Кэрэ да дьылҕалаах дьону мин көрөбүн.
Кинилэргэ ымсыыра мин сүгүрүйэбин.
Тыыннаах буолар иэстэбилин,
Күнү көрөр төлөбүрүн,
Киһини таптыыр кэриэһин,
Олох бары иэҕиилэрин
Туох баарын барытын уйбуттар
Ол онон дьоллоох буолбуттар.
Мин тапталым — таарымта кэриэтэ,
Мин абарыым — ииримтийии төрүөтэ...
Барыта сиэри таһынан,
Барыта барбах сиэринэн.
Ол туохтанын токоолооммун,
Сыаналыы сатыыбын сыта-тура,
Соһуйабын даҕаны бэйэм, бэркиһии,
Сүгэһэр оҥостобун күннээх-түүн
Ол да буоллар, эрэнэбин —
Бар дьонум мааны сигилитэ
Бардамныа суоҕа мин туспар,
Кэрэ доҕотторум күүс эбиэхтэрэ,
Үрүҥ түүллэрим эмиэ элбиэхтэрэ...
Күүтэллэр миигин күөх түүннэр,
Күндэлэс сырдыктаах ыраах алардар!