Манчаары түөкүн (Күлүмнүүр). Бастакы ойньуута

Манчаары_(Манчаары_түөкүн) Сүрүн сирэй
Дыраамалар
Күлүмнүүр
Иккис ойньуута


Киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр кэпсээн. Биэс суол ойньуулаах.

Инники

ООННЬУУР ДЬОН:
Маарыйа эмээхсин, Манчаары ийэтэ, кырдьаҕас саастаах.
М а н ч а а р ы Б а һ ы л а й , эдэр одо киһи, 19 саастаах.
К э р г э н д ь а х т а р .
К у б а р с ы У й б а а н , Чоочо кинээс хамначчыта.
Ойньуур сирдэрэ - Манчаарылаах дьиэлэрэ. Дьадаҥы ыал. Манчаары уотун кытыытыгар олорон саатын оҥостор. Хаҥас диэки кэргэн дьахтар сүөгэи иирдэ олорор. Дьиэ таһыттан киирэр Манчаары ийэтэ.

М а н ч а а р ы . Хайа, кэпсиэ, ийээ? Тугу иһиттиҥ тойонуҥ аахха?

Эмээхсин. (кыыһырбыт киһи быһыытынан). Тугу истиэмий, арай абарҥ оҥоньор эн үтүө быһыыгын кэпсиэн сир сырайдаата, буор харахтаата. Хайтах гыныаҕым баарай - халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суох, сиргэ тимириэхпин уһуга суох буолан хааллым.

Манчаары (курус гынан тохтоон баран). Ол курдук туох үлүгэри оҕорбуппун булан таһаарбыт үһү абаҕам оҥоньор?
Эмээхсин. Сарыкпын истибэт диир. Сүөһүбүн аспын көрсүбэт буолла диир. Ойньуу күлүү дьарыктанна: ойньоон тэҥ оҕону булбатах, сырсан тэҥ киһини булбатах, тустан бөҕөнү тулуппат буолбут үһү диир. Ойуун кыырарыттан арахсыбат, урууттан ыһыахтан хаалсыбат буолбуккун. Куһаҕан тулаайах уол тугун көрөй нарай, үлэтин-хамнаһын үлэлии үлэлии дьиэтигэр да сыгшат диир.
 
М а н ч а а р ы . Мин үлэбин кини үлэлээн биэрбит дуо, биһигини кини иитэн-аһатан олорор үһү дуо? Хайа убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанарр уһуктаммытым мөлтөх буолуоҕа. Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымырдаахпын. ама дьадаҥым иһин мин да ойньуур хааннаахпын. Мин да киһини көрүөхпүн баҕарабын, мин да дьону кытта билсиэхпин баҕарабын. Аламай күн баайдарга эрэ тахсыбата буолуо, сир быйаҥа кинилэргэ эрэ ананан үөскээбэтэҕэ буолуо. Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.

Эмээхсин (куттсшмыт киһи быһыытынсш). Тыый, тукаам, туох тылын тылластаҥый, туох саҥаны саҥардаҥый? Аны итини абаҕаҥ оҥоньор истэн эбии кыыһырыаҕа, эбии уордайыаҕа, алдьархайы оҥоруоҕа.

Манчаары. Уордайдар уордайдын, кыыһырдар кыыһырдын: урууга ойньууга сылдьыбыппын ууратыам суоҕа, көргө нарга сылдьарбын көҕүрэтиэм суоҕа. Дьэ, - кини миииитин хайтах гынар эбит оол иһин?

Эмээхсин. Кэбис, биэбэкээм, сэгэртэйиэм оҕотоо, ити курдук саҕарыма. Абаҕаҥ оҥоньору бэйэҥ билбэккин дуо, кини күтүр кытаанах санаатын. Туттаран ылан, таһыттаран кэбиһэн тараах иэнниэҕэ, кулугур кулгаахтыаҕа. Онто суох эшштэ: "аны ойньууга күлүүгэ сырыттаҕына, мин бэйэм ыламмын кинини үөрэтиэм" диэн. Ол саата суута хайтах буолуоҕай. Мин эйигин туох иннигэр эрэйи буруйу көрөммүн баччаҕар диэри иштгштимий. Бэйэҥ билбэккин дуо, аҕаҥ Быртааны Сүөдэр тоҕустаах оҕо эрдэххинэ өлбүтүн кэннэ, тулаайах хаалан муҥу таҥы көрөн, сүүһүм көлөһүнүн уллуҥахпар аҕаан, уллуҥаҕым көлөһүнүн сүүспэр аҕаан, бачча киһи гынным буолбат дуо? Өлөр үйэбэр, кырдьар сааспар иитиллиэм аһыам диэн? Аҕаҥ өлүөхсүт маннык тыллаах өстөөх киһи буолуо диэбэт этэ. Оҕом сымнаҕас киһи буолуоҕа эрэйдээхтэри аһынар, кыһалҕалаахтары көмүскүүр киһи буолуоҕа диирэ
Аҕаҥ өлбүтүн кэннэ үс түөрт киһи кэлэн ыйыта сатаан кээстэрэ, ону оҕобун аан дойдутуттан араарымаайыбын, иэримэ дьиэтиттэн иэдэтимээйибин диэн бу тоҥ модьоҕону кэтиэн олорор буолбагшын дуо? Ону төһө кэриэстээн ытыктаан эрэҕин. Хата дьоҥҥо сырыттаҕым аайы "үтүө" быһыыгын-майгыгын кэпсиэн сыраи эрэ саатардан. кулгаахпын ититэн эрэллэр ини!

Манчаары. Ол, Чоочо баай тойон, мийигин тугу гыммытым иһин таһыйаары гынар! Тугу уорбут үһүбүн ду, тугу алдьаппыт үһүбүн ду? Кими талаабыппын ду, кимтэн былдьаабыппын ду? Хата бэйэтин дьон этэллэр буолбат дуо, былыр айан дьонун аттарын быһа аһарбат этэ, чугастааҕы ыалларын сүгүн олоппот этэ диэн, ити гэннэ кинээс буолан баран уоруйахтары уоруйахтарын сабан, кинилэр уорбут үптэрин барытын бэйэтэ хамыйан ылан байда дииллэр буолбат дуо? Кыра дьону баттаан, дьадаҕыны атаҕастаан, тулайахтар сирдэрин былдьаан, ккнилэр көлөһүннэрин хамнастарын сиэн, Чоочо баай ааттаммыта диэбэттэр дуо? Ити кэннэ кини мин туох буруйбун булан буруйдаары гынар?

Эмээхсин. Эй, тугаам, улахаттары баайдары кытта биһиги кыра дьон хайаан кыайан мэккиһиэхпитин, хайтах кинилэри кытта тэҥнэһиэхпитин этэҕин? Хата кэл, аһылыккын аһаан баран утуй! Хотуой, чэ күөскүн таһааран хотор! Бу сүөгэйгин хайтах мааҥыттан кыайан иирпэтиҥ! Мааҥын мин барыахпыттан тугу гына олордуҥ? Атаххын оллооннуу кэбиһэн олорон, хамыс тардан, хантайа олордоҕуҥ дии!

Кэргэн дьахтар {уоһун иһигэр ботугураап). Хам мааччы олоро иликпин. Миэхэ хотонум да сааҕа кыаттарбат.

Эмээхсин. Дьэ күөскүн хоторумна итиннэ ботугуруу тураары гынныҥ дуо?
(Кэргэн дьахтар остуолга аҕалан киэһэ аһылыктарын тарпытын саката суох аһыыллар. Манчаары аат харата эрэ аһыыр, тугу эрэ саныыр,өйдүүр киһи быһыытынап олорор).

Эмээхсин. Тугаам, тоҕо аһаабаккын, алыс тоҕо санаар-гыыгын? Абаҕаҥ оҥоньор мөҥөн баран уурайыа буоллар диибин!
Манчаары. Абаҕам оҕоньор бэйэтин идэтигэр үөрэтээри гыммыта буолуо да. мин кини киэҥ хардыытын кыайан хардыылаым суох, кини уһун олугун кыайан олуктуом суох. Киниэхэ даҕаны дьон хааннаах көлөһүннэрэ, харахтарын уута хайаан иҥнэҕэй?
Эмээхсин. Чэ, чэ, кэбис, хааллын. Хайа, бүгүн туһаххын, айаҕын көрдүҥ дуо? Туох түбэспит?
 
М а н ч а а р ы . Ээ, көрдүм да, икки үс куобах түбэспитин эмиэ суор баҕайы сэймэктээн кээсгшт!
Эмээхсин. Тыый, ол эмиэ хайа хара дьайдаах баҕайы буллаҕай биһигини!

Таһырдьаттан киирэр Кубарсы Уйбаан, Чоочо оҕоньор хамначчыта. Таҥараҕа үҥэр.

К у б а р с ы . Дорооболоруҥ!
Эмээхсин. Дорообо, Уйбаан. бу ханна баран иһэҕин?
К у б а р с ы . Сылгыһыт Сүөдэргэ сылдьан баран, дьиэбэр баран иһэбин!
Эмээхсин. Кэл, манна олорон аһаа! Ол Сылгыһыт Сүөдэргэ тоҕо бара сырыттын?
К у б а р с ы . Тойонум иэс иэстэгатитигэр бара сырыттым.Бу саас сутаары гынан Сүөдэр икки сыарҕа оту ылбыта үһү, биир буос ынаҕы биэриэх буолан. Онтукатын биэрбэтэҕин иһин тойонум көлүнэ сылдьар оҕуһун туттарбытын, ону баран ылан и11эбин.
М а н ч а а р ы . Былырыын биһигиттэн икки арыы иэстээҕэр икки сыарҕа оту ылбыта, ону биэрбит этэ Сылгыһыт Сүөдэргэ, ама оол иһин киһи баар эрэ көлүнэр көлөтүк былдьаттаҕа дуо?
К у б а р с ы . Тыый, туох диэн эттэҥий? Саас быстарыы саҕына хата киниэхэ от баар буолан, дьон сүө11үлээх астаах хаалтара буолбат дуо? Дөссө истиэххин баҕардаххына мэҥэлэр киирэннэр аҕыс көстөөх сиртэн сыарҕатыгар аҕыстыы сүүһү иннигэр ууран туран көрдүү сатаан кээстэрэ, ону бэйэм дьонум сутуохтара диэн биэрбэтэҕэ буолбат дуо?
М а н ч а а р ы . Оттон билигин даҕаны биир улуус, икки дэ сылы мэлдьи, сут кэллэҕинэ сиир ото баар буолбат дуо? Бэйэтэ алыс харам санаатыгар биирдии арыыга ылбыт ото аҕыстыы сүүс барарыгар хараҕа туолумна биэрбэт буоллаҕа диибин. Син оол дьон кэннилэригэр хас да киһиэхэ сыарҕатын уоннуу сүүс биэрбит сурахтааҕа.
Эмээхсин. Чэ, ол биһиэхэ туох буолуой,- хата Сүөдэр ону туох диир?
К у б а р с ы . Туох диэҕэй, тугу кыайан мэккиһиэҕэй. Арай тойонум өлөрдөҕө алдьаттаҕа, киһи аатыттан аһардаҕа диир.

Бэйэтэ сатаатахха ыалдьа сытар эбит. Бу оҕоҕо илдьиттээбитэ, бука кэлэн оппун тиэйэн, маспын мастаан биэрдин диэн.
Эмээхсин. Оттон Матрыана ханна барбыт? Бэйэтэ дэ отун маһын тиэммэт дъахтар ду!
К у б а р с ы . Матрыана баар да, хата бэйэтэ эмиэ илдьиттиир: кэлэн көмөлөстүн, мин оттору мастары кыайыам суох диир.
Эмээхсин. Оол барыта кини уһун кутуругун охсуута буоллаҕа. Сайын биирдэ дэ оттобокко, өрүү ыһыаҕы, ойньууну бата сылдьар. Үчүгэйдик оттууллара мастыыллара буоллар аҕыйах сүөһүгэ тоҕо кыайан оттоообот буолуохтарай? Оччоҕо саас аайы от атыытыгар киириэ суох этилэр.
М а н ч а а р ы . Ханнааҕы баар сирдэрин оттууллар оол. Бэйэлэрин өлбүгэлэрин сириттэн ситэри уон сыарҕа тахсыбат буолбат дуо? Ол Чоочо оҕоньор сирин үс кыммыт бииригэр оттуулларыттан туох дуоннаах тиксиэҕэй?
Эмээхсин. Чэ, ол эрээри Матырыас да булкуурдаах кыыс оҕо буолуоҕа.
Аһаан бүтэллэр. Кэргэн дьахтар остуолтан иһити тардар, Кубарсы туран үтүлүктээх бэргэһэтин ылан Таҥараҕа үҥэр, ити гэннэ "Бырастыыларыҥ" диэн баран, тахсан баран хаалар. Эмээхсин онуоха эмиэ "бырастыы" диир. Манчаары эмиэ туран таҥнар. Ылар саатын, батыйатын.
Эмээхсин. Бу тоҕо киэһэ бараҕын, сарсыарда да барбаккын дуо? Ити гэннэ бу тугуҥ сэбэй, батаһай?
М а н ч а а р ы . Аара баҕардаҕына булт түбэһиэҕэ. Ити гэннэ бу түүн үлэлээн биэрэн баран, сарсын атын ыалларга сылдьыам!
Эмээхсин. Аны, оол дьон, оол бу диэбиттэрин аайы, онуоха маныаха кытта сылдьар буолаайаҕын! Киһи кыһалҕатын эн барытын кыайан толоруоҥ суоҕа, дьон атаҕастаммытын баттамытын барытын эн кыайан тэҥниэҥ суоҕа!
(Манчаары тахсар).
(Быыс түһэр).