Хаар өлбөт үйэлээх... (В. Потапова)

Ноктюрн Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Хаар сиргэ көмнөҕүнэн түһэр...




Хаар өлбөт үйэлээх
Ырааһыгар
Мин дойдум сөтүөлүүр.
Төрүт буорум -
Сахам сирэ -
Муустаах Муора
Таптыыр кыыһа,
Хотугу үтүөҕэ сирдиир
Хотугу сулус
Хаан уруу балта
Мин харахпар бу баардыы,
Кый ыраахха ыҥырардыы,
Субуһаннар
Субу тураллар -
Ырыа кэтиир суоллар
Ыраах саспыт тыалара,
Долгун устун тыргыллар
Көмүс курдаах арыылара.
Сайынын
Ол онно мичээрдииллэр
Дьикти тыллаах сибэккилэр,
Ыраас ыранан угуттуу,
Ытык тапталы уруйдуу.
Эрчим санаа чаҕыла
Этиҥ буолан ньиргийэр,
Ардах түһэрин саҕана
Ааттал туһун сипсийэр...