөрө , Тыалтан хамсаан эрбэттэр, Ол колхоз кыыс оҕолоро Оҕуруокка элбэхтэр. (89 — 37, 155)
Кыыһы сибэккигэ холуйууну сэргэ, төптөрү сибэккини кыыска холуйуу эмиэ үгүс. «Оттон эн, сардаана сарыалтан кыыс курдук кыыһаҕын» (51—391); «тыллыбыт сибэкки тыа саҕатыгар кыбыстыбыт кыыс оҕолуу кытаран турар» (34—85).
Сибэккигэ кыыс оҕо эрэ тэҥнэммэт, Советскай былааска үөскээбит ыччаттар — комсомолецтар, пионердар — бары сибэккилэр: «сэрии сирэлийэр төлөнүттэн саҥа үйэ сибэккилэрэ үүммүппүт» (77—41); «биһиги, сир ийэ сибэккилэрэ, силлиэлээх, сэриилээх үйэҕэ сир үрдүгэр кэлбиппит» (89—32).
Сибэкки — үүнүү, сайдыы, чэлгийии:
Бу охсуһуулаах улуу мөккүер уурайдаҕына, Коммуна олоҕо Хотон-кыайан таҕыстаҕына... Сирэйи-хараҕы сылаанньытар Сытыы-тырым сибэкки, Сири-буору көрдөрбөккө, Сирилэччи үүнэн тахсыаҕа. (36—93)
- Коммунистическай партияҕа туһаайан этиллэр: «симэһин хаанынан устубут сирдэри сибэкки күөҕүнэн тэтэрдэ симээтиҥ!» (89—23). Сибэкки — охсуһуу, сиэртибэ кыайыылаах түмүгэ:
«аалай хааным тохтубута Россия дэхси хонуутугар, кыһыл төлөн сибэкки буолан, кыыһа үүнэр» (55—72). Сибэккинэн симээһин — аатырдыы-суолурдуу: «Ийэ дойду эн ааккын сибэккинэн симиэҕэ» (77—16). Сибэкки — үөрүү-көтүү, өй-санаа сырдааһына, көтөҕүллүүтэ: «үөрүү-көтүү сибэккитэ өйбөр саҥалыы тиллэ түстэ»; «сааскы сыһыы сибэккитэ санаам толоонугар сириэдийдэ» (8—28, 29).
Сибэкки — ырыа-хоһоон, поэзия кэрэтэ: «сибэккилии чэлгийэ тэтэрдинэр... мин таптыыр ырыаларым» (9—167). Ырыа, хоһоон табыллыыта — «ньургуһун тыллыыта» (18—95).
Оттон тостубут, хагдарыйбыт ньургуһун сибэкки — өлүү-сүтүү, кэхтии, «ньургуһун оттуу уҥмутум баара» (89—272). Сибэккиттэн ураты күөх от арааһа дьүһүннээһиҥҥэ киирэрэ эмиэ үгүс. Холобур, ача, кэнчээри — үүнэр, саҥа көлүөнэ ыччат обраһа: «хаантан мууһа ирбит буорга киһи аймах кэнчээритэ үүннүн диэбиппит» (55—11); «көрбүтүҥ эн мин көлүөнэм бастакы ачаларын» (68— 140).
Итини таһынан советскай поэзияҕа сыыс отторунан, эрбэһиннэринэн араас хаалынньаҥнары дьүһүннүүллэр: «эргэ олох эрбэһинэ эстэн сүтэн,иһиэҕэ» (36—93); «биһиги тэлгэһэбитигэр үүммүт сытыган эрбэһин. Суох, тэлгэһэбитигэр буолбатах, тэрилтэбитигэр...» (4—186).
Сибэккилэринэҥ, сыыс отторунан дьүһүннээһиҥҥэ нууччаттан сабыдыал баара биллэр. «Сибэкки (цветки)» диэн нууччаттан киирбит тыл. Нууччаҕа сибэккиттэн төрүттээх дьүһүннээн этии бэрт элбэх (общество процветает; наука, искусство, торговля цветет; лицо цветет; цвести здоровьем; во цвете лет; цвет общества; срывать цветы удовольствия...).