Күөрэгэй, туллук уо.д.а. чыычаахтар. Кыталык. Туруйа.
←Тыа (мас). Тиит. Хатыҥ. Күөх от | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Иккис глава) Копырин Николай Захарович |
Хотой. Атын көтөрдөр→ |
Күөрэгэй, туллук уо. д. а. чыычаахтар. Ырыа чыычаахтартан образка күөрэгэй ордук үгүстүк киирэр. Кини кэнниттэн — туллук, татыйык, ымыы, көлүөс уо. д. а. Хомуска күөрэгэй дьырылас ырыатын үтүгүннэрэн оонньууллар. Кыыс оҕоҕо «Күөрэгэй» диэн ааты биэрэллэр.
Күөрэгэй, көлүөс, татыйык — кыыс оҕо, кыыс дьахтар. Айыы дьоно оҕолорун этэллэр: «көмүс түөстээх күөрэгэйбит, алтан түөстээх далбарайбыт» (68—141). Ньургун Боотур этэр: «күн айыы күндү күөрэгэйэ аҕыс былас суһуохтаах Айталыын Куо биэбэкэйим!» (39— 175). Кыыс ырыата күөрэгэй ырыатыгар тэҥнээх. Олоҥхо-ҕо айыы кыыһа ыллаан «күөрэгэй оҕотун курдук күйгүөрэ... турбута эбитэ үһү» (31 —133),— дэнэр.
Күөрэгэй ыллыыра — дьол, үөрүү, өрөгөй: «күммүт тахсыа, күөрэгэйбит ыллыа» (50—35).
Туллуктар — кыргыттар: «туллук маҥан кыргыттар чорооҥҥо куппуттар» (10—56).
Арыт эр киһи эмиэ — туллук. Дьахтар эрин сэриигэ атаарар тойугар этэр: «туллуктуура доҕорум..., көстөр күндү көмүһүм! Көстө көтөр күнүҥ буолла».
Долгуйбут сүрэх—доҕуурга иҥнибит туллук: «тойон сүрэҕим, доҕуурга иҥнибит туллук чыычаах курдук, толугуруу долгуйдаҕыан» (52—292, 235).
Бухатыыр силэ — туллук курдук. Ньургун Боотур: «үрүҥ туллук курдугунан «топ» гына силлиир» (22— 208, 90). Чыычааҕынан туох эрэ аччыгыйы, дьоҕуһу дьүһүннүүллэр. Аал Луук маска: «чыычаах тумсун саҕа күлүмнүү умайа түспүт өлбөт мэҥэ уута» (62—240).
Адьарай ааттаахтара Үрүҥ Уоланы сэнээн хоһулууллар: «чооруос саҕа буолан туран чоргуйара да баар ээ!» (41—35).
Тыл иччитэ чыычаах буолар. Айыҥат хаан аймаҕа хомуһу айан баран бу курдук этэр: «тыл иччитин, тыллаах-өстөөх тыһы ымыы чыычаах гынан, тылгар сыһыардым» (43—239).
Кэҕэ. Кэҕэ еааһы, сайыны хоһуйуу арахсыбат аргыһа диэххэ сөп. Олоҥхоҕо айыы аймаҕа олорор сирэ — «кэрээбэт кэҕэтэ кэпсии турар» эргиччи сайын дойду. Кэҕэ кэрэ куолаһын хайҕаан хоһуйуулар бааллар.
Кэҕэ, син биир күөрэгэй, өтөн курдук, үөрүү, дьол, сайын символа буолар. «Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө, кэҕз этиэ, күөрэгэй ыллыа» (50—35) диэн өс хоһооно баар.
Ол эрээри кэҕэ икки өрүттээхтик туттуллар. Дуоспуруна суох тыллаах-өстөөх киһини «кэҕэ курдук сэлээр кэпсээннээх» (43—55) диэн этэллэр. Биир сиргэ түптээн олорбот, тохтообот, сүүрэ-көтө сылдьар киһини эмиэ кэҕэҕэ холуур түбэлтэ баар буолар. Маны таһынан кэҕэ, чөкчөҥөнү, куоҕаһы кытта сэргэ, ойуун эмэгэтэ буолар. Ойуун абааһытын киллэрэригэр «кэҕэлиир», а. э. кэҕэ курдук саҥарар.
Кыталык. Туруйа. Бөдөҥ көтөрдөртөн саха ырыатыгар-тойугар үгүстүк киирбит кыталык буолар. Сахаҕа кыталык Айыы ытык кыыла, айыылар орто дойду дьонугар кыталык буолан көстеллер. Ол туһунан А. Е.. Кулаковскай бу курдук хоһуйар:
- Былыр...
- Айыы дьоно
- Алҕаан барак
- Айах туттахтарына,
- Айыҥат хаан аймаҕа,
- Аҕыс кыталык буолан,
- Айыы дьонун
- Айхаллаах түһүлгэлэрин
- Анааран-алҕаан Ааһаллара эбитэ үһү.
- (43—273)
Былыр кыталык киһиэхэ үчүгэйгэ эрэ көстөр дии саныыллара. Кыталыгы көрбүт сирдэрэ — айыы илэ бэйэтинэн түһэн көстүбүт, тайбыт (дайбыт) сирэ — ол күнтэн ыла бэлиэҕэ ылыллар, ытыктанар, кэпсэлгэ сылдьар сир буолар. Айыы тайбыт сирэ — дьоллоох-соргулаах сир. Дьэ ол иһин «Кыталыктаах», «Кыталык ыллаабыт», «Айыы тайбыт» диэн алаастар, үрэхтэр, хайалар ааттара ааттаналлар (27).
Кыталык бэйэтэ тас дьүһүнэ, быһыыта-тутуута кыраһыабайынан эрэ аатырбат, саҥата («ырыата») кэрэтинэн эмиэ кэпсээҥҥэ киирэр: «кыталыктан ордук кыраһыабай куоластаах кыылы көрбөтөҕүм» (52—276).
Саха народнай музыкатыгар кыталык, куөрэгэй куоластарын үтүктүү биллэр миэстэни ылар. Оттон куба, хаас тас быһыыларынан - үчүгэй холобурга арыт киирэллэр буолан баран («кубалыы устар», «хаампытынан хаас оҕото»), саҥаларынан, төттөрү, сириигэ киирэллэр. Олоҥхоҕо абааһы бухатыырын ырыата бу курдук хоһуйуллар:
- Кус-хаас тойуга туойулла,
- Куба-лахсыыр ырыата ыллана,
- Иһиллэ-иһиллэ мэлийэн,
- Сүтэ-сүтэ күөдьүйэн,
- Өрүтэ ньиргиэрэн
- Тиийэн кэлэн испитэ эбитэ үһү.
(31 — 108)
Норуот поэзиятыгар кыталык кэнниттэн туруйа үгүстүк образтанар. Кинилэр иккиэн сэргэстэһэ кэриэтэ сылдьар буолаллар.
Кыталык — кыыс, дьахтар; туруйа — уол: «тоҕус субан туруйа курдук уолаттар, аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттар» (22—82).
Кыргыттар кыталыктыы ыллыыллар, уолаттар — туруйалыы: «кыыс оҕо манна кыталыктыы ыллаабыт, уол оҕо манна туруйалыы туойбут» (41—309). Олоҥхоҕо айыы кыргыттара, дьахталлара — кыталык курдуктар. Туйаарыма Куо «кыталык курдук кын-талдьыйар», кини куолаһа «кыталык ырыатын курдук кыҥкыныы дьырылыыр» (41—163, 169).
Айыы кыргыттара, дьахталлара, удаҕаттар санааталлар эрэ кыталыкка кубулуйаллар, кыталык буолан көтөллөр. Айыы Умсуур, «тыһы кыталык буолла да, өрө көттө» (22—236).
Арыт олоҥхо бухатыыра эмиэ кыталыкка холуллара баар буолар. Үрүҥ Уолан «көстөр үтүө дьүһүнүнэн кыталык кыыл оҕотун курдук дьоройбут уҥуохтаах... бэрт диэн үтүө киһи» (22—306). Дьахтар кэрэтэ арыт туруйаҕа холуллара эмиэ баар буолар. Эр киһи дьахтары бу курдук туойар:
- Дуобуналыыр барахсан,
- Дьоролдьуйан сылдьаргын,
- Туруйа кыылбар
- Доҕордуу көрдүм.
(52—234)
Кыталык — үтүө, ыраас быһыы идеала. Сахаҕа маннык өс хоһооно баар: «кыталык кынатын төбөтүгэр кыырпахтааҕар дылы» (50—189). Бу этии өйдөбүлэ «и солнце не без пятен» диэн нуучча өһүн хоһоонугар майгынныыр.
Хонуу, кырдал (томтор) ырааһа, киэҥэ кыталыгынан, туруйанан доҕуһуолланан этиллэр: «кыталык кыыл түһэн ыллаан ааһар кылбаа маҥан кырдала..., туруйа кыыл түһэн тохтоон ааһар добдул маҥан томторо» (52—211).
Олоҥхо бухатыырын биилкэтэ кыталык сыҥааҕын уҥуоҕар майгынныыр: «тыһы кыталык тыллаах тылбыы көмүс сыҥааҕын уҥуоҕун сыыйа тарпыт курдук кыр-быытаммытынан кэлэр, кыыдам көмүс үстүү салаалардаах үөрбэлэрдээх эбит» (39—151).
Кыталык хамнаныыта айыы дьонугар эрэ холобурданар буоллаҕына, туруйа хамнаныыта арыт абааһыга эмиэ сыһыаннанар. Кыргыттар «кыттыһа сылдьан кыама суох кыталыктастылар» (43—219). Айыы бухатыыра «абааһы уолун... туруйалатта» (22—180).
Өргөс хайалар туруйаларга майгынныыллар: «тоҕус туруйа кыыл утарыта көрсөн олороллорун курдук тоҕус туой маҥан тумулаттар» (10—22). Чүөмпэ күөл туруйа хараҕынан дьүһүннэнэр: «туруйа хараҕын саҕа уолбат чөҥөрө чүөмпэ күөл» (10— 237).