Махтанабын бу кэми... (Өнөкөй)
Махтанабын бу кэми -
Этинэ илик эдэр кэммин.
Истиҥнэрин кистэммэттэр,
Дьиктилэрин баайбаттар,
Мин иннибэр кустук буола
Дьон кэрэтэ арыллар.
Саҥарбаппьш, саҥарбаппын,
Санааларбар арыллабын.
Син биир таайар курдуктар
Ыраас, сырдык ыраларбын.
Махтанабын бу кэми -
Уйан, чараас књннэри.
Бэйэҥ айбыт саҕа үөрэ
Саҕахтары көрөҕүн,
Халлаан бүппэт номохторун
Күн, түүн сэргии ааҕаҕын.
Күн майгытын үтүктэ
Өҥ үөрүнньэҥ оонньуутунан
Санааларгар сарыал ыһа
Утуйаҕын, уһуктаҕын.
Махтанабын бу кэми -
Этинэ илик кэрэ кэммин.
21.08.75