Ийэ тыл (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Хаһан эрэ мунчаара (Катяҕа) (В. Потапова)



Ол аата


Дьахтар саҥата суох санааргыыр.
Ол аата —
Ким эрэ кими эрэ атаҕастыыр...

Баччыр оҕо иэрийэ ытыыр.
Ол аата —
Олох саҥаттан саҥалыы салҕанар.

Урааттан кыым төлүтэ ыһыахтыыр.
Ол аата —
Ойуурга бүтэ илик оттук мас.

Күһүн өлгөмнүк ардыыр,
Халыҥ хаарынан систэри,
                      сыһыылары
                           сабыталыыр.
Ол аата —
Хагдарыйыа суоҕа эһиилги өҥ сиэмэтэ...