Кэччэгэй баай (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Куоска (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Оскуолаҕа (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Кэччэгэй баай


Хотон-хотон муҥунан
Хороҕор муостааҕы
Хотуулаахтык холбооттообут,
Сыһыы-сыһыы муҥунан
Сыспа сиэллээҕи
Сыталлаахтык сырыырҕаппыт,
Үрэх-үрэх муҥунан
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үгүстүк үөрдээбит;
Хара харах харахтаабатах,
Хаптаҕай кулгаах истибэтэх
Халыан элбэх харчылаах;
Икки атахтаах
Ситэн сэрэйбэтэх
Иирбит элбэх харчылаах киһи.
Оннук баай киһи
Олоҕо-дьаһаҕа,
Аһа-үөлэ,
Таҥаһа-саба,
Быһыыта-майгыта
Хайдаҕый диэтэрги:
Аан-маҥнай
Аһын-үөлүн
Ахтан аһардахпына:
Аҕарааны аһылыктаммыт,
Барчанан мааныламмыт,
Сыманы сымсайбыт,
Саккааҕа салбаммыт,
Ыылаах эти ыстаабыт,
Өлүгү үтэлэммит,
Хохтуга хоһулайбыт,
Собулҕаҕа суудайбыт,
Харыҥы хабыалаабыт,
Чаҥкычаҕы дьаабылаабыт,
Туйахха тууһурбут,
Көлбөҕүнэн көппөйбүт,
Үүтүнэн үлсэммит,
Тары таптаабыт,
Ымдааны ыймахтаабыт,
Сиҥэни испит,
Таһаараары үөрэни таптаабыт,
Көҕөлөҥ үөрэҕэ көҕүйбүт,
Оттоох үөрэҕэ умсугуйбут,
Бэстээх үөрэҕэ мэҥийбит,
Бутугаһы бурулаппыт,
Ытыйан аска ылларбыт,
Отон аһы ордорбут,
Сугун аска суудайбыт,
Дьордьомо аска дьулуспут;
Үтүө аһа үрүмэ,
Кэриэс аһа кэһиэх,
Ийэ аһа иэдьэгэй.
уос минньитэрин уурайбыт,
Туруктааҕынан дьоһуннаммат,
Байтаһынынан мааныламмат,
Эмиһинэн идэлэһэммэт,
Бурдугу булуммат,
Килиэби сиэбэт,
Курупчааккыга хороммот,
Саахарга саантаабат,
Тууһунан тупсарыммат;
Хартыыһаны харахтаабатах,
Биэрэһи билбэтэх,
Уксууһу уурумматах,
Пиибэҕэ билсиспэтэх,
Арыгыга алдьамматах...
Таҥаһын-сабын
Таарыйа аҕыннахпына:
Лаҕыыр буолбут лаба ырбаахы,
Холко буолбут хомуһуол оҕото,
Мыыланы билбэтэх былаат сыыһа,
Сууйууну көрбөтөх соттор оҕото;
Дүгдэйбит түнэ сон,
Чохчойбут чомпо бэргэһэ,
Көкөйбүт күөс бэргэһэ,
Дыыдайбыт тыс этэрбэс,
Оллойбут олооччу этэрбэс,
Эмчийбит эриэн эмчиирэ,
Түскүлээбит түнэ баһырҕас,
Сутаакы тириитэ сутуруо,
Сылгы көхсө сыалыйа,
Ырыган тириитэ ыстаан,
Өлүнньүк тириитэ үтүлүк,
Торбос - тобук таҥаһа,
Сүүнэ киэргэлэ - сүүс таҥаһа,
Намчы таҥаһа намыаска.
Сиртэн силистээххэ дылы



Сүрүн сирэйгэ