Оскуолаҕа (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Кэччэгэй баай (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
От-мас тыллыыта (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Оскуолаҕа


Сэмэнчик уол
Сэллэҥнээн-лэппэҥнээн,
Ноотоҥноон-тоотоҥноон,
Норуотнай оскуолаҕа тиийдэ.

Онно,
Ыала уол ыҥырбытыгар,
Доҕоро уол угуйбутугар,
Куттана-куттана
Куйтукус гынна.

Сэрэнэ-сэрэнэ
Сэллэрис гынна.
Иһирдьэ киирдэ,
Көрүдүөргэ көһүннэ.



Сүрүн сирэйгэ