Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Хотой уонна мохсоҕол. Атын көтөрдөр
Хотой уонна мохсоҕол эр санаа, хорсун быһыы, күүс-уох, героизм символларын быһыытынан суругунан поэзияҕа бэрт үгүстук киирдилэр. Хотойго, туох-ханнык иннинэ, киһи аймах улуу сирдьитэ В. И. Ленин холуллар: «Ленин — үрдүк далааһыннаах киҥкил халтааҥ хотойо» (82—25).
Хорсун-хоодуот революционердар, коммунистар, комсомолецтар, кыһыл буойуттар — бары хотойдор, мохсоҕоллор: «буурҕаны ыҥырар мохсоҕол буолан, халлааны кырсынан дайбыттаргын,.. ыраахтааҕылар манна кыйдыыллара» (89—376); «коммунист партия барахсан хотойдуу хоодуот хоһуун оҕолоро» (36—55, 60); «өрүөл-хотой бойобуой комсомол» (32—56).
Кыһыл знамялар суугуннара — хотойдор кынаттарын тыаһа: «өлөрсүүгэ бэлэм өрүөллүү кынаккытынан чэйиҥ, эрэ, суугунааҥ,.. знамялар!» (55—21). Саха норуотун легендарнай геройа Баһылай Манчаары — хотой: «Манчаары саныыра: соҕотох олоҕун, маҥнайгы хотой кыыл буоларын» (82—54).
Летчиктар, самолеттар — хотойдор, мохсоҕоллор, кыр-быйдар:- «күлүбүрээбит өҥнөөх көтөр өксөкү көлөлөнөн...», «мохсоҕол кыыл мосуоннаах, модун көтөр аал-лар» (26—23, 28); «кырбый аалым сырылыыр» (51 — 129). Винтовка тыаһа «хотой кыыллыы чаҥыргыыр» (51 — 129).
Аҕа дойду сэриитигэр фроҥҥа бааһырбыт саллаат — «сатыылаабыт хотой» (55—99).
Норуокка хотойу дьүһүннүүр «хомпоруун» диэн былыргыттан туттуллар эпитеккэ олоҕуран, поэттар арыт бу курдук хоһуйаллар: «мин олоруом хотой курдук: номоҕоннук, хомпорууннук» (20—82).
Ити курдук поэттар тыл араас «кырааскатын оонньотоллор», тылга «тыын угар албастаахтар».
Атын көтөрдөр. Уу, тыа араас көтөрдөрүнэн дьүһүннээһин элбээн иһэр. Хаар «курупааскы үөрүнүү көтүөлүүр» (94—161).
Хабдьы адьас саҥа объегы дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ туттуллар. Холобур, яблоня сибэккилэрэ — хабдьылар: «яблоня, үөр хабдьы кэриэтэ, үрүҥ сибэккилэринэн бүрүннэ» (93—225).
Тоҥсоҕой саҥа көстүүлэри дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ киирдэ. Сэриигэ «автомат тыаһа тоҥсоҕой курдук торулуур» (72—18). Оттон тоҥсоҕой бэйэтэ телеграфист:
Ханнык да суһал морзист
Ымсыырыаҕын курдук түргэн
Тоҥсоҕой-телеграфист
Тахсар көҥүл эфиргэ. (34—49)
Уу көтөрдөрүнэн дьүһүннээһин эмиэ кэҥиир. Кыргыттар — «хоптолор курдуктар» (7-3—107).
Былыттар — хоптолор: «маҥан хопто былыттао» (4—28).
Ыар санаа-оноо — куһаҕаннаппыт көҕөн:
Төһө өр ол хойомул көҕөннүу
Көхсүбэр ыар сүгэһэр гынаммын,
Илдьэ сылдьабын, өһүллүбэт гүмүктүү
Сымыйа хоп содулун — дьарҕа санааны?
(37-76)
Хаххан, суор куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ киирэллэр „ Куһаҕан кириитиктэр — хахханнар:
Хаххан күнүс араатардыыр: —
Баар эбит олоҕу хараардыы!..
Сырдыгы көрбөт кириитиктзр
Син эмиэ итинниктэр. (4—334)
Куһаҕаны, өстөөҕү наар суорунан дьүһүннүүллэр.
Саха баайдара, атыыһыттара — «халаахтыып хара суордар» (32-117).
Колониальнай баттал — суор тоҥсуйара:
Эн көөттүҥ: ол өлүү суор тумса
Үс үйэ туоратын тухары
Дьон-норуот сүрэҕин тоҥсуйан,
Тунал хаар кытара сытарын
(88-54)
Империалистар, фашистар, фащист летчиктара — суордар:
Халлаан диэки хайыһыҥ,—
Хара суордар көтөллөр,
Эмиэ хааннаах ыһыаҕы
Тэрийээри көболлөр.
Хараҥа былыт түүҥҥэ
Өлөрө-уора,
Халаатаан өрө көттө
Баай-фашист суора (89-78, 297)
Суордар халаатаһаллара — куһаҕан, өлүүлээх күннэр-дьыллар күөрэйиилэрэ: «сор туолар суостаах күннэрэ, хара суордуу халаатаһан түстүлэр...» (8—149); «түүҥҥү суордуу халаахтаан, түлүк кэмнэр тэйдилэр» (89—203).
Дьиикэй тыа — суор хаһыытыыр тыата: «суор эрэ кыланар суон, күлүк ойуурум» (89—49, 203).
Дьиикэй, түҥкэтэх тыа мастара силлиэ түстэҕинэ «хара суордуу халаатаһаллар» (94—159).
Саха суругунан поэзиятыгар кынат образка туттуллуута элбээтэ. Урут «кынаттаммыт», «кынатын куурдубут» эбэтэр «кыната сарбыллыбыт» диэн этиилэр бааллара. Билигин санаа, таптал, үөрүү, ырыа — барыта «кынаттаах»: «буурҕа-сата кынаттаах модун санаам күүрэн турда», «туойуоҕуҥ, кынатын тэнитэн, салаллан иһэр саас үөрүүтүн» (32—187, 195); «туругуруҥ, ыраас таптал кынатыгар куустарбыттар..!» (9—202); «ыҥырар ырыаны төһө да хаайдаллар, көтөр кынатын төһе да бысталлар, кэм кэлиэ...» (92—225).
Үөскүүр үйэ, сайдыы эмиэ «кынаттаахтар». Кыһыл Ойуун этэр: «мин үөскүүр үйэ кынатабын» (38—129).
Утуйар уу эмиэ «кынаттаах»: «минньигэс уу кыната кинини саппыта...» (92—224).
Силлиэ, тыал — «кынаттаах»: «силлиэ хаар кына-тынан кутаам үрдүгэр сапсынар» (34—93).
Дьон былыр-былыргыттан куорсун үүннэринэн кынаттанан көтүөхтэрин баҕараллара, кынаттаахтарга ымсыыраллара. Кинилэр ол баҕалара туолбат этэ, арай түүн түһээн көтөллөрө, «түһээн көтөр үчүгэй ыра» дииллэрэ. Оттон билигин, социализм үйэтигэр, киһи барыта көй салгыньшан көтөр буолтун ааһан, биһиги санаабыт, баҕабыт, үөрүүбүт, ырыабыт-тойукпут, тапталбыт—барыта «кынаттанан көтөр» буолла. «Кынат» образка киэҥник туттуллуутугар нуучча литературатын үтүө сабыдыала эмиэ баар. Нууччаҕа «окрыленный», «расправлять крылья», «крылатые слова», «опускать крылья» эҥин диэн киһиэхэ, киһи деятельноһыгар сыһыаннаан этиилэр элбэхтэр.