Күндээрэр киэҥ килбиэн Күндү чуор тыллааҕа, Көҕөрөр сааскы кэм Күөрэгэй чыычааҕа. Көмүстээх сибэкки Күөгэйэ турарын, Көрүдьүөс кэрэтин Көччүтэ туойаҕын. Айылҕам көҕөрбүт Алыс бэрт кэмигэр Күннэрим көччүйбүт Күөх илгэм үрдүгэр, Салгыҥҥа уйдаран Саргылаах ырыаҕын Сайылык устунан Саҕалаан ыытаҕын.