Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Уот

Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саас, сайын. Кыһын Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Хайа. Былыт


Уот образка киириитэ революционнай охсуһуу, саҥа олоҕу тутуу күүрээннээх кэмнэригэр ордук диэлийэр эбит. Ол сөп. Кылаастар охсуһуулара, үүнүү, сайдыы общество хас биирдии чилиэнин өйүн-санаатын өрүкүтэр. «Уот курдук киһи», «уот хааннаах киһи», «уоттаах харахтаах», «бу киһи бэйэтэ уоттанар» эҥнн диэн киһи психическзй туругун көрдөрөр этиилэр сахаҕа былыргыттан бааллара. Уонна итинник этиилэри сайыннарарга нуучча образтааһыннарын сабыдыала улахан буолуохтаах («огнем душа полна», «огонь кипит в крови», «огонь в груди», «сердце вспыхнуло огнем», «горим желанием» и т. д.).

Уот, уоту оттуу, буруо таһаарыы — олох тыына, олох олоруу, ыал буолуу. Уот умуллуута, буруо сүтүүтэ, күл буолуу — эстии-быстыы, өлүү-алдьаныы. Бу былыргы образтары поэттар дириҥэтэн, хас айымньы аайы чопчу социальнай ис хоһоонноои тутталлар, бы-лыргы формалар саҥалыы ис хоһоонноноллор. Импе-риалистическай державалар колония оҥостубут сирдэригэр олохтоох норуоттар өлөн-быстан бараналлар, уоттуун умуллаллар: «Олус элбэх оччугуй омук орто дойдуттан омуллубута үһү» (43—138).

Россияҕа ыраахтааҕы былааһын батталын суулларыы — ыраахтааҕы «уоругун күл оҥоруу»: «күтүр ыраахтааҕы күндү уорутун күл оҥорон — күнү көрдөрүөҕүҥ, көҥүлү таһаарыаҕыҥ» (36—29).

Баай кылааһын урусхаллааһын — кинилэр «уоттарын умулларыы»: «дьэбэрэлээх олох дьиикэй бииһин уустара,... уоккутун умулларан, уйаҕытын суулларыам!» (36—78).

Советскай былаас, социалистическай общество хотторбот күүһэ — ким да умулларбат уота: «көҥүл норуот оттубут уотун, унаардыбыт буруотун ханнык да таас уллуҥахтаах саба үктээбэтин билэбит» (91 —14).

Аҕа дойду сэриитин саҕана фроҥҥа барбыт Саха сирин ыччаттара дойдуларыгар үлэлээбит үлэлэрэ, оҥорбут оҥоһуулара — умуллубат уот. «Охсуһууга сылдьааччы оҕолорбут, дьоннорбут оттон барбыт уоттара умуллубат буолуохтун» (32—211).

Оттон өстөөх биһиги советскай олохпутун урусхаллыыр соруга — «күл гынан көтүтүү»: «бу сылаас тыыннаах аал уоппутун... кини: «күл гынан көтүтүөм»,— диэтэ» (55—11).

Саха норуотун легендарнай геройа Баһылай Манчаары батталы утары охсуспут дьыалата — өспөт кыым: «Манчаары тыыннаах, оттубут оһоҕо кыымнаах» (7— 142). Коммунизм олоҕо — «умуллубат уйгулаах уот». Советскай рабочай кылаас хоту дойдуга электроэнергетиканы сайыннарыыта — умуллубат уоту оттуу: «муустаах муора тымныы тыына саба үрбэт кутаа уотун эн модун илииҥ отунна» (94—153, 170).

Манна «уоту оттуу», «буруону унаардыы» биитэр «уоту умуруоруу», «күл оҥоруу» былыргы ис хоһоонноро хайдах курдук уларыйалларын, кинилэр быыстала суох кэҥии турар номохтоноллорун көрөбүт. Итини тэҥэ «харах уота», «уоттаах харах» диэн этиилэри ылыаҕыҥ. Көрөрө мөлтөөбүт киһини «хараҕын уота мөлтөөбүт» дииллэрэ. Сытыы харахтаах киһини «уоттаах харахтаах» дииллэрэ. Ону туһанан, поэттар саҥалыы киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох образтары айаллар:

Айылҕа сүүс кубулҕатын
Аалсан-харсан үөскээбит.
Халлаан тьшныытын, буурҕатын
Хараҕын уотунан ириэрбит
Саха кырата-харата
Самнан, бүгэн олорбута.

(55 — 10)

Хотугу омук революция иннинээҕи ыар дьылҕата, кини тулуура, дьэбирэ, өлбөтө-сүппэтэ манна бэрт күүскэ этиллэр.

Уоту образка киллэрии былыргы фольклорнай формалара билигин саҥа ис хоһооҥҥо сөп түбэһиннэрэн уларыйаллар. Октябрь, социализм, социализмы тутааччылар өйдөрө, дьулуурдара, үлэлэрэ — барыта уотунан образтанар. «Өрөгөйдөөх Октябрь революцията өлбөт төлөн сиэмэни өрө түллэн ыһар,.. аан-балаһа уотунан тыынар». Аан дойду им-балай хараҥатын сырдатаҥ «очуос таас — ССРС күлүмнүү умайар», ол «очуос тааһы» сырдатааччынан В. И. Ленин көстөр, кини «ууммут илиитэ халлааным анныгар илбистээх төлөнү уматар». Арыт Ильич улуу уус символическай обраһын ылынар, кини «кытыастар кыһатын ыһыахтас төлөнө оргуйар» (36—46, 66, 91). Ленин дьыалата — «оттубут кутаата» умуллубат, бу улуу уоту саҥаттан саҥа көлүөнэ ленинецаэр «күөдьүтэллэр»: «Ленин норуокка уматан биэрбит дьолун уотун күн-түүн күөдьүтэбит» (94—152).

Революционердар, көҥүл, социализм иһин охсуһааччылар, саҥа олох дьоно — уоттар. «Уот төлөн күүһүнэн күүрэммит — уруйдаан, айхаллаан, Советскай былааһы... үрдэтэн эрэбит»; «бары ааспыт өттүҥ барыта уоттаммыта» (36-28, 105). Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ биһиги дьоннорбут «уокка кыттан — уот буола барбыттара»; немецкэй фашистары утары охсуһар партизаннар — «көҥүл уоттара» (89—291, 306).

Комсомоллар «кутаа уоттуу күлүмнүүллэр» (32—58) Пионердар «кыһыл көмүс кыым курдуктар» (92—221) кинилэр «Октябрь уота буолаллар» (89—111). Коммунистар, ленинецтэр «уйадыйбат уот-болгуо сүрэхтээхтэр, умайар сата төлөн санаалаахтар» кинилэр «уоттаах улуу модун санаалзра уҕарыйыа дии санаама» (36—92, 60). Кинилэр тапталлара, ырыалара (89-56Р197) Дьүһүннэрэ-бодолоро - барыта «уоттаах».

Революционердар бэл бакааллара — уоттаах: «бу уоттаах бакаалы, бу төлөн тапталы — көтөҕүөх көмүһүөм!» (36—208).

Көҥүл, дьол — эмиэ уоттаах: «көҥдөй көмүс ТУӨ1™М көҥүл уотун истэ».

Саха сиригэр саҥа олоҕу тутар ударнай үлэ уоттуу умайар: «хоту кыраай тымныы хоонньун үлэ КУТЯЯ лаата» (89—30, 346).

Советскай Союз киинэ улуу Москва — «кыһыл сардаҥа тахсыбыт, кыымнаах төлөн түспүт» куората - Советскай Союз былааҕа «халлааҥҥа тыгар төлөннөөх», «кытара сандааран умайан тэтэрбит», «кытыастар былаах», оттон биэс салаалаах сулуспут «тырымныы умайар» (36-35, 47, 56). Кыһыл кавалеристар сааскалара, саабылалара «уотунан оонньуур», «УОТТУЛ/ күндээрэр» (89-378). <уоттуу

Империалистар халабырдаах сэриилэрэ — «упдаһыннаах уот», иннигэр түбэспити барытын «уоттаах тылынан» тоҕо салыыр. Советскай буойун төрөөбүт ака дойдутун өстөөхтөрүн ытыалыыр буулдьата — «аба сата уоттаах силэ» (55—12, 42, 45).

Охсуулаах үлэлээх колхозтаахтар сааскы ыһыылара — «уот сиэмэ». Советскай биолог-новатор И. В. Мичурин айбыт яблокатын саҥа суорда «уот өҥнөөх» (89— 112, 146). Советскай сир сааскы сибэккилэрэ «уотунан мичиҥнииллэр» (92—213). Төрөөбүт айылҕабыт күһүҥҥү кэрэ көстүүтэ тымныыны утары охсуһардыы «уотунан кутаалыыр».

Кытылларга көрөбүн
Талах кутааларын,
Итэҕэйэн үөрэбин
Күһүн куттанарын. (97—400)