Манчаары түөкүн (Күлүмнүүр). Иккис ойньуута

Бастакы ойньуута Сүрүн сирэй
Дыраамалар
Күлүмнүүр
Үһүс ойньуута


ОЙНЬУУР ДЬОН:
С ы л г ы һ ы т С ү е д э р , эр ортото киһи. М а т р ы а н а , эдэр дьахтар, Сүөдэр ойоҕо. М а н ч а а р ы .
Ө р ө ҥ н ү ү р К и р г и э л э й дьадаҥы дьон.
Т э л л э й X а б ы р ы л л а сылгыһыт.
К ы ы д а ҥ н ы ы р М и и т р э й ыаллара.
Сылгыһыт дьиэтэ, дьадаҥы ыал. Бэйэтэ ыалдьа сытар, ойоҕо иистэнэ олорор уот кытыытыгар.
Манчаары дьиэ таһыттан киирэн илии тутуһуталыыр, ити гэннэ ороҥҥо баран олорор. Сылгыһыт туран олорор.
С ы л г ы һ ы т . Кэпсиэ, тугу иһиттиҥ?
Манчаары. Суох, тугу да истибэтим! Эһиги тугу иһиттигит, хайтах туох олороҕут?
С ы л г ы һ ы т . Биһиги тугу истиэхпитий, арай тойоммут Чоочо баай баар эрэ көлүнэр көлөбүтүн икки сыарҕа отун иэһигэр туттаран ылла.
М а т р ы а н а. Чоочо баай балай эмэ үрүҥ хара сүүрүктээх буолара, балай эмэ сыһыыга баппат сылгы сүөһүлээх, алааска баппат ынах сүөһүлээх буолар буолара, олоро барыта умса түһэн хааланнар, биһиги баар эрэ биир туора муостаахпытын туттаран ылла ини, онон өрө таттараары. Хайа, биһиги да көлөһүммүтүн кини балай эрэ сиэбитэ буолуоҕа, балай эрэ иннигэр кэннигэр сүүрпүтэ буолуоҕа.
С ы л г ы һ ы т . Ээ, барбаҕы саҥарыма, дьахтар! Улахаттары кытта эн кыайан тэҥнэһээри гынаҕын дуо?
М а т р ы а н а . "Саҥарыма" буола буола, кырдьыгын этитимээри гынаҕын дуо? Ама билигин бу айылаах буолтум иһин, мин да син кини курдук дьонтон төрүөбүтүм. Мин ийэм аҕам өллөхтөрүнэ балай эмэ сүөһү ас хаалбыт этэ. Ону барытын Чоочо оҕоньор бэйэтэ халаан ылан баран, миийигин тулаайах кыыһы туоҕа да суох үҥкүрүччү аньан кэбиспитэ буолбат дуо? Мин аҕам ийэм баалларын саҕына кинини да сөбүгэр киһи этэ дииллэрэ. Оол кинилэр сор суоллаах буоланнар, умса түһэн хаалан, мин бу айыылаах буоллум ини. (Ытыыр, хараҕын уутун элиитинэн соттор.)
Ийэм аҕам өллөхтөрүнэ сүүстэн тахса сылгы хаалта, икки сүүскэ тиийэ тиийбэт ынах сүөһү хаалта, хас да хоспох үп сээбэс хаалта. Ону дьон эрэ барыта билэллэр. Мантан тугу эмэ бэристэҕэ дуо! Хата киһини билиэхпиттэн хамначчыт гынан ынаҕын сааҕын күртэрбитэ буолуоҕа.
М а н ч а а р ы . Отчо үлүгэр сүөһүттэн, үптэн хайтах тугу эмэ ирдэһэн көрбөтөххүтүй, бэйэтэ биэрбэт буоллаҕына, саатар суутунан да үҥсэҥҥит?
М а т р ы а н а . Хайтах ирдэспэт буолуохпутуй, ирдэһэ сатаан кэбиспиппит дэ, ким биһиги диэки буолуой, хата барылара саба саҥаран бэйэбитин мөҥөллөр, сэмэлииллэр. Нуучча суутугар үҥсэрбитигэр хата бэйэбититтэн төһө эмэ харчы баарта сурук оҥотторон биэрэрбитигэр. Биир нуучча тойоно тахса сылдьан, хата кини туһаммыт этэ биһиги үппүтүттэн. Хас эмэ хонугу мэддьи арыҕы иһэн иһэн баран балай эмэ кылааннаах түүлээҕи ылан киирбит этэ.
М а н ч а а р ы . Оннук хараҕа суох баттабылы тохтотор дьарыйар үтүө сүрэхтээх киһи биир эмэ көстүбэтэх буоллаҕа.
М а т р ы а н а . Эчи, оннук киһи хантан көстүөҕэй? Ким биһиги иннибитигэр Чоочо обургу айаҕар киирэн биэриэҕэй.
С ы л г ы һ ы т . Чэ, бу чайгын кут, хата.
Матрыана тахсан ампаартан хайах киллэрэн, остуолга чааскы тэлгэтэн дьонун чайдыыр.
С ы л г ы һ ы т . Бу Чоочо тойон биир атыырын үөрэ мантан арахсымына бу сир отун бэркэ күрүөһүлээн сиэтэ. Мин ыалларым Өрөҥнүүр Киргиэлэй, Кыдаҥныыр Миитэрэй, Тэллэй Хабырылла буолан, бэрт кыра дьон отторун бараатылар. Күн аайы таһаараллар таһаараллар да, кэннилэриттэн киирэ тураллар. Туох да бүтэйтэн иҥнибэт буолбут баҕайылар.
М а н ч а а р ы . Оттон ону айа тардан ду, саанан ытан ду өлөрөн кэбиспэттэр дуо? Хата бу аас саҕана эт сиэниллиэ этэ.
С ы л г ы һ ы т . Тыый, отчоҕо баһыҥ хаһый? Чоочо тойон киһи тыынын иһиллиэ буоллаҕа диибин. Оол курдук гынар баара буоллар биһигини барыбытын тыыннаах гынара суох.
М а н ч а а р ы . Алаата, доҕор, алыс тугу гыныа буоллаҕай? Үбүн аһын бэйэтэ кыанар буоллун ээ. Киһи баар эрэ тыынын күрүөһүлэтэн сиэппэт буоллун. Киниттэн баран от атыыластахха ыарахан соҕустук этиэх быһыылаах диибин.
{Чайдаан бүтэллэр.)
С ы л г ы һ ы т {таҥаһын таҥнан баран). Доҕоор, мин сүөһүбүн аһата таҕыстым, эн Баһылайга сытарыгар таҥаста булан биэр. {Тахсар.)
Манчаары {Кэлэн, Матрыана аттыгар олорон баран). Үнүрүүн Дарбаҕай Дарыбыанҥа тоҕо барбатаҥый?
М а т р ы а н а . Онно тоҕо барыамый?
М а н ч а а р ы . Ойуун кыырдарбыттара буолбат дуо? Онно элбэх уолаттар, кыргыттар муньустубуттара.
М а т р ы а н а . Эчи,мин онно эмиэ тоҕо бардамый?
М а н ч а а р ы . Оттон мин эйигин онно барыаҕа диэн бараммын күүтэ сатаан кэбиспитим.
М а т р ы а н а . Оол эн эмиэ тоҕо миийигин күүттэҥий, миэхэ тоҕо кыһаннаҥый?
М а н ч а а р ы . Мин эйигин күүтэрбин, мин эйиэхэ кыһанарбын, эйигин бэйэтэ даа билэрэ буолуоҕа, сүрэҕэ таайара буолуоҕа дии саныыбын. Былырыын сайын Мэрбэллэ Бүөтүр уруутугар сылдьан көрсүспүппүт тохору, онно оонньообуппут, көрүлээбиппит тохору, эн мин санаабыттан тахсыбат буолан хааллыҥ, онтон бэттэх түүн да буоллун, күнүс да буоллун өрүү эйигин саныы сылдьар буолан хааллым. Сүрэҕим быарым уулан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына утуйар да уум уу буолбат, аһыыр да аһым ас буолбат.
Матр ы а н а . Ама тоҕо отчо үлүгэр буоллаҥый! Куһаҕан дьахтар диэҥҥин күлүү гынан этэн эрдэҕиҥ диибин.
М а н ч а а р ы . Мин тоҕо күллэмий? Хата эн бэйэҥ сэниэн, атаҕастаан этэн этэр инигин. Кини эмиэ киһи дуо, кини эмиэ итии хааннаах, хамсыыр сүрэхтээх буолуо дуо диэн, эрдэҕиҥ.Буор дьадаҥы баҕайы киһи таптаабытын иһин тугунан иитиэҕэй, аһатыаҕай диириҥ буолуо да,- мин да киһи буолан сырыттаҕым дии, мин даҕаны ниччэҕэй эттээх, тардар тымырдаах, тэбэр хааннаах буоллаҕым. Дьадаҥым иһин илиим, атаҕым да күүһүнэн биир дьахтары иитиэм дии саныыбын.
М а т р ы а н а . Мин тоҕо иннэ диэмий дэ, мин баҕас эрэйдээҕи тоҕо таптаатаҥый? Аны кэлэн мин хайтах эйигин кытта холбоһон тэллэххэ сытар тэҥнээх хойньҕо сытар холоонноох доҕор буолуомуй, оҥоруубут, ыйаахпыт атын буолтун кэннэ. Бостуой сүрэх быар бааһа буола сылдьыах кэриэтэ санааны маҥнайгыттан эрэйдиэххэ түктэри, бостуой дьон элэгэ, киһи күлүүтэ буолуохпут.
М а н ч а а р ы . Оҥоруубут, ыйаахпыт туһунан буола буола. Тугу да билбэт тулаайах хаалбыт оҕону оол Чоочо оҕоньор бары баайын халаан ылан баран, сылгыһыт уолугар күүһүнэн эргэ биэртэ оҥоруу буоллаҕай, бэйэҥ өйдөөх санааҕынан, сүрэҕин сөбүлүөн барбыккар дылы. Итинниги оҥоруу ыйаах диэтэххэ киһи бэйэтэ өйдөөх санаалаах да буола сылдьыа суох. Отчоҕо киһи сүөһү курдук үүрүллэ да сырыттаҕына, сөп буолсу диибин. Хайа, эмиэ Таҥара ыйааҕынан киһи орто дайдыга сүүрэр атахтаах баһылыга буолар, үтүөнү куһаҕаны бэйэтэ билэн бэйэтин иннин бэйэтэ билиэх тустаах дииллэр дии. Биһиги кырдьык таптаһар буолан баран тоҕо холбоспоппут, дьолбутуттан туораан биэрэбит? Тоҕо биһиги куһаҕан дьон санааларын тылларын хоту бараммыт бэйэбит бэйэбитин эрэйдиибит, муҥнуубут. Хата эн биһиги сүбэбитин холбоон биир буолуох. Мин эн иннигэр ууга да уокка да түһэрбин кэрэйиэм суоҕа. Отчоҕо кэм мин Чоочо оҕоньортон, кини сиэбитин аһаабытын хайата да буоллар ситиэм. Аҕаҕыттан, ийэҕиттэн хаалбыт симэххин таҥаскын сүгүн киниэхэ сиэтиэм суоҕа.
М а т р ы а н а . Эчи билбэтэҕим, оҕолоор, сүрэҕим куттанара, санаам хоппото бэрт эбээт. Ол улуу күтүр биһиги барахсаттары тулутар баҕас үһүө! (Куустуһан баран уураһаллар-сыллаһаллар.)
М а н ч а а р ы (Тохтоон олорон баран). Бэрт да буолар эбит киһи кытаанах күтүр санаата, киһини аһыммата, харыһыйбата, дьонтон сааппата, таҥараттан куттаммата, бэйэтин иннин
кэннин өйдүөн көрбөтө, бэйэтин курдук киһини хааннаах ыт курдук көрөрө. Бу Чоочо оҕоньор тугу саныы саныы бу курдук киһини күтүрдүк, кытаанахтык баттыыра, атаҕастыыра буолуой? Бэйэтин кини өлөр тыына, ыалдьар этэ, тохтор хаана суох курдук саныыра дуу? Хайтах кини киһини бэйэтинэн охсубат, хайтах кини киһи эрэ үчүгэй олоххо, үтүө майгыга баҕарара буолуо диэбэт. Туох диэ этэ, арай кинини кини бэйэтэ атаҕастыырын-баттыырын курдук атаҕастыыр-баттыыр киһи көһүннэҕинэ?
М а т р ы а н а. Эчи, кининньик улуу күтүрү ким кыайан өрө көрөн туран өрөлөстөҕөй, туох кинини утары көрдөҕөй.
М а н ч а а р ы . Алаата доҕоор! Чоочо да оҕонньору уу ылбат, уот сиэбэт диэтэҕиҥ дуу. Куһаҕан санаа киирдэҕинэ киһи эрэ киниэхэ сөбтөөх доҕор, аналлаах атас буолуо этэ!
М а т р ы а н а. Ээ, эчи эн биһикки баҕас тугу кьгайдахпытый хоттохпутуй; доҕоччукаам!
М а н ч а а р ы. Миигин даҕаны тугу кыайан оҥорбот буолуо диэтэҥий. Билигин Чоочо оҕоньор, кыстыгыттан атын сиргэ, от сии олорор: Үбэ, аһа кыстыгар хаалбыта буолуоҕа, ону бараммын ый быыһын ыһыаҕа, аат дойду аһылыга гыннахпына гоши миийигин тугу гыныаҕай, хантан билиэҕэй?
М а т р ы а н а. Ол курдук оҥорбуттан туох туһа тахсыай? Кыаттарара буоллар Чоочо оҕоньор, баайгын барытын ылан, кыра дьоҥҥо түҥэтэн биэрэр буоллар, үчүгэй буолуо этэ.
М а н ч а а р ы. Оннугун оннук даа кыра дьонуҥ ону билиэхтэрэ диэтэҕиҥ дуу? Чоочо оҕоньор туту эппитин хоту бара сылдьар баҕадьылар хата бэйэбитин бултуурга эккирэтэргэ барыахтара. (Тохтоон олорон баран.) Бэйэ-рэ мин бараммын көрөн кэлиим, туох харабыллаах манабыллаах эбит Чоочо кыстыга. Мантан чугас буолбат дуо?
М а т р ы а н а . Куттанабын эбээт, доҕоччукаам, хайа алдьархай буолаарай? Чоочо оҕоньор биллэр эрэ сүгүннүүрэ суох эйигин киһи аатыттан аһарыа буолбат дуо?
М а н ч а а р ы . Биллэр биллин доҕоор! Биир сымыыт ханна сытыйбат биир киһи ханна өлбөт. Оччоҕо саатар түүн көҥүл күөлэһийэрэ, күнүс көҥүл көрүлүүрэ тохтуоҕа. Кинилэр даа хамсыыр сүрэхтээх, тардар эттээх, буолуохтара. Хата, эн бэйэҥ сүрэх быар элэмтэтэ буола олорума. Билигин даа кыаттарбатахтарын хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскиттэн кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ маннык хараҕа суох баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа. Ону дьоммут билигин даа билбэтэхтэрин иһин, хойутун хойуккунан билиэхтэрэ. Чэ, бырастыый! (Уураан-сыллаан баран, Манчаары саатын батыйатын ылан баран, тахсан барар. Тохтуу туһэн баран, дьиэ таһыттан Сылгыһыт киирэр.)
Сүөдэр (Таҥаһын сыгынньахтана-сыгынньахтана этэр). Доҕоор, хайа билиҥҥи ыалдьыппыт ханна барда?
М а т р ы а н а. Ким билэр, билигин кэлиэм диэн таҕыста диибин.
С ы л г ы һ ы т . Тыый, ол ханна бардаҕай? Тахсан Чоочо оҕоньор иччитэх кыстыгын диэкки барда. Аны ол киһи тугу эмэ оҥорон алдьахай буолуо, киһини тылга иҥиннэриэ.
Таһырдьаттан киирэллэр Ө р ө ҥ н ү ү р К и р г и э л э й, Т э л л э й X а б ы р ы л л а , К ы ы д а ҥ н ы ы р М и и т р э й .
С ы л г ы һ ы т . Кэпсиэҥ? Бу ханна бардыгыт бачча түүн?
Ө р ө ҥ н ү ү р. Бэйэбит манна сылдьабыт.
С ы л г ы һ ы т . Манна тоҕо кэллигит?
Ө р ө ҥ н ү ү р. Чоочо баай оҕоньор атыырдаах сылгыта баар-эрэ оппутун күрүөһүлээн сиэн кэбиспитин ону тыллыы сылдьабыт, оҕоньорго бэйэтигэр баран тыллыы сылдьыбыппытын сиргэ сылдьар сүөһүлэри хайтах кыныамый диэн батан ыытта. Күрүөҕүтүн үчүгэйдик оҥорбоккут буолуо диир даа, киһи сатаан кини сылгыта кыайан киирбэт кына оҥоруо суох; көтүөхтэригэр кыната суох эрэ баҕадьылар.
С ы л г ы һ ы т . Ону хайтах кынаары кынаҕыт?
Ө р ө ҥ н ү ү р. Хайтах кыныахпытый!..
Таһырдьаттан киирэр, сүүрэн аҕылаабыт киһи быһыытынан, биир хааһаҕы сүкпүтүнэн, М а н ч а а р ы . Элбэх дьон баарын көрөн баран, соһуйбут киһи быһыыланар.
М а н ч а а р ы . Бу тоҕо мунньустубут дьонуй?
С ы л г ы һ ы т . Ээ, бэйэлэрэ сылдьар дьон! Чоочо оҕоньор сылгыта отторун күрүөһүлээбитин тыллыы сылдьаллар.
М а н ч а а р ы . Тыллыы буола-буола, оттон мин билигин ааһан иһэн көрдөхпүнэ, атыыра суолга туора охто сытар диибин.
Б а р ы . Тыый, ол хайтах буоллаҕай? Хайтах өллөҕөй?(бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр.)
М а н ч а а р ы . Онуоха тоҕо соһуйдаххытый,- аҕалан үллэстэн сиэхпит. Онуоха диэри ити хааһахха баар үбү ылан үллэстиҥ! Ити эмиэ Чоочо оҕоньор уһун быйаҕа, киэҥ кэһиитэ. Билигин мин сылайдым, ханна эрэ утутуҥ. Сасыарда эрдэ уһугуннараарыҥ.
С ы л г ы һ ы т . Чэ ити үгэх баар, онно киирэҥҥин утуй!
М а н ч а а р ы үгэххэ киирэр.
(Өр соҕус тохтоон олорон баран, аргыый аҕай сибигинэйэн этэр.) Чэ, доҕоттоор, бу үлүгэри көрүҥ эрэ, ити киһи бу дьаабыны оҕордоҕун! Дьэ, Чоочо оҕоньор биһитини олорор олохтуура суох, утуйар уулуура суох, хайа хайтах гынабыт?
Ө р ө ҥ н ү ү р . Биһиги тугу билиэмитий, эн биллэҕиҥ диибин!
И к к и д о ҕ о р о . Эн бил, эн бил!
С ы л г ы һ ы т (Тохтоон олорон). Хайтах кыныахпытый. Кэлбит үбү үллэһиннэхпит диибин, ити гэннэ чэ, бу киһи тыыннааҕын тухары Чоочо биһигини сүгүн олордоро суох, онон биир киһи тыынын тыыннаныахпыт дуо, кинини билигин утуйа сыттаҕына саанан ытан кэбиһиэххэ. Сөбүлүүгүт дуо?
Б а р ы . Чэ эн бил, чэ эн бил.
М а т р ы а н а . Тыый, хайа үлүгэр буоллаххытый, иирдэххит дуу? Тугу эһиэхэ оҥорбут киһини өлөрөөрү кынаҕыт. Хата, эһиги иннигитин илиннэн, эһиги кыһалҕаҕытын кыһалҕа оҥостон сылдьар буолбат дуо?
С ы л г ы һ ы т . Дьэ эн саҥар эрэ аны биирдэ, мин эйигин көрдөөбүккүн биэриэм. Кэтэҕиҥ аһыттан ылан баран, дьиэ таһыгар быраҕыам. Эн эмиэ тугу эрэ билэҕин, киэр бар антах! (Охсоору гынар, дьахтар куотан дьиэ таһыгар тахсар.) Чэ, ылыҥ, ити сааны иккиһин иитэн баран, ол чуолҕанынан сүүһүн хаба оттотунан көрөн ытыҥ!
Б а р ы . Суох, суох, бэйэҥ ыт. (Кэннилэринэн тэйиэкэлииллэр.)
С ы л г ы һ ы т ылан сааны иккиһин иитэн баран, ытар, саата уот биэрбэт. Сотору соҕус буолан баран, М а н ч а а р ы туран кэлэр.
М а н ч а а р ы . Үчүгэйдик да утуйдум, доҕоор. Эһиги ханна да барбатыгыт дуу,- ким да кэлбэтэ дуу?
Б а р ы : Суох, ханна даа барбатыбыт, ким даа кэлбэтэ!
Манчаары. Кэлиҥ эрэ, доҕоттоор, манна олоруҥ. Мин түүлбүн кэпсиим. Сити утуйа сыттахпына эһиги саанан ыппыт курдуккут, сааҕытын икки буулдьаннан иитэн, ол буулдьаларгыт икки кулгаахпынан сирилээн этэн аастылар: Тур, эйигин доҕотторуҥ өлөрөөрү гыннылар дииллэр!
Б а р ы . Тыый, туох баҕайы түүлүй? Эчи, биһиги эйигин туох диэн өлөрөөрү гыннахпытый, бэйэбит бэйэбитинэн.
М а н ч а а р ы . Чэ! Оччоҕо кэлиҥ, бу аал уот иннигэр тобуктаан туран андаҕайыҥ: Биһиги өлөрөөрү гымматахпыт диэн.
Бары уот кытыытыгар кэлэн тобуктаан тураллар.
М а н ч а а р ы . Андаҕайаҕыт - дуо мийиэхэ. туох да куһаҕаны санаабатахпыт диэн?
Б а р ы . Андаҕайабыт! Андаҕайабыт!
М а н ч а а р ы . Андаҕайаҕыт дуу: бу Манчаары баайга баҕаран, үбкэ ымсыыран, баранаак буолан бардаҕа диэхпит суоҕа, - хата, биһиги хааннаах хара көлөһүммүт харыһыгар, биһиги сордоох сор суолбут толугар бу курдук бэйэтин харыстаммакка тэрилиннэҕэ диэн, кэнэҕэски үөскүүр ыччаттарга даа кэпсиэхпит диэн?
Б а р ы . Андаҕайабыт, андаҕайабыт!

Үһүс ойнуута