Манчаары түөкүн (Күлүмнүүр). Үһүс ойньуута
←Иккис ойньуута | Сүрүн сирэй Дыраамалар Күлүмнүүр |
Төрдүс ойньуута→ |
Киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр кэпсээн. Биэс суол ойньуулаах. ҮҺҮС ООННЬУУТА
ОЙНЬУУР ДЬОН:
Ч о о ч о к и н э э с , ааттаах баай оҕоньор. М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а - кинээс. саас ортото киһи. И к к и с ч а р ч ы ы н а - кинээс, кырдьаҕас оҕонньор. Хапраал. М а н ч а а р ы . Мунньах дьоно: С ы л г ы һ ы т С ү ө д э р . Өрөҥнүүр Киргиэлэй, Т э л л э й X а б ы р ы л л а , К ы ы д а ҥ н ы ы р М и и т р э й у о н н а д а а т ы н д ь о н н о р
Чоочо баай дьиэтэ, тойоттор остуол иннигэр чай иһэллэр. Манчаары маска баайыллан турар, кыра дьон уот кытыытыгар тураллар.
Ч о о ч о . Дьэ, кырдьарстара, тойотторо, бу акаары мэник быһыытын майгытын истэн дьүүллээҥ, дьаһайыҥ! Кини туохха даҕаны кыайтарарыттан ааста. Ампаарбын алдьатан үбпүн көтөҕөн ылбыт, сыһыыга сылдьар сылгыбын ытыалаан өлөртөөн кэбиспит. Бу мин үбпэр-аспар кини туохха өстөннө, кини мийиэхэ тугун былдьатан, талатан маннык быһыыны быһыыланна. Арай тулаайах хаалбыт уолу иитэн, аһатан бачча гыммыт буруйдаах буолуом. Ылыҥ эрэ ыйытыҥ. туох иннигэр мийигин ити курдук дьаабылаабыт?
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Чэ, эт, нокоо, туох туһуттан эйиэхэ итинник күтүр санаа киирдэ? Туоха эйиэхэ ити курдук абааһы имнэннэ дуу, хайа киһи кигиэһининэн оҥордуҥ дуу?
М а н ч а а р ы . Абааһы да имнэнэ илик, киһи да кигэ илик, бэйэм санаабыттан оҥордум диибин!
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Туох туһуттан эйиэхэ итинник санаа көтөн түстэ?
М а н ч а а р ы . Истиэххитин баҕарар буолаххытына кэпсиэм даҕаны! Оҕоньоттоор,кырдьаҕастаар, бэйэҕит даа билэрҕит буолуо мин хайтах түөкүн үөскээн баччааҥҥа диэри олорбугатун. Нирэй оҕо эрдэхпинэ, аҕам тыыннааҕына, эрэйи-муҥу билбэт этим.Оччоҕо киһини эрэ барыта тэҥ буолуохтара диирим. Аламай күн бары дьон үрдүгэр тахсара буолуо диирим, аан дойду бары дьон аатыгар үөскээбитэ буолуо дии саныырым, көтөр кынаттаах халлааҥҥа, сүүрэр атахтаах хара тыаҕа, таҥнары сүлгүөхтээх дириҥ далайга, бары дьон туһаларыгар айыллыбыта буолуо диирим. Сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй этим, хамначчыттар сүөһүнү күүскэ үүрдэхтэринэ аһынан ытыыр этим. Аҕам сымнаҕаһа бэрт диэн, Манчаары диэн ааттааҥ диирэ. Тоҕустаах оҕо эрдэхпинэ аҕам өлбүтэ. Ол сыл сүүнэ аас, сут сыл буолта. Биирдии сыарҕа от уоннуу сүүс буолбута, биирдии буут тар иккилии сүүс буолта. Сааскытыгар кыра дьон барыта уу ымдаантан сирэйдэрэ сүүлэ иһэн хаалта. Аҕам, ийэм саһарар дьаҥҥа охтубуттарыгар хамнатчыппыт куттанан күрээн баран хаалбыта. Онно ити Чоочо баай оҕонньор, дьаҥ сыстан өлөммүн баайбыттан матыам диэн, биир да киһини сырытыннарбат гына оҥорбута. Кыра чугас ыалбыт түүн кэлэн маспытын мастаан биэрбэтэхтэрэ буоллар тоҥон өлүө этибит. Сонно билбитим бастаан дьон сүрэгин кытаанаҕын, киһини аһымматын, харыстаабатын. Онтон аҕам өлбүтүн кэннэ оппут баранан хаалан, сүөһүбүт сутаан күн аайы 8-тыы - 9-туу сүөһү өлбүтэ. Ийэм ыалдьа сытан миийигин огустаан сыарҕалаан Чоочо оҕоньорго ыыгатыта - бараҥҥын абаҕаҕыттан саатар биир тиэйии отто аҕал, торбосторбутугар сиэтэрбитигэр диэбитэ. Онно барбыппар ити оҕоньор дьаҥыргаан дьиэтигэр киллэрбэккэ таһынан батан ыыгптыта, биир дэ салаа оту биэрбэккэ. Онтон бараммын кыбыытыттан торбоспор сиэтиэҕим диэн этэрбэһим айагар оту симмитим. Ону көрөн Чоочо хамначчыта Кубарсы Уйбаан биир түүтэх оту уоран биэрбитин дьиэбэр илпитим. Саамай бастаан түөкүн буолбутум ол баар, ону барыгыт истиҥ, туох буруйга. дьүүлгэ тириэртэрҕит - тириэрдиҥ. Сарсынҥытыгар тураммын ийэбиниин дулга сиэлин күрдьэммит, ону хаар анныттан хаһаммыт. сүөһүбүтүн аһаттыбыт. Сонно бастаан билбитим бу Чоочо оҕоньор от-мас сүмэтин супту оборон сиэн олорорун, кини дьон күүһүн таҥнары сабардаан олорорун.
Ч о о ч о . Ити хара ыкка тугу мээнэ лабаҥхалатаҕыт, ылыҥ ыйытыҥ, ылбыт үбүн кини ханна гыммыт?
М а ҥ н а й г ы Ч а р ч ы ы н а . Үгүһү тугу лахсыйаҕын, хата кэпсээн биэр ылбыт үпкүн ханна гыммыккын!
М а н ч а а р ы . Суох, ылбыт үппүн ханна гыммыппын этиэм суога!
Ч о о ч о . Тыыннаах абааһы, дьөссө эн уоскунан угалдьылы, тылгынан лабаҥхалы тураҕын, мин эйигин сибилигин ээххин этитиэм, кырдьыккын кэпсэтиэм. Ыл. Хапраал! Ылан ити түөкүнү маска туруор.
Хапраал баҕанаттан сүөрэн кырыылаах маска тобуктатан туруорар.
М а ҥ н а й г ы Ч а р ч ы ы н а . Нокоо, эн тойоҥҥуттан көрдөс, буруйгун билинэн ааттастаххына. Тоҕо мэккиһэҕин, өрөлөһөҕүн!
М а н ч а а р ы. Мин туох диэн киниттэн көрдөһүөмүй, туох диэн ааттаһыамый. Мин кини курдук хайа даа тулаайах үбүн-аһын былдьаан-талаан ыла иликпин, мин кини курдук хайа даа тиийиммэт-түгэммэт хааннаах хара көлөһүнүн супту оборон сии иликпин, мин кини курдук сатыыттан тайаҕын, аттаахтан кымньыытын талаан ыла иликпин.
Ч о о ч о . Ити түөкүҥҥэ ыт курдук үрдэримэҥ, үөхтэримэҥ!
М а ҥ н а й г ы Ч а р ч ы ы н а. Бэйэ эрэ нокоо, эн тохтоо, өйдөн, иирдиҥ дуу, кутурдуҥ дуу, тугу-тугу мээнэ лахсыйаҕын. Эн бадаҕа этэр тылыҥ баһын билбэт буолбуккун эбээт.
М а н ч а а р ы . Мин тугу да лахсыйа иликпин. Ити оҕоньор бадаҕа кырдьыкка хараҕын аалларар, сырайа саатар быһыылаах.
Ч о о ч о . (Уордуйан.) Бу маҥайкаан аллаах тылын истиҥ эрэ, миигин туохтан сырайбын саатардар, харахпын аалларар? Мин тугу гыммыт үһүбүн: Сылгы, ынах иитэммин дьону аһатар буруйдаах буолуом, от оттотон дьону салгыыр айыылаах буолуом. Ол мин быйаҥмыттан балай эмэ киһи саас аайы иитиллэрэ буолуоҕа. Сырайгыт сүүлэ иһэн баран, саас бэс үөрэннэн аһылыктанаргыт саҕына хайа мин аһым-үөлүм минньигэс буолар буолара диибин. Эһиги сырайгытын мин иһэрдэбин дуо, аспын-үөлбүн мин эһиэхэ элбэҕи ирдиибин дуо? Мин оту оттоппотум буоллар, маһы мастаппатым буоллар, хайа эһиги даа холоон дьон буолаайаҕыт. Саас аайы бэйэһит отто аҕал даа дии диигит, киһини олорпоккут даҕаны, туруорбаккыт даҕаны. Мин эһигини мин оппун ылан, мин аспын аһаан абырааҥ диэн көрдөспөппүн эбээт, ылан, аһаан миигин туһалаамаҥ, абыраамаҥ эбээт. Эһиги даа бааргыт эбээт тоҕо байбаккыт-топпоккут, киһи эрэ бэлэмигэр бэрт буолаҕыт. Баайы даа киһи эрэйинэн байар, үбү да киһи кыһалҕанан булар.
М а н ч а а р ы . Эн кыһалҕаҕын, эн эрэйгин киһи билэр кыһалҕата, эрэйэ буолуо.
Ч о о ч о . Чэ, бэрт киһи эн ону билэр буоллахкына, кэпсээн иһитиннэр эрэ бу дьон ортотугар.
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Чэ, туран тойонҥор кэпсээн биэр.
М а н ч а а р ы . Эн эрэйиҥ, кыһалҕаҥ диэн тугуй? Сир үтүөтүн эн тутан олороҕун, сир бастыҥын эн былдьаан олороҕун. Ону тийиммэккэ түгэммэккэ, тулаайахтарга бэйэлэрин сирдэрин бэйэлэригэр оттотон ыларыҥ ол дуо эн кыһалҕаҥ? Эн оккун тиэйэргэ, эн маскын мастыырга, эн сүөһүгүн сүөһүлүүргэ бүтүн нэһилиэк, улуус дьоно тук буолбаттар, - ол дуо эн эрэйиҥ? Кырдьык, арыыҥ, отуҥ, сүөһүҥ, түүлээҕиҥ - диэксэлэр ахсааныгар, хамыырыгар түүн утуйбаккын, күнүһүн олорбоккун. Күһүнүгэр чэпчикитик ылларбын диэн, сааскытыгар ыараханнык биэрдэрбин диэн, ол санаатыгар олорор буолбаккын дуо? Ити эн этэҕин мин көрдөспөппүн, миигиттэн ылан салҕанан абырааҥ диэн.
Кырдьык, эн көрдөспөккүн кими даҕанны, эйигиттэн көрдөһөллөр барылара. Ол эрээри эн биирдэ эмэ өйдүөн көрдүҥ дуо - бу туох туһуттан эйиэхэ кэлэн ааттаһаллар, атаххар үҥэллэр? Эн бэйэҥ туох диэҥий, тугу саныаҥый, арай эн ууга түһэн тыыҥҥын былдьаһан эрэр буол, онно уу кытыытыгар турар киһи эн көрдөһүүгэр ураҕас быраҕан биэрэригэр эн баайгын барытын көрдүүр буоллун? Кини эмиэ этиэ эбээт - мин көрдөспөппүн, эн көрдөһөҕүн диэн, ууга өлүөххүн баҕарар буоллахына биэримэ диэҕэ. Онно эн туох диэн саныаҥый? Өлөрбүттэн быыһаатаҕа, тугу баҕарар: барытын ыллын диэҥ дуу, кыһалҕабар, өлөр күммэр, туох да улаханы эрэйдэммэтэх суолугар кыһайан ыллаҕа диэҥ дуу? Хайа, өлөөрү гыммыты өрүһүйбэккэ барда, алдьархайы көрөн баран, ааһан барда диэн буруйга, сэмэҕэ тириэрдээйэҕин!.. Оттон эн диэксэллиир дьонуҥ саас аайы сутуур, саас аайы сырайдара иһэр дьон тугунан атыннарый ууга түспүт киһиттэн? Ол дьон тугу дииллэрэ буолуой эйигин?
Ч о о ч о . Бу түөкүн аны уорбутун, алдьаппытын ордугун тылынан үөҕэрэ хаалбыт эбит. Тойоттор, кырдьаҕастар, дьүүллээҥ бу киһини, түксү, миигин үөхтэримэн, симнэримэҥ. Ирдээҥ, кини ылбыт үбүн ханна гыммытый.
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Туоһулартан ыйытан истиэххэ баар. Кэлиҥ эрэ бэттэх Сылгыһыт Сүөдэр, Өрөҥнүүр Киргиэлэй, Тэллэй Хабырылла, Кыыдаҥныыр Миитэрэй, кэпсээҥ тугу билэргитин, тугу да кистиэбэккэ.
С ы л г ы һ ы т . Суох, мин тугу даа билбэппин, арай бу дьон миэхэ биирдэ кэлэн кэпсээбиттэрэ Манчаарыны көрүстүбүт диэн, кини бу тойоммут ампаарын алдьатыаҕыҥ, сылгытын ытыталаан кэбиһиэҕиҥ, диэтэ диэбиттэрэ, ону сонно сарсыҥҥытыгар дуу, өйүүҥҥүтүгэр дуу кэлэн тойоммор кэпсээбиппэр, баран ампаардарын көрбүтэ хайы үйэҕэ алдьатан кэбиспиттэр. Ити кэннэ тугу да билбэппин.
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Оттон эһиги, ноколоор!
Ө р ө ҥ н ү ү р. Биһиги билэрбит баар арай биирдэ түүн сылгылар оппутун көрүөһүлээн сиэбиттэрин таһаартыы сырыттахпытына Манчаары кэлэн бу тойоммут ампаарын алдьатыаҕыҥ, сылгыларын ытыталаан кэбиһиэҕиҥ диэбитэ, онтон куттанан ити Сылгыһыт Сүөдэргэ кэпсээбиппит. бар тойонҥор тыллыы тарт диэбиппит. Ити гэннэ тугу да билбэппит...
Б а р ы . Ити кэннэ тугу да билбэппит. (Тоҥхолдьуһаллар.)
Ч о о ч о . Хара ыттар, ону тоҕо сонно кэлэн миэхэ тыллаабатыгыт? Бэйэ мин эһигини кытта кэпсэтиэм!
Б а р ы . Тыый, тойоммуот, онно түүннэри хайаан кэлиэхпитий бачча ыраах сиргэ!
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Манчаары ылбыт үбүн ханна гыммытын билэргит буолуо.
Б а р ы . Суох, суох, тугу да билбэппит ончу.
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Дьэ, туох уурууну уурабыт, хайтах дьүүллүүбүт. Сатаан олорпотугар тиийбит киһи быһыылаах. Кинини үчүгэй аҕайдык кэһэтэн биэриэххэ баар. Ыл Хапраал, ылаҥҥын ээҕин этиэҕэр диэри өлөрбүт сылгытын баһын быанан баайан баран мойнугар кэтэрдэн кэбис, ити гэннэ уот кытыытыгар илдьэн туруор.
М а н ч а а р ы . Хайтах да гыммыккыт иһин оҥорорбун оҥоро туруом, алдьатарбын алдьата туруом. Арай эһиги миигин өлөрдөххүтүнэ уурайыам.
Ч о о ч о . Киһигит тылын истиҥ, ханнык ааньаны саныыр киһи ити курдук тыллаһыыһык? Кинини үчүгэйдик кытаанахтык дьүүллээн сүрэҕин кэһэтэн биэриэххэ. Оруоската быстаран үстэ унуор диэри таһыйан биэриэххэ.
М а ҥ н а й г ы ч а р ч ы ы н а . Арай ол курдук дьүүллүүргэ сөп буолбут киһи, атынынан киҥини киһи иһитиннэриэ суох киһитэ. Хайа, оҕоньор, эн санааҕар хайдаҕый.
И к к и с ч а р ч ы ы н а . Мин тугу билиэмий, билэр дьон бэйэҕит дьүүллээтэххит диибин. Сааспын сэттэ уоммун туоллум, онуоха диэри хас даа кинээскэ чарчыынанан сырыттым даа киһи чэгиэн этин сэймэктииригэр, кыа хаанын тоҕоругар сылдьыбатаҕым даҕаны, былыргыга даҕаны оннук дьүүл баарын истибэт этим. Арай эмээхситтэр сыалдьа сыбыдах уолаттар үүтү уоран истэхтэринэ, этэрбэстэрин быатынан таһыйаллар, онуоха дылы бачча улахан киһини хайтах гынан таһыйабыт. Ньуучалар кэпсииллэр, арай киһини өлөрбүт дьону таныыларын тыыран, имнэрин имнээн баран, быалаах кымньыынан таһыйаллар үһү диэн. Ону үтүгүннэриэхпит дуу?
Ч о о ч о . Иньнэ гынан хайтах дьүүллэтээри гынаҕын. Биитэр эн санааҕар түөкүнү, баранааҕы букатын дьүүллүөххэ сатаммат дуу? Кырдьаҕас киһи буолан баран, бэйэҥ бэйэҕинэн куһаҕан санаалаах эдэр уолаттары тэптэрэн биэрэҕин.
И к к и с ч а р ч ы ы н а . (Туран эрэн). Мин, кими даа тэптэрэн эппэппин. Кырдьыгы этэбин. Кырдьык кырдьаҕаска даа буоллун, эдэргэ даа буоллун биир буолуо дии саныыбын. Баттабыл аата - баттабыл, атаҕастабыл аата - атаҕастабыл.
(Быыс түһэр)