Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Түмүк

Бэһис глава Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Түмүк)
Копырин Николай Захарович
Туһаныллыбыт литература


Уус-уран дьүһүннээһиннэргэ литературалар национальнай уратылара тыктарыллар. Ураты дьүһүннээһиннэр норуот үөскээбит айылҕатыттан, климатыттан, олорбут историятыттан, дьарыгыттан дириҥ силистээхтэр. Дьүһүннээһиҥҥэ национальнай уратылаһыы ордук ааспыт үйэлэргэ күүстээх этэ.

Билиҥҥи дохсун социальнай-политическай, научнай-техническэй сайдыы үйэтэ литератураҕа урут киһи билбэтэх элбэх саҥа тылларын-өстөрүн, дьүһүннээһиннэрин, саҥа хоһуйуулары, стиллэри үөскэтэр. Норуот эстетическэй көрүүтүгэр улахан уларыйыылар тахсаллар. Ол эрээри урукку, традиционнай дьүһүннээһиннэр киэр быраҕыллыбаттар, олор үгүстэрэ билигин даҕаны сулууспалыыллар, саҥа кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн туттуллуулара уларыйар-тэлэрийэр, кэҥиир, сайдар. Онон коммунизмҥа сыыйа киирии, наука-техника дохсуннук сайдар үйэтигэр үөскүүр саҥа дьүһүннээһиннэр литература ойуулуур кыаҕын салгыы байыталлар.

Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэрэ сайдыытыгар нуучча культуратын сабыдыала сүүнэ улахан. Бу сабыдыал ааспыт үйэтээҕи саха тылынан айымньытын (олоҥхотун, ырыатын-тойугун, өһүн хоһооннорун уо. д. а.) дьүһүннээһиннэригэр даҕаны көстөрө. Оттон суругунан литература төрөөбүт фольклорун кырыһыттан силис тардан үөскүүрүгэр, ордук Улуу Октябрьтан бэттэх биһиги советскай поэттарбыт социализм баараҕай кыайыытын-хотуутун өрө көтөҕүллэн хоһуйууларыгар бу үтүө сабыдыал кинилэр тыынар салгыннара буолла.

Советскай национальнай литературалар идейнэй сомоҕолоһуулара, биир санааланыылара кинилэр эгэлгэ көрүҥнэрин, ураты майгыларын суох гыммат. Биир кэлим эрээри, эгэлгэ уус-уран дьүһүннээх буолуу — барҕарыы тирэҕэ, көстүүтэ.

Сайдыылаах социалистическай общества үйэтигэр бырааттыы советскай литературалар хардарыта сабыдыаллаһыылара, байытыһыылара быдан күүһүрэр, литературалар дьиҥнээх доҕордоһуулара үөскүүр. Ол үрдүнэн наука-техника да үйэтигэр саҥа киирэр дьүһүннээһиннэр литератураларга барыларыгар адьас биир буолбаттара буолуо, национальнай ойуулааһыннарга унификация үөскээбэтэ буолуо дии саныахха сөп. Бу боппуруоһу туспа кичэйэн үөрэтиэххэ наада. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара сайдыытын бэрийэн көрүүттэн итинник түмүк тахсар.