Саха тылын учууталлара түмсэллэр Тохсунньу ый 23 күнүгэр Исидор Барахов аатынан 1 № оскуола саха тылын учууталлара Николашкина А.И., Андреева М.П. көҕүлээһиннэринэн улууска биир идэлээхтэрин түмэн бэрт сэргэх үлэни тэрийдилэр. Түмсүү сарсыарда аһаҕас уруоктарынан саҕаланна, ол курдук Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай гимназия учуутала Анисимова М.Н. 8 кылаас оҕолорун сонун уруогунан дириҥ толкуйга сиэтэн киллэрдэ, оҕолор санааларын толору этинэри ситистэ. Онтон иккис уруогу Хоро орто оскуолатын учуутала Хобусаров С.Р. ыытта. Бу уруок аныгы сайдыылаах үйэ технологиятын толору баһылаабыт саха кэнчээри ыччатын кыаҕын толору туһанарга эрэли үөскэтэр санааны биэрдэ. Кини сахалыы бикипиэдьийэ туһунан оҕолорго кэпсээтэ, «Интернет-чемпионат» тэрийэн ыытта. Ол курдук оҕолор Үөһээ Бүлүү улууһун, улуус нэһилиэктэрин историятын кытта бикипиэдьийэттэн булан билсистилэр. Учууталларга бикипиэдьийэҕэ хайдах ыстатыйа суруйан киллэрэр туһунан маастар-кылаас көрдөрдө.
Онтон Андреева М.П. 11 кылаастарга С.Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» романыгар бэргэн этиилэринэн олоҕу сыаналыы үөрэнии, кырдьаҕаска ытыктаабыллаах сыһыан суолтатын билиҥҥи олоххо сыһыаран көдьүүстээх уруогу ыытта. Онтон Хоро орто оскуолатын төрүт культура уонна саха тылын учууталлара Максимова С.В., Назарова А.Е. икки предмети самыы тутан «Төрөөбүт күн» диэн интегрированнай уруок ыыттылар. Оҕолор киһиэхэ үтүөнү баҕарыы туһатын, күн сирин көрдөрбүт төрөппүттэргэ дириҥ махтал этиллиэхтээҕин өссө төгүл итэҕэйдилэр. Онтон И.Барахов аатынан №1 оскуола төрүт культураҕа учуутала Иванова Р.В. «Олоҥхо үс дойдута» диэн сүрдээх көхтөөх, сайыннарыылаах уруогу ыытта. Ити курдук дириҥ, научнай төрүттэрдээх аһаҕас уруоктары көрөн, атын сонун ньымалары, албастары биллибит, бэйэ-бэйэбитин кытта санаа атастастыбыт.
Түмсүүбүт иккис чааһа үөрүүлээх түгэҥҥэ олоҕурда. Ол курдук биһиги биир идэлээхпит Андреева Матрена Пантелеймоновна бу күннэргэ 55 сааһын туолбут кэрэ-бэлиэ түгэнин бэлиэтээн аастыбыт. Онтон иккис үтүө сонуммут Матрена Пантелеймоновна республикаҕа ыытыллар «Профи-учитель» күрэхтэригэр аһаҕас уруок биэрэ барар буолбутунан кэккэ сүбэ биэрдибит, санаа атастастыбыт, төгүрүк остуол тула олорон уруокпутун ырытыстыбыт.
Бу көрсүһүү бииртэн биир сонуна, үөрүүлээҕэ диэн манна ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэллэ Матрена Пантелеймоновна үөрэппит, такайбыт үтүө сүбэһитэ, учуутала «Өргүөт нэһилиэгэ» кинигэ бэлэх тутуурдаах, улуус ытыктанар саха тылын учуутала, педагогическай үлэ ветерана Людмила Никифоровна, ону таһынан РГ учуутала Татьяна Кирилловна бэйэтэ эппитинии, илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн үбүлүөйдээх учууталбыт үөрүүтүн өссө үрдэттэ. Кини улуус киэн туттар Ытык киһибит, олоҥхоһуппут, алгысчыппыт Кирилл Никонович олоҥхотун бэлэхтээтэ. Ити курдук, сахалыы тыыннаах, биир санаалаах учууталлар түмсүүлэрэ бэрт элбэҕи, киэҥи, дириҥи, кэскиллээҕи кэрэһэлээн үтүө санаа ыллыктанан ааста.

Начать обсуждение с Soppuruon

Саҥа ырытыыны саҕалааһын