Күөрэгэй, туллук уо.д.а. чыычаахтар. Кыталык. Туруйа. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Киис, саһыл уо.д.а. кыыллар


Хотой эмиэ айыы ытык кыыла. Кинини ытыктаан «тойон», «тойон кыыл» диэн ааттыыллар. Өссө кинини бэрт былыр араҥаччылыыр таҥара оҥостоллоро эбитэ үһү («Хотой айыы», «Тойон таҥара»).

Хотойу хаһан да бултаспаттар, тыыппаттар. Тыыппыт киһини: буулуур дииллэр. Онон хотой былыргы саха итэҕэлигэр киирбит көтөр. Хотой ыал аттыгар кэлэн түстэҕинэ, анаан ас тэрийэн аһаталлар. Өссө хотой уҥуох туттараары гыннаҕына, киһиэхэ чугаһыыр диэн буолар. Оччоҕо кинини өлүөр диэри аһатыахтааххын, өллөҕүнэ уҥуох көтөҕүөхтээххин.

Хотойу маннык эпитеттарынан хоһуйаллар: «чуучугуруур туус тумус, чаачыгырыыр таас таҥалай, бүрүө харах, бүтэй мүлгүн, төгүрүк түрбүү кынат, атара кутурук, алтан сабарай, ала мондоҕой, тайбыыр дьаҕыл, сүҥкэн эрили хомпоруун хотой кыыл» (43—247).

Олоҥхоҕо айыы бухатыырдара ыраах айанныылларыгар үксүгэр хотойго, мохсоҕолго кубулуйаллар. Ньургун Боотур «үҥкүрүс-күөлэһис гына түстэ, хотой хара дьаҕыла буола түстэ» (22—342) дэнэр. Кини аллараа дойдуттан, «моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан» (39—300), айыытын сиригэр көтөн тахсар. Оттон абааһылар хотой, мохсоҕол буолбаттар, үксүгэр суор буолаллар. Холобур, Кыыс Кыскыйдаан эдьиийэ Ытык Хахайдаан удаҕан «күтүр улахан хара маҥаас суор» буолан көтөн барыйар (62—252). Ол гынан баран норуот тылынан айымньытыгар хотой образтаан этиилэргэ, тэҥнээһиннэргэ олус үгүстүк туттуллубат.


Атын көтөрдөр. Мас көтөрдөрүттэн үгүстүк улар (дьүһүнэ, улахана, быһыыта-майгыта) образка киирэр. Тыа куртуйах кутуругунан дьүһүннэнэр: «куртуйах улар кутуругун нуоҕайын өрүкүччү туппут курдук догдоҥо... тыа» (10—23).

Халлаан, былыт өҥө эрдэҕэс түөһүн эбириэнигэр майгынныыр: «эрдэҕэс улар кыыл түөһүн эбир түүтүн ойуутун курдук ииримтийэн көстөр эҕэрдэлээх илин халлаан» (31—9), «эрдэҕэс улар эбириэнин курдук, эбир дьаҕыл былыт» (43—256).

Олоҥхо бухатыырын дьиэтин киэҥин көрдөрөргө улар холобур буолар: «уолан киһи улар саҕа буолан уулан тиийэр уҥа диэки өттө»... (39—150).

Бухатыыр атын миинэрэ хара улар көтөн тахсарын курдук: «халдьаайы тыа хара уларын курдук, атын үрдүгэр хап гына хатана түстэ» (68—16). Долгуйбут киһи быара улар курдук омуннаахтык мөхсөр: «хара быарым хандааҕа иҥнибит хара улар курдук халыгырыы хамнаатаҕыан» (52—235). Оҕо уончалаах, мэнигиргиир сааһын «улар сааһа», «уларыгар түһэ сылдьар» (43—64) диэччилэр. Акаары киһини «улар мэйии» (50—105) диэччилэр.

Суор, тураах, элиэ, мэкчиргэ (хаххан), кукаакы, киргил (тоҥсоҕой), чаччыгыныар наар мөлтөҕү дьүһүннүүргэ туттуллаллар. Кинилэр сиэмэх биитэр куһаҕан дьүһүннээх, быһыылаах-тутуулаах, саҥалаах көтөрдөр. Норуот кинилэргэ сыһыанын маннык өс хоһоонноруттан көрүөххэ сөп: «суор суорун хараҕын оҥпот, тойон тойонун түһэн биэрбэт» (50—52); «киһи суора киһи» (бардам, иҥсэлээх) (80—45), «суут баһа мэкчиргэ баһын курдук», «элийбити элиэ сиир» (52—123, ,124); «тойон олоҕор тураах олорор», «собулҕаҕа суор-тураах мустар, өлбүт киһи үбүн баай хомуйар», «кукаакы кулубалаах, киргил кинээстээх, тоҥсоҕой тойонноох, чаччыгыныар чаччыыналаах, суор суруксуттаах» (50—39, 41, 51). Остуоруйаҕа абааһылар суор буолан көтөллөр.

Манна даҕатан эттэххэ, сорох хотугу омуктарга суор саамай ытык көтөр ахсааныгар киирэр. Холобур, эскимостар суору бэрт былыргы төрүттээх, муударай көтөрүнэн ааҕаллар. Кинилэр суору хаһан да өлөрбөттөр, атаҕастаабаттар. Онно олохсуйар суордар хас биирдиилэрэ ааттаахтар-суоллаахтар. Эскимостар остуоруйаларыгар суор арыт муударай сүбэһит, арыт киһиэхэ дьолу тосхойооччу улуу аптаах, арыт атаҕастаабыт акаарыны накаастыыр албастаах көтөр буолуталыыр (132—89).

Уу көтөрдөрүн быһыылара, дьүһүннэрэ, саҥалара, онтон да атын туох эрэ бэлиэ уратылара тыл дэгэтигэр, өс хоһоонугар, араас тэҥнээһиннэргэ киирэллэр.

Моонньоҕон төбөтүн курдук көхөлөр: «моонньоҕон куһум моонньулаах мэйиитин күөкэлдьитэн эрэрин курдук.. көхөлөрдөөх», Сабыйа баай хотун «үрүмэтийэн көрбөт үүт көлүйэтигэр киирэн умсаах кус курдук умсан таһыгыраата» (39—151, 67).

Халба «суох-суох-суох...» диир курдук саҥалаах. Ол иһин, ыйыттахха, көрдөстөххө «суох» дииртэн атыны билбэт киһини «халба курдук мэлдьэх» (50—111) диэч-чилэр.

Ньургун Боотур айаннаабыта түргэниттэн «икки кулгааҕын тыаһа орулуос кус кынатын тыаһын курдук өрө куһугуруур» (39—171). «Орулуостуу оонньоон, тыйаахтыы тыынан, биргинэхтии битийэн» (50—91) диэн олус омуннурууну этэллэр. Айыы дьонун «араҕас илгэтэ», орулуос сымыытынан дьүһүннэнэр. Сабыйа Баай Хотун «арылыас кус сымыытын курдук араҕас арыынан лачыгыраччы арыылаабыт... кытарах биэ кымыһынан ыһыах ыһан унаарытар» (22—166).

Сымыыт итинтэн атын дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ туттуллар. Холобур, халлаан, күөл анды сымыытыгар холуллаллар: «арыылаабыт анды сымыытын курдук араҕас маҥан күөл» (49—17).

Итини таһынан киһи характерын сымыытынан бэлиэтээн эмиэ этэллэр. Саҥата, иҥэ-ньаҥа суох, бүтэй киһини «сымыыттааҕар бүтэй» дииллэр. Уһуннук тугу эрэ кэтэһэн, манаан хаалыы — «хаас харабыла буолуу» (50—87, 186). Халлаан өҥө арыт хаас кынатын түүтүнэн дьүһүннэнэр: «тоҕус хоҥор хаас хотоҕойун түүтүн холбуу туппут курдук,.. соһо тураҕас маҥан халлаан» (31—9).

Куһаҕаҥҥа, бүрэҕэ туох эрэ дьүөрэтэ суох үчүгэй баарын ураанай туоһахтатыгар холууллар — «ураанай туоһахталааҕар дылы» (50—190). «Орто дойду» үөһэттэн көстүүтэ ураанай туоһахтатыгар холуллар: «орто туруу бараан дойдум ураанай кус туоһахтатын курдүк туналыйан көстөн кэллэ» (52 —325).

Күүстээҕи мөлтөх батыһар — «көҕөн көттөҕүнэ, чөркөй хаалбат». Көҕөн сэргэҕинэн холобур буолар: «көҕөн курдук сэргэх». Куттас киһини «кус сүрэх» (50— 129, 82, 121) дииллэр.

Кынат туһунан маннык этиилэр бааллар: «кыната сарбыллыбыт» (баҕата, эрэлэ кыайан туолбатах), «кы-натын куурдубут» (бараары, айаннаары оҥосто сылдьар) (50—93, 184); «кынаттаммыт», «кынат үүннэриммит» (санаата күүһүрбүт) уо. д. а. Итилэр «опустить (распустить, расправить, подрезать и т. д.) крылья» диэн нууччалыы тэгилитэн этиилэри кытта уруулуулар.