Долгуннар (Мэхэиил биһи барбыппыт...) (Арбита)

Күөрэгэй Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Табаҕа



Долгуннар


Мэхэиил биһи барбыппыт
Биирдэ тыаҕа, хонууга,
Таһымнаан өрө дьалкыйбыт
Күлүмурдүүр Ууга.

Модун муустар мууһу кытта
Аалсар халыан тыастара –
Сааскы күммүт музыката,
Айылҕа тыыннаах оркестра!

Баараҕай тиити түөрэн
Сүүрүк сүгэн иһэрэ…
Көтөн-мөҕөн, күлэн-үөрэн
Күн дьэргэлгэнэ иирэрэ.

Долгун ооньньоон, өрө күүрэн
Бургучуйа хамсыыра…
Сүурүк бардам күүһүгэр
Биһи баҕаран, ымсыыран
Олорбуппут сүрдээх өр
Быхыттар биэрэк сыырыгар.

Онно таптыыр поэттарбыт
Айбыт кэриэс тойуктарын
Ааҕан баран бэлиэтиирбит
Үрдүк өйдор күүстэрин…

Дьарбайа сылдьан биһиги
Ууга хаайтаран хаалбыппыт.