Махтанабын бу кэми (Өнөкөй)

Аан тыл

уларыт

Маҥнайгы суруйууларым анныгар 1972 сыл диэн сурулла сылдьар. Онтон эрдэтээҥини булбатым. Ити Новосибирскай университетын үһүс кууруһугар үөрэнэр кэмим. Дойдубун, дьиэбин, элэс гыммыт оҕо сааспын ахтан, хоһоон киэбин үтүгүннэрэн, ону-маны суруйа сатыыр эбиппин. Билигин ол тэтэрээттэрбин оччотооҕу кэм күннүгүн курдук көрөбүн, атын киһи ааҕан туһаммат - туох санааны этэ сатаабыппын бэйэм эрэ нэһиилэ өйдүөхпүн сөп.

Онтон 1974-75 сыллартан бэттэх суруллубукка ааҕааччыга тиийиэн сөп ис хоһоон баар курдук буолан барбыт. Өссө 1985 сыл эргин мунньуллубут матырыйаалы бэчээттэтэргэ соруна сылдьыбыттаахпын. "Хотугу Сулуска" таџаараарай" диэн хоџооннорбуттан талан-талан Семен Руфовка ыыппытым. Сэмэн Тиитэбис: "Бу хоџооҥҥо майгыннаабат. Рифмата да, кээмэйэ да суох. Уонна ис хоџоонун киџи соччо-бачча љйдљљбљт. Саатар сурук бэлиэтэ турбатах. Чэ, санаа-хоџоон диэххэ сљп буолуо. Ол гынан баран учуонай математик хоџоон суруйбутун бигэргэтэр факт быџыытынан таџаара сатыам", - диэбитэ.

Инньэ гынан 1987 сыллаахха "Хотугу Сулус" 5-с нүөмэригэр Иван Бигэ диэн хос аатынан алта хоџоонум, Семен Руфовтыы эттэххэ "санаа-хоһооннорум", күн сирин көрбүттэрэ. Ити кэнниттэн сотору соҕус буолан баран Эрчимэн поэзия туһунан критическэй ыстатыйатыгар кэрэхсээбит саҥа автордарын быыһыгар ол "Иван Бигэни" кыбыппытын дьиктиргии да, үөрэ да, аахпыттаахпын.

Тиџэх санаа-хоһооммун 1987 сыллаахха суруйбут эбиппин. Бука ити кэмтэн саҕалаан атын тњбњк-садьык аралдьытан бардаҕа. Ити маҥнайгытынан. Иккиџинэн, оччотооҕуга миэхэ тњмњллњбњт сњрњн ис санааларбын, тылынан ойуулуохпун сљп иэйиилэрбин барытын суруйан бњтэрэн да кэбиспит буолуохпун эмиэ сљп. Билигин букатын атын кэм, атын олох кэллэ, атын сыал-сорук кыџарҕана књннээҕи тњбњк миэлиҥсэтин эргитэр. Онон, љрдљљҕњтэ љрњкњйбњт љй-санаа туоџута сыппыт сиригэр сытан да хаалыан сљп этэ. Ол гынан баран...

Бу иккиттэн биирэ быџаарыллар былдьаһыктаах кэмнэргэ сурук-бичик эйгэтигэр чугас эдэр дьону бэйэм угуйа сатыыбын: "Кэпсээн суруйуҥ, хоһоон айыҥ. Кыбыстымаҥ, көрдөрүҥ, бэчээттэтиҥ, дьон- сэргэ туһатыгар таһаарарга кыһаллыҥ" диэн. "Дьоҕурга" сылдьыбыт, "Түмэҥҥэ" ("Тобулга"), Республика лицейигэр үөрэммит ыччаттартан суруйар эдэр дьон син элбээн эрэллэр. Онтон сэргэхсийэн, кинилэри ааҕаайаллар, ол ааҕан биир эмэ олук санааны булаайаллар диэн эргэ күннүк тэтэрээттэрбэр тиһиллибит суруйуулартан арыый да хоһооҥҥо маарынныырын талан-талан хомуурунньук оҥорорго сананным. Бу дьоҕус кинигэ туһунан кэпсээн итинник.

Өнөкөй

Иһинээҕитэ:

Сүрүн сирэй