Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта 3

2 кэрчик Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бэһис глава)
Копырин Николай Захарович
4 кэрчик


Саха суругунан литературата төрөөбүт фольклоруттан силистэнэн, нуучча улуу реалистическай литературатын үтүө сабыдыалынан үескээбитэ биллэр. Бу литература биһигин Росоияҕа буолбут Бастакы буржуазнай-демократическай революция тыала бигээбитэ.

Поэт А. Е. Кулаковскай (Өксөкүлээх Өлөксөй) норуот тылынан хоһуйар үгэстэрин, образтыыр, ойуулуур ньымаларын олоччу бэйэтигэр ылыммыта. Ону таһынан, кини национальнай образтааһыны салгыы сайыннарбыта диэххэ сөп.

Норуот тылынан айымньытыгар уу эйгэтэ образтааһыҥҥа бэрт кыратык кыттара. Олоҥхоҕо айыы дьоно олорор сирдэрин арҕаа өттүгэр «Араат байҕал» баар ааттанар уонна аллараа дойдуга бухатыырдар охсуһар сирдэрэ «Уот кудулу байҕал», «Муус кудулу байҕал» диэннэр бааллара ахтыллар. Итиэннэ «далай акаары», «баһа байҕал, кутуруга куйаар» диэн курдук аҕыйах образтаан этиилэр бааллар. Сахалар, былыр-былыргыттан муораттан ыраах олорбут буоланнар уонна сүөһү иитиитинэн, булдунан дьарыктанар омукка уу улахан проблеманы үөскэппэтэҕиттэн кинилэр ырыаларыгар-тойуктарыгар уу эйгэтэ күүскэ киирбэтэх. Улуу Байкал күөл туһунан билигин «акыйаан» (байхал, байҕал) диэн суолтаҕа туттуллар тылтан ураты туох эмэ норуот өйүгэр хатанан хаалбыта биллибэт.

«Муора» диэн тыл нууччаттан киирбитин да кэннэ, уу эйгэтин көстүүлэринэн образтааһын норуот айымньытыгар улаханнык тэнийбэтэх. «Муора далай санаата муҥурсуйбат» диэн этиигэ «муора» уонна «далай» диэн биир өйдөбүллээх тыллар сэргэстэһэ сылдьаллар. Маҥнайгы поэттар — Кулаковскай уонна Софронов — уу эйгэтинэн дьүһүннээһини сайыннарбыттара. Ол курдук Кулаковскай киһи обществотын олоҕун «уу долгунугар» тэҥнээн хоһуйбута: «орто дойду оонньуулаах олоҕо, уу долгунун курдук, уларыйа турар буолар эбит!» (44—262). Автор бу хоһоону нууччалыыттан көҥүл тылбаас быһыытынан оҥорбута.

Империалистическай дойдулар сэбилэниилээх күүстэрэ бэйэ-бэйэлэригэр сабыта түһээри суоһаспыттарын поэт атын айымньытыгар бу курдук ойуулуур: «Күтүр үрэх күрүлгэнин курдук, күүстээх сэриилэр күөтэспитинэн бардылар» (43—129).

А. Софронов общество сайдыылаах олоҕун эмиэ долгунунан дьүһүннээн хоһуйбута. «Ол дойдум дьоно аан дойду айхалыгар, уу долгунун курдук, көрүдьүөс көҥүл олоххо көрүлүүллэр эбит» (60—112).

Норуот тылынан айымньытыгар уоту образка киллэрии бэрт үгүс. Ити үгэһи өссө кэҥэтэн, сүүнэ социальнай ис хоһоонноон, Кулаковскай бу курдук хоһуйбута: «олус элбэх оччугуй. омук орто дойдуттан омуллубута үһү» (43—138).

Капитализм, империализм саҕана национальнай баттал, колониализм күүһүрэрин, аан дойду адьырҕа баайдара кыра омуктары букатын эһэн кэбиһэр расистскай политиканы ыыталларын, ол түмүгэр элбэх омук сир үрдүттэн сотуллубутун поэт уот умулларынан образтаан көрдөрүүтэ саха поэзиятыгар бэрт сонун. Кулаковскай борокуоту «уһун субурҕа буруо тыыннаах, уот булкуур сүрэхтээх» диэн ойуулааһына эмиэ, урут этиллибэтэх, бэргэн, күүстээх этии буолар.

Норуот айымньытыгар нууччаттан киирбит дьүһүннээһиннэри маҥнайгы поэттар ылыммат буолуох тус-тара суох. Кинилэр поэтическай дьүһүннээһиннэригэр нууччаттан сабыдыал фольклордааҕар өссө улааппыта. Улахан талааннаах поэттар фольклор ойуулуур үгэстэрин бэрт сиэрдээхтик сайыннарбыттара. Кулаковскай кыраһыабай кыыһы бу курдук образтаан хоһуйар:

Кириэстээх атыыр манньыаты
Кэккэлэтэ туппут курдук
Килбиэн маҥан иэдэстээх эбит..,
Чэрбиэнчэ харчыны
Тэҥилии туппут курдук,
Тэтэркэй иҥнэрдээх эбит.
Киирэ-тахса кирибинньиктэннэ,
Бара-кэлэ манньыаттанна. (44—146, 158)

Манньыатынан, чэрбиэнчэ харчынан дьүһүннээһин, «кирибинньиктзннэ», «манньыаттанна» диэн этиилэр, баҕар, Өксөкүлээх иннинэ норуот хоһуйуутутар киирбиттэрэ буолуо. Саха сиригэр ис рынок үөскээбитин, нууччалар харчыларын системата лаппа олоҕурбутун кэннэ итинник дьүһүннүүр буолбуттара саарбаҕаламмат. Итинник дьүһүннээһин үөскүөн иннинэ дьахтар кэрэ иэдэһин күҥҥэ холуйаллара. «Киирэн эрэр күн килбиэнин курдук килбиэннээх иэдэстээх» дииллэрэ. Оттон дьахтар, кыыс туттар-хаптар ,кэрэ быһыытын «туллуктанна», «дьороһуйда» диир буолуохтаахтар. Ол эрээри уруккуттан баар дьүһүннээһиннэри саҥа, нууччаттан киирбит дьүһүннээһиннэр үтүрүйэн кэбиспэттэр, байыталлар. «Кирибинньиктэннэ», «манньыаттанна» диэни сэргэ «туллуктанна», дьороһуйда» диэн хоһуйуу туттулла сылдьар.

Норуокка өрдөөҕүтэ киирбит «мотуок солко мутукча», «сиэрэй солко сэбирдэх» диэни Кулаковскай арыт бу курдук уларытан хоһуйар:

Томороон лоҥкур тиит
Тоҥон-хатан турбут бэйэтэ
Толуу лоһуор туррахтанна,
Муодунай солкону
Мотуоктуу туппут курдук,
Моймо күөх мутукчаланна.
Хатан, кууран турбут Хатыҥ мастар...
Харбалдьын хампа сэбирдэхтэннилэр.
(44—227)

Өксөкүлээх бэйэтэ оҥорбут киирии тылларын Тылдьытыгар «муода (мода), «муода» (диво, чудо), «муодарас» (мудрость, диво), «муодаранас» (мудреный), «муодьунусса» (модница) диэннэр бааллар, оттон «муодунай» диэн тыл суох. Онон «муодунай солкону мотуоктуу туппут курдук» диэни поэт бэйэтэ саҥалыы айбыт буолуон сөп.

Ити этиллэр тылдьыкка «харбаллын» диэн тыл баар. Бу тылы автор «какая-то древняя материя» диэн быһаарбыт. «Харбалдьын» уонна «харбаллын» диэннэр биир тыл араастаан этиллиилэрэ буолуон сөп. Онон «харбалдьын хампа сэбирдэхтэннилэр» диэн эмиэ интэриэһинэй дьүһүннээһин буолар.

«Суобастаах сокуонайа», «доруобуйалаах туйгуна» диэн поэт этиитэ оччотооҕуга эмиэ сонун буолуохтаах.. Оттон «кыра от-мас кыраһыабай өҥнөннө», «күөх көбүөр хонуу», «хартыына курдук хаамсан ханардастылар», «тойон киһи толкуйа тобулунна», «харах уулаах хаппырыыһа» диэннэргэ «кыраһыабай», «көбүөр», «хартыына», «толкуй», «хаппырыыс» диэн киирии тыллар эмиэ дьүһүннээһиҥҥэ актыыбынайдык кытталлар.

«Сүлүмэ» (сулема) диэн тыл биһиэхэ кэлин соҕус киирбит быһыылаах. Бу тылы поэт «Тылдьытыгар» киллэрбэтэх. Өскө урут киирбит да буоллаҕына, фольклор хоһуйуутугар туттулла илик буолуохтаах. «Сүлүмэ» сахаҕа сүһүрдэр дьаат диэн өйдөбүллээх. Поэт бу тылы М. Ю. Лермонтов «Демонын» тылбаастыырыгар бэрт табыгастаахтык киллэрбитэ:

Бу күнтэн ыла
Мин өйүм сүлүмэтэ
Ким да сүрэҕин сүөгүппэтин,
Санаатын саппаҕыппатын...
Күтүр угураабыта сүлүмэ буолан сүрэҕэр түстэ.
(44—257)

Лермонтовка «сүлүмэ» диэн суох, ол оннугар «отныне яд коварной лести ничей уж не встревожит ум», «смертельный яд его лобзания мгновенно в грудь ее проник» диэн этиилэр бааллар. Онон Кулаковскай сүлүмэнэн дьүһүннээһини Лермонтовтан быһаччы сибээһэ суох оҥорор. Бу саха ааҕааччытыгар тиийимтиэ образтар. Маннык образтааһыны А. Софронов эмиэ туттубута. «Сөп даҕаны сүлүмэ курдук сөҥөр... сүлүһүннээх күннэр сөп-сөп көстөн ааһаллар эбит» (60—214).

«Сүлүс», «сүлүһүн» диэн саха бэйэтин төрүт тылларын кытта «сүлүмэ» ис хоһоонунан да, саҥарыллар дуораанынан да бэркэ чугасаһар буолан, ордук хамаҕатык киирбит уонна дьүһүннээһиҥҥэ да туттуллар буолбут быһыылаах. Сүрэх (санаа) сүлүһэ (сүлүһүнэ), а. э. бэтиэхэтэ, үөнэ-күрдьэҕэтэ, өһүөнэ диэн эмиэ этиллиэн сөп. Ол эрээри Ойуунускайга маннык хоһуйуу баар: «сүрэҕиэм, сүрэҕиэм, сүлүһүҥ күүстээҕиэн, сүөдүйбүт бэйэҕиэн!» (36—189).

Поэт манна сүрэх күүскэ өрүкүйбутүн, долгуйбутун этэр буолуохтаах.

«Дьүөкэт (деготь)» биһиги тылбытыгар революция иннинэ киирбит буолан баран, уус-уран дьүһүннээһин быһыытынан ситэ туттулла илигэ. А. Кулаковскай бу тылы ким-хайа иннинэ образтааһыҥҥа киллэрэр. «Дьүһүнүн эрэ көрбүт киһи дьүөкэт үөрэҕиттэн төлөрүйэн дьүүллээх өйүн түмүнэр» (44—151).

Манна поэт «дьүөкэт үөрэҕинэн» куһаҕан быһыыны, хара санааны ойуулуур, кыыс кэрэ дьуһүнүттэн хара да санаа халбарыйарын туһунан этэр.

Кулаковскай киирии тыллары, олор сабыдыаллары-нан үөскээбит дьүһүннээһиннэри куорат олоҕун, нуучча культурата киэҥник тарҕаммыт араҥаларын олоҕун хоһуйарыгар ордук дэлэгэйдик туттар.

«Саха дьахталларын мэтириэттэригэр» «баарысына», «ньэмиэстэ», «бодурууга», «хабалыар», «сыбааха», «лиэкэр», «сибээткэ», «маасылынка», «сыбаайба», «дурууска», «дуоһунас», «дохуот», «биридээнэ» уо. д. а. элбэх киирии тылы булабыт. Оттон «Куорат кыргыттара» диэҥҥэ ааҕабыт: «бирикиэсэй», «көстүүнэй», «хардарыап», «биричиэскэ», «кулуон», «иридикиил», «тонсуор», «сэниик», «урукобиитийэ», «сомотурууна», «ухаасыбайдаһыы», «саппыыскалаһыы», «ысынакуомайдаһыы», «борободьуу гыныы», «сагылаасынай» уо. д. а. Бу тыллар үгүстэрэ айымньы персонажтарын майгыларын-сигилилэрин, олохторун-дьаһахтарын характеристикалаан көрдөрөргө, онон кинилэри күлэр, сиилиир майгыннаахтык, образтары ордук чаҕылхай оҥорор сыаллаахтык туттуллаллар. Холобур, «сибээткэҕэ сиэдэрэйдзрэ, маасылыҥкаҕа бастыҥнара» диэн хоһуйууну ылыаҕыҥ. Манна элбэхтик кэлбит-барбыт, биир да бырааһынньыгы, оонньууну көтүппэккэ сылдьар киһи тыыннаах мэтириэтэ саха ааҕааччытыгар бэрт тупсаҕайдык иһиллэр аллитерациянан бэриллэр.

Поэт наука, техника терминнэринэн образтааһыннары айымньытыгар эмиэ балачча киллэртиир. Ол курдук, «Өрүс бэлэхтэрэ» диэн поэматыгар маннык этиилэри ааҕабыт: «динэмиитинэн тэптэрэн дэлбэритэ ыыттылар», «алдьархайдаах шахталар айахтара аҥастылар», «тимир суол тилигирээтэ, боробуос олус чускуутаата», «ыстаал сэп чыҥкынаата, буур массыына чуҥкунаата, маҕыньыыттаах массыына бачыгыраата, элэктэриичэстибэ уота элбээтэ...»

Борокуоту, паровоһу, самолету саха поэзиятыгар аан бастаан киллэрэн хоһуйбут киһинэн А. Е. Кулаковскай буолар. Борокуот туһунан хоһооно 1913 сыллаахха «Саха саҥата» сурунаалга «Уот тыыннаах улахан оҥочо» диэн ааттанан бэчээттэммитэ. Кэлин автор бу хоһоонун 1924 сыллаахха бэчээттэтэригэр «Борокуот аал» диэн уларытан ааттаабыта. Айымньы бастакы да варианыгар оччотооҕу техника биир бастыҥ ситиһиитин поэт «уот булкуур сүрэхтээх обургу дьаалы борокуот аалга олордум» диэн хоһуйар. Оттон самолету хоһуйарыгар үксүн «көтөр аал», «салгын аала», арыт «айарапалаан», «тимир чыычаах» диэн тыллары туттар.

Сахаҕа «аал» диэн улахан уу сэбин ааттыыллар. Оттон борокуоту «аал» биитэр «улахан оҥочо» диир чуолкайа суох. Оччотооҕу ааҕааччыга «борокуот аал» диэн хоһулаһыннаран этэр ордук тупсаҕайдык иһиллэр, өйдөнүмтүгө буолуохтаах.

Кэлин «аалынан», уу эрэ буолбакка, салгын транспорын тэрилин кытта ааттыыр буолтар. Ол курдук «көтөр аал», «салгын аала» диэн тыллар үөскээбиттэр. Ол эрээри тимир суол поеһа «аал» дэммэтэх. Холобур, Кулаковскай «боробуос оҕус», «хонуу богуона» диэн эмиэ икки тылы хоһулаһыннарар. Арыгы хайдах тиэйиллэн кэлэн Саха сиригэр тарҕанарын хоһуйарыгар этэр: «хонуу богуонугар хос-хос уган баран,.. боробуос оҕустарга состорон... тиэйэн тиҥкинэттилэр» (44-197).

Кулаковскай уопсайынан даҕаны саҥа терминнэри айымньыга киллэрэригэр киирии тылы төрүт биитэр төрүт тылга кубулуйбут киирии тылы кытта хоһулаһыннарар үгэстээх эбит («борокуот аал», «боробуос оҕус», «хонуу богуона», «буур массыына», «элэктэриичэстибэ уота», «боробулуоха тимир», «хоро турба» уо. д. а.). Кини итинник ньыманая саҥа киирэр терминнэ-ри оччотооҕу үөрэҕэ суох маасса кэбэҕэстик өйдүүрүн сйтиһэрин ааһан, ордук поэтичнай оҥорор. Дьэ ол иһин борокуоту ойуулууругар кини «хороҕор хоро турбалааҕын», «бадаҕа биллибэт баарсалааҕын, сатала суох улахансыарҕалааҕын», «боробулуоха тимир мурун быалааҕын», «дьуос дьаакыр тыҥырахтааҕын» хоһуйар, субу тыыннаах курдук көрдөрөр. Борокуоту хамсатар «гребной винт», «гребные колеса» диэн баар. Ону поэт «дьэргэлгэн эрэһэ эрдиилэр», «кыһыл-кытархай тыҥырахтар» диэн киһиэхэ тиийэрдик, кэрэтик хоһуйан этэр. Улахан лирик поэт А. И. Софронов сүнньүнэн син биир фольклор үгэстэрин тутуһан хоһуйара буолан баран, хоһоон тас форматыгар, ритмигэр, интонациятыгар эрэ буолбакка, ис поэтическай образтааһыннарыгар эмиэ А. Кулаковскайтан салҕаан балачча саҥа суоллары киллэртээбитэ. Кини поэтическай дьүһүннээһиннэригэр, нуучча литературатын, тылын сабыдыалынан үөскээбит элбэх.

Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук,
Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум
Халыҥ хаарынан
Саҥата суох сабыллан сытар...
Аан ийэ дойдум!
Халлаан умнубут хаарыан бухатыырын курдук,
Былыр-былыргыттан быйылгыга дылы
Муустаах муора муннугар,
Модун тимир быанан бохсуллан
Бокуйа, утуктуу тураҕын! (60—112)

Патриархальнай-феодальнай, колониальнай батталга, айылҕа кытаанах усулуобуйатыгар бохсуллубут аһара хаалан, быстан олорбут төрөөбүт Сахабыт сирин көмүллүбүт киһиэхэ, Муустаах муора муннугар хам кэлгиллэ сытар бухатыырга холуйуу — бу саха поззиятыгар урут туттуллубатах дьүһүннээһин. Маннык хоһуйуу нуучча поэзиятын быһаччы сабыдыалынан үөскээбитэ, ол эбэтэр саха поэта нуучча суруйааччытын Вас. И. Немирович-Данченко «Родной край» диэн хоһоонун образтарын ылыммыта. Немирович-Данченко хоһоонугар: «засыпанный глубокими снегами, как труп в земле, молчит мой край», «как богатырь, забытый небесами, к полярным льдам волшебницей-зимой прикованный железными цепями, давным-давно ты дремлешь, край родной»,— диэн этиилэр бааллар. Ол эрээри Софронов айымньыта — нууччаттан тыл-баас биитэр судургу үтүктүү диир сөбө суох. Нуучча суруйааччыта көҥүлгэ, сайдыыга дьулуһар үтүө идеятын, кини образтарын ылынан, Софронов сахалыы дириҥ иэйиилээх, улахан публицистическай күүрүүлээх, оччотооҕу олоҕу таба сыаналыыр уонна инникигэ ыҥырар айымньыны суруйбута.

Софронов өрүһү лиэнтэнэн дьүһүннээн хоһуйууну саха поэзиятыгар бастаан киллэрбитэ. Кини Ленаны бу курдук хоһуйар:

Көҥүллүк күөгэйэн
Лиэнтэлии тэнийэн
Унаара устаргын
Уруйдаан туойабын! (60—354)

Кэлин советскай поэттар лиэнтэни образка киллэриилэрэ үксээн уонна элбэх өрүттэнэн испитэ. Эллэйгэ Лена көннөрү лиэнтэҕэ эрэ холуллубат. Киниэхэ Саха сирэ кэрэ кыыс, ол кыыс лиэнтэтэ — Лена. «Кыыс кыраай лиэнтэтэ буолаахтаан үөскээбит Элиэнэ мөһүүрэ ууларын сүүрдэр» (89—210). Баал Хабырыыс хайаттан түһэр күрүлгэн уутун эмиэ лиэнтэҕэ холуйар: «торҕо күөх лиэнтэлии күлүмнээн, тохтон сыыйыллар күрүлгэн» (4—225).

Тимофей Сметанин Ленаны эмиэ лиэнтэҕэ холуур гынан баран, Лена киниэхэ «санааҕа кэтириир үөрүү лиэнтэтинии саймаара кэҥиир». Оттон сэрии алдьархайа, траур хара лиэнтэ буолан, өйгө-санааҕа сөрүөстэр: «ханнык да кэпсэтии түмүгэр хап-хара лиэнтэнэн туой сэрии сөрүөстэр» (55—35). Тимофей Сметанин лиэнтэ обраһын киһи ис психологическай санаатын көрдөрөн туттар.

Сахаҕа «бырдах» диэн тыл баарын үрдүнэн «кумаар» диэн тыл нууччаттан киирбитин холобурга аҕалан туран, Кулаковскай саха тыла ылынымтыатын бэлиэтээбитэ, Кини кумаарынан образтааһыны айымньытыгар туттубута: «оҥоойу кумаар курдук оҕо эдэр дьон... оонньууга туола түстүлэр» (44—235).

А. Софронов итинник дьүһүннээһини сайыннаран, туохтуур форматынан биэрбитэ. «Ырыаһыт Бүөтүр Черныхха» хоһоонугар кини суруйар: «ыарыһах бэйэҕин кымаардаабакка,.. ыардьиппэ санааҕын,.. эргэрбэт диэн бэйэлээх эгэлгэ хоһоон оҥорон тэлгэттиҥ» (60 — 114).

«Кымаардаабат» диэн кыһаммат, аахсыбат, ула-хаҥҥа уурбат диэн этиилэргэ чугас суолталаах тыл буолар. «Хомуок» (комок) диэн киирии тыл «мөчөкө» диэҥҥэ чугас суолталаах. Ол эрээри бу тылы норуокка үксүгэр мээккэ бурдук мөчөкөлөһө хаппытын (хомуохтас-пытын) этэргэ тутталлар. Ону А. Софронов абстрактнай өйдөбүлгэ киллэрэн, образ оҥорон турар: «хомуоктаспыт санаабыттан хоҥноруттан холбоспут хобун холобурбун хоһооммор холбуубун» (60—334).

«Хомуоктаспыт санаа» диэн кини ыар санаа баттаабытын, өй-санаа тууйуллубутун туһунан хоһуйан этэр. Оттон поэт буруйа суох хаайыыга хаптара сытар киһини бу курдук дьүһүннүүр: «дьааһыкка хааттарбыт, таракаан курдук сананан,... сассыҥым сабыллан,.. сыҥ-сааран сытабын» (60—337).

«Дьааһыкка хаайтарбыт таракаан курдук сананыы» олох саҥа дьүһүннээһин. Оттон чохуну, баҕаны кытта сэргэ хомурдуос куһаҕаны, мөлтөҕү холобурдааһыҥҥа уруккуттан да туттуллара буолан баран, «холбуйаҕа кутуллубут хомурдуоска» холонуу эмиэ да уратылаах этии буолар.

Үөһэ аҕалтаабыт сорох чахчыларга олоҕуран, маннык санааны этиэххэ сөп. Кулаковскай, Софронов сүнньүнэн фольклор поэтикатыгар тирэҕирдэллэр даҕаны национальнай дьүһүннээһини салгыы сайыннарыы, байытыы суолунан барбыттара. Ол эрээри кинилэр урукку поэтическай үгэстэри улаханнык уларыппатахтара, син-биир күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар киирии терминнэри, тыллары образка туһаналлара. Кинилэр поэтическай ойуулааһыннарыгар нуучча классическай литературатыттан бэйэтиттэн сабыдыал кичим этэ[1].

Тоҕо оннук буолбута өйдөнөр. Үөрэх, интеллектуальнай сайдыы киирбэтэх биитэр киэҥник киирэ илик, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэр культуралаах тус-туспа социальнай араҥаларга хайдыспатах омукка суругунан литература бастаан үөскүүрүгэр төрөөбүт фольклортан атыҥҥа сүрүннээн тирэҕирэр кыах суоҕа. Бастакы поэттар фольклор образтыыр, ойуулуур үгэстэригэр тирэҕирэн айбатахтара буоллар, кинилэр айымньыларын оччотооҕу үлэһит норуот халыҥ араҥата өйдүө суох этэ. Кулаковскай уонна Софронов сүнньүнэн фольклор үгэстэригзр олоҕурбут дьүһүннээһиннэрэ кинилэр поэт быһыытынан мөлтөхтөрүттэн, биитэр бэйэлэрин соруйан «төрөөбүт ыырдарынан» хаарчахтана сатаабыттарыттан, консервативнайдарыттан төрүттэммит буолбатахтар. Хата, бу оччотооҕу олох сайдыытын закономернай көстүүтүн, биһиги суругунан литературабыт үөскээбит уратытын курдук өйдөнүөх тустаах. Кулаковскай уонна Софронов фольклор үгэстэригэр олоҕурбут дьүһүннээһиннэрэ кинилэр айьшньыларын норуокка тиийимтиэ, демократичнай оҥорбута. Ити өттүнэн Кулаковскай уонна Софронов кэмнэрэ — биһиги литературабыт сайдыытын бастакы тумнуллубат кэрдииһэ буолар.

  1. Кулаковскайы, Софроновы биирдиилэрин туспа ылар буоллахха, кинилэр бэйэлэрин икки ардыгар эмиэ уратылаһаллар. Бастакы поэт фольклорга ордук чугас буоллаҕына, иккис поэт хоһоонун поэтическай дьүһүннээһинэ, тас тутула, стилэ фольклортан арыый сыҕарыйбыта биллэр.