Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта 5

Бэһис глава Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(5 глава)
Копырин Николай Захарович
Түмүк


Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр саҥа биллэр уларыйыылар 1960-с сыллартан бзттэх, тахсыталаан эрэллэр. Ол уларыйыылары олох сайдыыта бэйэтэ үөскэтэр. Биһиги научнай-техническэй прогресс кзмигэр, сайдыылаах социализм үйэтигэр олоробут. Билиҥҥи кэмҥэ бырааттыы советскай норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэһиилэрэ, сабыдыаллаһыылара, чугасаһыылара күүһүрэн иһэр. Элбэх национальностаах советскай общество дьон саҥа историческай холбоһуга буола үүнэн таҕыста. Аан дойду үрдүнэн ылар буоллахха, норуоттар эйэ иһин, талыыр-халыыр сэриилэри утары охсуһуулара күүһүрэр, государстволар бэйэ-бэйэлэрин кытта экономическай, научнай, культурнай өттүнэн сибээстэһиилэрэ кэҥиир. Коммуникация сайдан, аан дойдуга туох буолара дьон кулгааҕар-хараҕар түргэнник тиийэр. Ити барыта, хас биирдии норуот олоҕор-дьаһаҕар, культуратыгар, ол иһигэр литературатыгар, литературатыҤ дьүһүннээһиннэригэр сабыдыаллаабат буолуох туһа суох. Ол курдук, олох улахан уларыйыылара саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр эмиэ сабыдыаллыыллар.

Дьүһүннээһиҥҥэ наука, техника терминнэрэ, объектара хоиуутук кииртэлээн эрэллэр. Ол сөп: наука, техника биһиги күннээҕи олохпут-дьаһахпыт арахсыбат көстүүлэрэ буоллулар, кинилэрэ суох биһиги билшгҥи кэмҥэ мүнүүтэҕэ да сатаммаппыт.

Саха поэзиятыгар саҥа дьүһүннээһиннэри хорсуннук киллэрэр поэттартан биирдэстэринэн Иван Гоголев буолар. Кини хоһуйууларыгар «атом», «космонавт», «нейлон» уо. д. а. кииртэлииллэр.

Айымньыга атом күүһүн
Көлүйэр кэм кэллэ буолбаат,
Поэзияҕа наада бүгүн
Хардааччы космонавт...
Хоһооннору көмүс, алмаас
Салгыппыта буолуо, бука,
Атаакалаа пластмасс,
Нейлоновай лирика. (12—73, 74)

Урукку образтааһыннары (холобур, көмүһү, алмааһы да буоллун) үрдүттэн эргэрдилэр, «салгыттылар» диир киһини итэҕэппэт, балары саҥардан тутуннахха, билигин да үчүгэйдик сулууспалыыр кыахтаахтар уонна сулууспалыыллар даҕаны. Оттон поэзия дьүһүннээһиннэрэ саҥаттан саҥа көстүүлэринэн байытыллан иһиэхтээхтэрэ эмиэ саарбаҕа суох. Ол иһигэр наука, техника терминнэрин — пластмассалары, нейлону да буоллун — дьүһүннээһиҥҥэ сатаан киллэрдэххэ, сүүйүөххэ эрэ сөп. И. Гоголев сулустары — күөх светофордарга, былыттары —- комбайнарга холуйан хоһуйталаабыта поэтичнайдар.

Сулус — күөх светофор,
Киэһэ аайы умайар,
Үргүбүт былыт уҥуор
Суол аһаҕас диэн ыйар.
(12—63)
-Күһүн эмиэ иһийдилар бааһыналар...
Кинилэри үрдүнэн комбайнныы
Үөр былыттар долгуһаллар,
ыллыы-ыллыы. (14—39)

Сулус киһи космоска ыттыбыт үйэтигэр куйаарга айанныырга суол аһаҕаһын ыйар светофор буолан көстөрө өйдөнөр, хомуллубут бааһыналар үрдүлэринэн устар былыттар субу аҕай үлэлээн ньиргийэн барбыт комбайннары санатыахтарын сөп. Итинник образтааһыннар табыллыбыттара билиҥҥи дьон өйдөрө-санаалара араастаан оонньооһунун эгэлгэлээн хоһуйарга сөптөөхтөр. Итиннэ даҕатан эттэххэ, А. П. Чехов өосө ааспыт үйэ бүтүүтүгэр суруйбут «Хопто» диэн аатырбыт пьесатын геройа, суруйааччы Тригорин былыты рояльга холуйбута эбээт.

Дьүһүннээһиҥҥэ наука, техника терминнэрин, өйдөбүллэрин куорат, индустриальнай олохкөстүүлэрин туттуу билиҥҥи советскай поэзияҕа бүтүннүүтүгэр баар. Ол эрээри, сорохтор этэллэрин курдук, урукку, «дэриэбинэ поэтиката» эргэрдэ, наука, техника барҕара сайдар үйэтигэр сөп түбэспэт буолла, маны саҥа «индустриальнай поэтиканан» солбуйар уолдьаста диир сыыһа. Киһи аймах үйэ тухары муспут духовнай баайа хаһан да бүтүннүүтэ киэр быраҕыллааччыта суох, хата саҥар-дыллан, байан, сайдан иһээччи. Ити уус-уран дьүһүннээһин сайдыытыгар эмиэ сыһыаннааҕын биһиги саха поэзиятын холобурдарыттан даҕаны көрөбүт.

Саха поэзиятыгар наука, техника сайдыыларын сабыдыалынан үөскүүр дьүһүннээһиннэр урукку, традиционнай дьүһүннээһиннэри үтүрүйбэттэр. Атын бырааттыы советскай литератураларга эмиэ оннук.

«Индустрия үйэтигэр» айылҕаҕа тардыһыы, айылҕаны харах харатын курдук өйдөөн-санаан харыстааһын наадата кэлэн турдаҕына, бүтүннүүтэ айылҕаттан төрүттэнэн үөскээбит урукку образтааһыннарбытын киэр быраҕыахтааҕар, хата, ордук күндүркэтэрбит сөп буолуоҕа.

Былыр тулалаан турар айылҕаттан атын сибээс суох эбит буоллаҕына, кэлин киһи бэйэтэ үөскэппит «иккис айылҕатын» — наукатын, техникатын — көстүүлэрэ эмиэ умсугутар, сөхтөрөр, эстетическэй өттүнэн суолталаах буолан иһэллэр. Ол эрээри наука, техника ситиһиилэрин бар-дьон туһатыгар өйдөөхтүк киллэрэр наадатын тэҥэ, наука, техника көстүүлэринэн уустаан-ураннаан дьүһүннээһини да сатабыллаахтык туттуохха наада.

Бүгүҥҥү советскай литератураҕа ураты образтааһыннардаах поэттартан литовец Эдуардас Межелайтиһы уонна нуучча Андрей Вознесенскайы ылыаҕыҥ. Кинилэр айымньыларыгар наука, техника өйдөбүллэрэ күүскэ киирбиттэрин аҥардас кинигэлэрин да аатта: рыттан көрүөххэ сөп: бастакы поэт «Кардиограмма» (1963 с); иккис —«Парабола» (1960 с), «Мозаика» (1960 с) «Треугольная груша» (1962 с),«Антимиры» (1964 с) диэн хомуурунньуктары бзчээттэтэн тураллар.

Межелайтис коммунизм материальнай-техническэй базатын тэрийэр баараҕай үлэни советскай киһи «сүрэҕин буочарыгар» холуур. Кини маннык хоһуйар:

Городов гляжу панорамы
И прерывистые кривые,
Как на ленте кардиограммы,
Различаю там
не впервые,..
Наше сердце
чертит кривую
Не на тонкой ленте бумаги,
А другую — Большую, живую —
На
земли и неба
размахе. (130)

Бу ааҕааччыга тиийэр, өйдөнөр образтааһын. Кырдьыга да, дойдуну индустриялыыр, социалистическайдыы сайыннарар күүрээннээх үлэ туох баара «сүрэх тэбиититтэн» үөскүүр. «Сүрэҕэ тэппэт», «сүрзҕэ суох» киһи диэн биһиэхэ, сахаҕа даҕаны буорайбыт киһини, луодуру ааттыыллар. Онон бу түбэлтэҕэ «кардиограмма» диэн медицина термининзн образтааһын табыллыбыт.

А. Вознесенскай «Лонжюмо» (1963 с.) диэн хайҕанар поэматыгар Ленин мавзолейын рентген кабинетыгар, оттон Ленини бэйэтин рентген аппаратыгар тэҥниир. Мы входим в Мавзолей, как в кабинет рентгеновский, вне сплетен и легенд, без шапок, без прикрас, и Ленин, как рентген, просвечивает нас. (110—134)

Ордук, эдэрдэртэн Э. Межелайтиһы, А. Вознесенскайы уо. д. а. батыһааччылар баар буолан иһэллэр. Саха поэзиятыгар бу сабыдыал эмиэ биллэн эрэр. Ол эрээри, урукку өттүгзр саха поэзиятын образтааһыннарыгар куораттыы хабааннаах терүт традиция суоҕун быһыытынан, итинник саҥа сүүрээн сыыйа, олохтоохтук киириэн сөп этэ.

Биһиэхэ билигин наука, техника көстүүлэринэн, терминнэринэн дьүһүннээһин урукку, традиционнай , дьүһүннээһиннэри салгыы сайыннарыыны кытта сэргэстэһэ барар диэххэ сөп. Холобур, И. Гоголев айымньытыгар «кулун туйаҕыныы төтүрүк» алаастары, «томуйах хараҕыныы харааччы одуулаһар» күөллэри сэргэ били үөһэ ахтыбыт «пластмассаларбыт», «нейлоннарбыт» дьүһүн-нээһиҥҥэ кытталлар.

1967 сыллаахха Рафаэль Баҕатаайыскай «Үс муннук» диэн хомуурунньугу бэчээттэтэн турар. Онно киирбит итинник ааттаах лирическэй поэма маннык куплет-тарынан түмүктэнэр:

Бүгүн эһэм хотуурунан
От оҕустум алааска:
Икки муннуктан мустан
Түмүстүбүт үс муннукка.
Хотуур, мин — катеттарбыт:
Онно иҥмит икки муза.
Биһигини холбоон барбыт
Эһэм суола — гипотенуза. (6 — 126)

Геометрия терминнэрин дьүһүннээһиҥҥэ киллэрии саха поэзиятыгар урут суоҕа. Бу бастакы холонууну олус табыллыбыт дииртэн туттунуохха сөп буолан баран, математика да терминнэрэ, сатаннаҕына, образка киириэхтэрин син эбит дии саныыгын.

Арыт бүтүннүү саҥа метафорическай образтарынан туолбут хоһооннор суруллаллар. Олох-дьаһах көстүү-лэрин саҥалыы тыыннаан, киһититэн, айылҕа көстүүлэрин олох-дьаһах, культура көстүүлэринэн тэгилитэн хо-һуйуулар, уустук, ассоциативнай образтааһыннар түбэһитэлииллэр.

Холобур, И. Гоголев «Саха балаҕана», «Поэзия хо-нуута», К. Туйаарыскай «Киэҥ кабинет киһитэбин», М. Ефимов «Көлүччэм» диэннэрэ — кэлимсэ метафоранан суруллубут хоһооннор.

К. Туйаарыскай «Киэҥ кабинет киһитэбин» (1966 с.) диэн хоһоонугар төрөөбүт айылҕатын кытта быстыспат ситимнээҕин тоһоҕолоон этэригэр айылҕа дьүһүнүн-бодотун билиҥҥи олох-дьаһах көстүүлэринэн образтыыр. Поэт «үлэлиир хоһо» «күн люстралаах» «күөх мутукча көбүөрдээх», «дүлүҥ диваннаах», «хатыҥ хампа шторалаах», көтөр-сүүрэр саҥатын ой дуораана оҥорор «радиолаах». Оттон сарсыардааҥы сиигинэн, самыырынан куоппаһы сууйар, сотор тыал — «буор босхо остуорас».

Амма, Лена тардыыта
Аһаҕас халлаан анна бүтүннүү,—
Аарыма сабардамнаах, айар-үлэлиир
Алаһа ордуум итинник,— (76—31)

диэн поэт киэн тутта этэр. М. Ефимовка күөл уутун үрдэ театр сцената буолан көстөр, онно хатыҥнар күлүктэрэ «маҥан сотолоох балерина кыргыттар» буолан үҥкүүлЪэн дайаллар («Көлүччэм»). Манна айылҕа искусство эйгэтин көстүүлэринэн образтанар. Поэт биир хоһоонугар: «ийэ айылҕам — дьэ бу баар поэт, музыкант»,— диэн эмиэ эппиттээх (25—4).

Дьуһүннээһиҥҥэ биири атынынан солбуйар ньыманы сонуннук туттар түбэлтэлэр урут да бааллара. Холобур, П. Тулааһынап И. Эртюковтыын «Оҕо эһэтиниин кэпсэтиитэ» диэн 30-с сыллардаахха суруйбут хоһоонноругар маннык этиилэри ааҕабыт:

Тукаам, былыр оскуоланы
Өҥөйбөтөх киһибин.
Бөдөҥ бугул буукубаны
Мин ааҕа үөрэммитим.
От охсор, мунньар оскуола
Өр сылга үөрэшгатэ.
Кини партата, остуола —
Киэҥ хочо, кытыл өтэ. (79 — 101)

Ити үгэһи бүгүҥҥү поэттар сайыннараллар. Холобур, В. Миронов суруйааччы айар, обраһы көрдүүр үлэтин булчут дьарыгар холуу тутан хоһуйбут.

Ыллам бөрүө — мин туутум,
Ыраас лиис — хаардаах сис,
Олох — билэр ойуурум,
Онно саһар санаа — киис. (34—3)

Суруйааччы — булчут, кини олох ойууругар, кииһи сонордоһор курдук, уус-уран булумньуну көрдүүр. Туох-ханнык иннинэ, хотугу булчут омуктар литератураларыгар маннык образтааһыннар кэбэҕэстик үөскүүллэрэ өйдөнөр.

Дьүһүннээһиҥҥэ былыргыттан баар тыыннааҕым-сытыы, киһититии ньымата кэлин күүскэ уонна саҥалыы туттуллар буолла диэххэ сөп. И. Гоголев «Саха балаҕана» диэн хоһоонугар өтөх кубарыйа куурбут сэргэтэ «ааһар дьону чарапчыланан көрөр». Өтөххө баар барыта поэкка тыыннаах курдук: балаҕан эрэйдээх, кини сылдьыбытыгар «махтанан, дириҥник үөһэ тыынар», эргэ талкы «эмээхсиннии мас миилэтин килэтэн, мичээрдиир», «сэлликтээбит» көмүлүөк кубарыйар» (12—69) — бу барыта ааҕааччыга тиийигэс тыыннааҕымсытыылар. Итинник тыыннааҕымсытыы көмөтүнэн автор элбэҕи эҥсэн этэр кыахтанар. «Тыыммат айылҕа тыынар көстүүнэн дьүһүннэннэҕинэ, тыл ордук этигэн буолар» (113—114),— дииллэрэ эбээт.

Саҥалыы тыыннааҕымсытыы эмиэ эмискэ кэлбэтэҕэ. Итинник ньыманы өссө 40-с сыл бастакы аҥарыгар П. Тулааһынап «Комсомолга» диэн хоһоонугар туттубута:

Ыҥырбытыҥ эн миигин, комсомол,
Дьолго көтүтэр айаҥҥар.
Көрсүбүтүҥ кылаас ааныгар
Миэхэ илиигин быластаан. (79—185)

Советокай былаас туругуран, саха ыччата үөрэх, сайдыы суолунан барбытын, комсомол киниэхэ эрэллээх доҕор, сирдьит буолбутун поэт тыыннааҕымсытыы кө-мөтүнэн аҕыйах тылынан этэн кэбиспит.

И. Гоголев «Поэзия хонуута» диэн хоһоонугар поэзияны (абстрактнай өйдөбүлү) айылҕанан дьүһүйүү, а. э .төптөрү образтааһын туттуллар.

Поэзия хонуута баар
Дьоһун мааны Ленаҕа...
Ортотугар күүгэн аллар
Олоҥхо улуу күөлэ,
Куба буолан, тыыннаах тыллар
Көрүлүүллэр чүөмпэтигэр... (12—155)

«Поэзия хонуутугар» поэт «дьиэ туттубут», дьиэтин түннүктэрин таастаабыт «ып ыраас мичээринэн», оһоҕун оттубут «иэйии өспөт төлөнүнэн». Бу дьиэҕэ тиэрдэр «ырыа ыллык», «таптал аллеята», онно баар «баҕа санаа беседката». Поэт биһигини барыбытын онно ыалдьыттыырга ыҥырар (12—155).

Омос көрдөххө, бу барыта олуона курдук. Ол эрээри эргитэ санаатахха, кинилэр син биир ийэ сиртэн тардыылаахтар. Норуокка бэрт былыргыттан абстрактнай өйдөбүлү предметинэн холобурдаан зтйи баара: «саадьаҕай ынах саҕа саргы», «эскэл тый саҕа эҕэрдэ», «алаас сыһыы саҕа айхал»... Айыы бухатыырын албан аата оҕус буолан мөҥүрүүрэ, атыыр буолан кистиирэ. Ол аата, И. Гоголев норуот образтыыр үгэһин сайыннарар, байытар.

Билигин абстрактнай өйдөбүлү хараҕынан көрөн, илиинэн бигээн билэр көстүүнэн биитэр ону төптөрү эргитэн образтаан хоһуйуу ордук сайдар, Саха аҕа кө-лүөнэ поэттарыттан биир ураты хоһуйуулаахтара Таллан Бүрэ маннык этэр:

Өлүөнэҕэ элбэх таас очуос турар,..
Сороҕо хомойуу курдук намыһах,
Сороҕо үөрүү курдук үрдүк. (65 — 285)

«Үөрүү курдук үрдүк» диэн этии «саар булгунньах саҕа саргы», «үүнүүлээх тиит саҕа өрөгөй» диэн фольклор хоһуйууларыттан чиэски ырааҕа суох. Үрдүк — үөрүү, дьол, кыайыы, оттон намыһах — хомойуу, кыайтарыы символлара буоллахтара. Былыр даҕаны «өрөгөй үрдээтэ», «соргу түстэ (намтаата)» дииллэрэ эбээт. И. Гоголев өрүс уутун арыт «ынчык курдук хара», арыт «ырыа курдук сырдык» (14—8) диэһинэ даҕаны ити кэккэ хоһуйууларга киирсэр. Семен Данилов этэр:

Арыллан баран, умнуллан,
Ааҕылла илик хоһооннуу
Алыс да чуумпу буолар
Күһүҥҥү алаас, тыа, хонуу. (18—102)

Саха поэзиятыгар итинник образтар нуучча литературатын сабыдыалынан үөскээбиттэрэ саарбаҕа суох. Сем. Данилов «Сибэккилэр» диэн хоһоонугар В. Тушнова: «Цветы— это стихи земли»,— диэн этиитин эпиграф оҥостор. Итинник образтааһыннары тутталлара В. Маяковскай, Б. Пастернак, кэлин тутталлар Э. Межелайтис, А. Вознесенскай уонна да атын советскай поэттар.

В. Маяковскай: «И женщины истрепанные, как пословица» (129—6); Б. Пастернак: «Вечер пуст, как прерванный рассказ» (136—134). Э. Межелайтис:

Растворяется воздух в крови,
Как живая вода растворяется,
И становится тесно в груди,
И, как эпос, она расширяется. (130—210)

Историческай событиелар, географическай миэстэлэр поэтическай ойуулааһыннарга үгүстүк кииртэлээһиннэригэр литературалар сабыдыаллаһыылара эмиэ көстүөн сөп. Холобур, саха поэта: «суруйбут хас лииспит буоллун Бородино хонуутунан» (12—74),— диэһинэ Е. Евтушенко маннык этиитигэр ханан эрэ уруулуу: «Все мы порознь как в поле травинки, ну а вместе — Бородино» (117—40). Бородино кэриэтэ, улахан историческай событиелар буолбут рлохтоох миэстэлэрэ эр санаа, геройдуу быһыы символын быһыытынан образтааһыҥҥа эмиэ кытталлар. М. Ефимов этэр:

Баар миэхэ «Саһыл сыһыым» —
Мин бэриммэт бигэ санаам.
Өстөөх ыла сатыыр
Ахсаабакка атаакалаан. (25—62)

Манна поэт Ленин идеяларын, коммунизм иһин туруулаһан охсуһарын Саха сиригэр гражданскай сэрии бийр саамай быһаарыылаах кыргыһыыта буолбут алааһынан образтаан этэр.

Биһиги поэттарбыт хоһуйууларыгар нуучча литературатын чахчылара, образтарга улам хамаҕатык туттуллар буоллулар. Холобур, Баал Хабырыыс тиһэх хоһоонноруттан биирдэстэригэр маннык этиилэр бааллар:

Пушкин Болдинотааҕы күһүнэ
Букатын миигиттэн күрэннэ.
Некрасовтыыкэриэс этинэр
Бүтэһик күннэрим үүннүлэр. (5—114)

Бу айар, үлэлиир күдэҕи ыарыы сарбыйбытыттан үөскээбит тыллар. Манна айар көтөҕүллүү Пушкин биир күһүн Болдино дэриэбинэҕэ олорон күүрүүлээхтик үлэлээбитинэн образтанар.

Биһиги бүгүҥҥү поэзиябытыгар биир суол бэлйэ көстүүнэн өлүктүйбүт тыллары, образтары хат сөргүтүү буолар. Холобур, «табык», «айыҥат», «аар», «добун», «күлкэдийии» уо. д. а. хоһооҥҥо кииртэлиир буоллулар.

Умнуллан эрэр тыллары хоһооҥҥо сатабыллаахтык киллэртиирэ өссө 30—40-с сыллардаахха поэт И. Чаҕылҕан. «Күн. уотун бүөлүүр кыргыһыы мэйэ», «күлкэдийбэт күтүр күүс» — баларга өлүктүйбүт тыллар саҥалыы клүмүрдүүллэр. Эргэ тыллар, сатаатахха, хоһуйар кыаҕы кэҥэтиэхтэрин, тылы этигэн оҥоруохтарын, байытыахтарын сөп. Итинник кыахтар баалларын поэттар билигин өйдөөтүлэр.

Поэзия этэр кыаҕын, кэриҥин кэҥэтэр сыалтан саҥа тыллары айарга холонуулар эмиэ бааллар. Таллан Бүрэ революцияны, революционнай өй-санаа күүһүн, улуутун символлаан, «Байҕалиада» диэн тылы үөскэтэр, Лена — «Арктическай Куо», киниэхэ «килбиэннээх бухатыыр аттар» кэлэллэр (65—49, 65, 348).