Ноктюрн (Варвара Потапова)

Түннүккэ түспүт ойуу... (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Хаар өлбөт үйэлээх... (В. Потапова)



Ноктюрн


Охсулла илик ходуһалыы,
Киэҥ, холку халлаан.
Хаһааҥҥы, ханнык олохтон
Кэпсиирий кини, суугунаан?..
Yктэл хара буорун курдат,
Yрүҥ күҥҥэ тардыһа,
Yүммүт,
Тэпсиллибэтэх
Кэрэ илдьитэ -
Сибэкки!
Эмискэ биир илии
Тосут тутар, били,
Бэйэтэ да кэмчи
Кэрэни...
Тарбахтар тымныынан
Хаарыйаллар -
Олох тыынын быһаллар...
Тоҥ буор үрдүгэр
Тохтор сибэкки үлтүрүйэ...
Хороҥ оту тосту үктээбэт
Өбүгэлэр ханналарый?
Билэллэрэ эбээт кинилэр
Кэрэҕэ харысхалы?!
Оттон сибэкки суох!..