Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта 4

3 кэрчик Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бэһис глава)
Копырин Николай Захарович
5 кэрчик


Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр ордук улахан уларыйыылар Улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэттэх, атыннык эттэххэ, Советскай кэмҥэ, социализм кэмигэр тахсаллар. Общество олоҕор бүтүннүүтүгэр буолбут тосту өҕүллүү поэзия ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар да сабыдыаллаабат буолуох туһа суох.

Патриархальнай-феодальнай олох социалистическайга кубулуйар, эргэ итэҕэллэр, аныгы кэмҥэ дьүөрэтэ суох эргэ үгэстэр быраҕыллаллар, норуоту бүтүннүүтүн үөрэхтээһиҥҥэ, аныгылыы ис хоһоонноох культураҕа үмүрү тардар үлэ күүскэ ыытыллар; урут ким да үөйбэтэх-ахтыбатах саҥа тэрээһиннэрэ үөокүүллэр. Бу кэмҥэ нуучча демократическай, социалистичеокай культуратын үтүө сабыдыала хаһааҥҥытааҕар да күүһүрэр. Саха профессиональнай искусствота үүнэр, сайдар. Ити барыта норуот эстетическэй көрүүлэригэр уларыйыылары киллэртиир.

Саха суругунан поэзиятын дьүһүннээһиннэрэ икки үөскүүр, сайдар төрүттээхтэр: бастакынан, бэйэтин төрүкү национальнай үгэстэригэр олоҕуруу, олору байытыы; иккиһинэн, нуучча литературатын, тылын, культуратын сабыдыалларынан урут билбэтэх саҥа көстүүлэри, объектары туһаныы.

Фольклорга туһаныллыбатах биитэр бэрт кыратык туһаныллыбыт «олохтоох» объектар, көстүүлэр советскай поэзия дьүһүннээһинигэр күүскэ киирдилэр. Холобур, буурҕа, этиҥ, муора, өрүс, сүүрүк, долгун, дьүкээбил уота уо. д. а.

Уу эйгэтэ Кулаковскай, Софронов дьүһүннээһиннэригэр кыратык «иирбитин туһунан ахтан турабыт. Этиҥ, силлиэ Софронов хоһуйууларыгар кииртэлзэбитин эмиэ этэр наадалаах. Кини «Этиҥнээх ардах»; «Силлиэ» диэн хоһоонноругар революционнай охсуһуу уорун-кылынын ойуулаан көрдөрбүтэ.

Поэт «сир симэҕин сиҥнэритэ сынньар», «сэбирдэҕи, сиппэҕи... үөһэ-аллара өрүкүтэр», «үгүһү үнтүрүтэр», киһи билбэтэх күүстээх силлиэтэ, тобураҕа турбутун сөҕөр-махтайар, онтон чаҕыйар даҕаны.

Бастакы хоһооҥҥо этиллэр:

— Ок-сиэ ньии оҕолоор,
Олоҕу уларытарга
Улахантан олохтоммут,
Киэҥтэн кэскиллэммит,
Айыыны-хараны аччылыырга
Анарааттан анаттарыылаах
Алдьархайдаах ардах
Аан дайдым үрдүнэн
Ааҥнаан ааспыт эбит ньии.

Иккис хоһооҥҥо ааҕабыт:
Ардьаалы, ааттатай ньии!
Аныһыйдаҕа баҕас
Тугун алыһай...
Сипсийдэҕэ баҕас
Тугун сибиэнэй...
Тыалырдаҕа баҕас
Тугун сытыытай!.. (60—192, 326)

Буурҕа, холорук, муора, долгун саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр күүскэ киириилэрэ Улуу Октябрьскай социалистическай революцияны, кылаас охсуһуута тыҥааһынын, саҥа олоҕу тутуу күүрээнин кытта ситимнээх. Улуу социальнай уларыйыылар, революционнай тосту өҕүллүү кэмнэрэ бэйэтигэр сөптөөх саҥа образтары, символлары, ойуулааһыннары эрэйэр. Буурҕа, силлиэ, холорук, этиҥ, чаҕылҕан, муора, долгун курдук, айылҕа модун көстүүлэрэ айымньы активнай компоненнара буолаллар.

Айылҕа ити көстүүлэрэ саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр күүскэ кыттыыларыгар нуучча литературатын опыта үтүө холобуру көрдөрөр. Пушкинтан,

Лермонтовтан Горькайга диэри образка улам күүскэ киирэн испит буурҕа, силлиэ, муора, долгун нуучча поэзиятын сүрүн лейтмотива бублбуттара. Бу көстүүлэр саха советскай литературатын төрүттээччи, революционер, ленинец П. А. Ойуунускай поэзиятыгар аан бастаан күүскэ киирбиттэрэ.

Ойуунускай өссө 1917 сыллаахха суруйбут «Таатта оҕото Дьаральжтыйа Былатыан» диэн биир эрдэтээҕи хоһоонугар: «Араат байҕал уотунан умайар уу долгунун, күөх халлаан көстөр күөх көхсүн көрөн туран, сытыы сындыыс сырыыта сырыылаах өй-мэйиибинэн өйдөөн турдум, үтүө доҕоттоор!» — диэбиттээх. «Муораны тобугунан, халлааны хабарҕатынан» харса-хаан санаалаах уол оҕо литератураҕа киирбит эбит диэх курдук. Ситинтэн ыла кини революционнай поэзиятыгар буурҕа, этиҥ, чаҕылҕан, муора модун баала кыттыспытынан бараллар. «Санаа» диэн хоһоонугар пролетариат улуу революцията бу курдук образтанар:

Өрөгөйдөөх революция
Өркөн төленө саластаҕына,
Өрө түллэн дьалкыйдаҕына,
Уоттаах улуу күүһүнэн
Общество урукку олоҕун
Уйаҕас уйата долгуйар...
Кыайбыт кылаас обургу
Кыайыыттан кыайыыга
Өрө суүрэн тахсан
Өрөһөлүү анньан истэҕинэ,
Хаппытаал, хабала, хаатырга
Хампарыта охсулла түһэллэр.
Дибилийэр элбэх уулаах
Дириҥ далай обургу
Кэрис бараан дьүһүннэнэн,
Кэтит иэнэ ытыллар.
Баараҕай байҕал барахсан
Баала баллырҕаччы охсуллар,
Өлгөм өрөгөй күүһэ
Өрө түллэн мэҥийэр.
Сир, халлаан икки,
Силлиэ ытыйбытын курдук,
Титирии, ньиргийэ, тураллар. (36—104)

Автор общество олоҕун айылҕа көстүүтүн кытта дьүөрэлиир поэтическай параллелизмы айар. Революция муҥутааһына сири-халлааны титирэтзр акыйаан силлиэтин ойуулааһынынан түстэнэр.

Ойуунускай революционнай охсуһуу буурҕатыттан, силлиэтиттэн кыратык да дьулайбат, чаҕыйбат, хата ордук күүһүрэригэр баҕарар. Кини: «Түөрт сүллэр этиҥ дүрбүйдэр дүрбүйдүн! Сааллар чаҕылҕан дапсыйдар дапсыйдын!» — диир. Ити этэрэ «Пусть сильнее грянет буря!» диэн М. Горькай этиитигэр уруулуу. Ойуунускай «сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр... сир ийэ үрдүнэн силлизлээх холорук силлиэрэн-боллоорон ытыллан тахсыбытын» дорҕоонноохтук уруйдуур-айхаллыыр. Бу силлиэ баай былааһын, батталы «түҥнэри ытыйар, күөрчэхтии көтүтэр», баттаммыт-атаҕастаммыт үлэһит норуот, эн, бу силлиэттэн чаҕыйыма, «кэннигинэн кэхтимэ», хата «биитэр мин, биитэр эн — биирдэспит кыайдын диэн өрөгөй өлөрсүү өһүөнэ үрдээтин...», «бары сир баһынан баттаммыт баргыйдын..!» — диэн поэт уоттаахтык-төленнөөхтүк охсуһууга ыҥырар.

Коммунист партията, рабочай-бааһынай армията үүнэн-үрдээн иһиилэрэ Ойуунускайга акыйаан баалынан образтанар: «Балкыырдаах байҕалым баалланарын курдук, бассабыык партия барҕаран таҕыста... Үллэр долгун курдук, үлэһит сэриитэ үксээтэ үрдээтэ» (36— 42).

Киһи обществотын олоҕо — дьалхааннаах муора («Ильич өллө» диэн бу муора курулуур»), революция, гражданскай сэрии күннэрэ — «дирбиэн-дарбаан», «тибиилээх-тиһиктээх», «саталаах-саргылаах» күннэр.

Революция кыһыл партизана Мэхээчэ, олоҥхо бухатыырын курдук, айаннаах: «Аҕыс тараҕай Дьааҥы арҕаһыттан күдэн туман оргуйан, буурҕа курдук ытыллан, аттаах киһи күлүгэ таҥнары түһэн иһэрэ» (42— 209).

Россияҕа Улуу Октябрьскай социалистическай революция кыайбытын кэннэ капиталистическай дойдуларга кылаас охсуһуута өссө ордук сэтэрбитин поэт эмиэ буурҕанан образтаан көрдөрөр: «аан дайды адаардаах арҕаһын саалыгар... уйулуу оргуйар холорук ытыллар, уот тырым чаҕылҕан тоһуттан чаҕыллар» (36—44). Онон, Ойуунускайга хабыр кылаас охсуһуута барыта буурҕаҕа, холорукка холуллар; «билиҥҥи биһиги бириэмэбит... коммуна олоҕун мөккүөрэ, холорук буурҕа ытыллыыта» диир кини.

Революционер өйө, дууһата буурҕанан туолар, «санаата сата буурай оонньуур». Революция ырыата, музыката, революционнай поэт айымньыта — барылара буурҕалаахтар (36—45, 78, 176). Эйэлээх социалистическай тутуу күүрээнэ, стахановтыы үлэ муоралыы «куугунуур», «этиҥнии лиҥкиниир». Манна биһиги Ойуунускай муораны бэйэтин, ордук Хара муораны, сахаттан ким-хайа иннинэ хас да айым-ньытыгар анаан-минээн хоһуйууларын («Байҕал таптала», «Муора», «Бырастыы»), муора кини күүһүн көтөҕөрүн, кини революционнай-романтическай поэзиятыгар, кини характерыгар бүтүннүүтүгэр дьүөрэлээҕин тустарынан этэ да барбаппыт.

Мин тылым — мин тохтор тойугум...
Харака муорака саалыгар,
Харылыы баргыйар баалыгар
Уһуллан-уоҕуран уүмлтүтэ,
Умайар урсуҥҥа күлбүтэ (36—176)

диэн поэт мээнэҕэ эппэтэҕэ.

Сахалыы хоһуйар кыахтары кэҥэтэр ити аҕыйах холобуртан да көрдөххө, П. А. Ойуунускай биһиги поэзиябытын идейнэй эрэ өттүнэн буолбакка, эстетическэй өттүнэн эмиэ быдан инники сайыннарбыт дьиҥнээх новатор-поэт буолар. Чуолаан буурҕа, муора уо. д. а. айылҕа модун көстүүлэрин айымньы образтааһыннара оҥорууга Ойуунускай үөрүйэхтэрин биһиги элбэх талааннаах поэттарбыт кэлин салгыы сайыннарбыттара уонна сайыннара тураллар.

Холобур, 1920-с сыллар иккис аҥардарыгар литератураҕа кэлбит эдэр поэттарга, Эллэй этэринии, Ленин комсомолун «ньиргиэрдээх долгуна санааларын туруоран», бу тема ыччаттарга «туойар муоранан буолбута». Итинтзн ыла туох элбэх, киэҥ, муҥура биллибэт барыта, нуучча литературатыгар буоларын курдук, муоранан образтанар буолан испитэ. Колхоз үүнүүлээх бурдугун бааһыната, оттуур ходуһата, советскай но-руот бүттүүнүн бас билиитэ буолбут, уйаара-кэйээрэ биллибэт күөх тайҕа тыабыт — барыта «муоралыы долгуйаллар», саҥа олоҕу тутар советскай ыччат хоодуот сүрэҕэ «муора курдук, эппэҥнии долгуйа бааллырар».

Муораны, муора баалын кытта сэргэ олох сайдыы-тын тэтимин өрүһүнэн, өрүс, үрэх сүүрүгүнэн, сааскы уунан образтааһыннар үөскүүллэр. Тыа дьоно, «сааскы уу дьырылыы сүүрэн түмсэрин курдук», колхозка «киирэллэр, улуус, нэһилиэж аайы бастакы бүттүүн үөрэхтээһин оҕолоро, пионердар «долгун курдук куу-гунууллар, сүүрүк курдук чарылыыллар...», көҥүл советскай ыччат «бүтүн дойду устун чобоо долгун кур-дук туран хаамсар», «Россия диэн ааттаах сир модун өрүһүгэр кыттан остуоруйа дьоллоох суолунан Саха өҥ үрэҕэ устар».

Муораны, буурҕаны, өрүһү образка кэлин ордук чопчу киллэрэр буоллулар. Гитлеровскай Германияны кыайыы кэнниттэн сэрии иккис көрдүгэнэ буолбут имтериалистическай Японияны урусхаллыыр сорук турбутугар Т. Сметанин охсуһууга үөлээннээхтэрин ыҥыран, маннык тыллары эипитэ:

Охсуһуулаах кэмҥэ төрөөбүт
Уол оҕо доҕорум..,
Көҥүл-дьол сүрэҕин хаһыытын,
Санаа ыар сибиниэһин
Тайфун гынан силлиэрдиэх эрэ Япон сиригэр
(55 — 70)

«Тайфун» төрдө кытай тыла. Акыйааҥҥа, экватор чугаһыгар үөскүүр Японияҕа бэркэ биллэр буурҕаны (циклону) ити курдук ааттыыллар. Бу тыл сахаҕа нууччаттан кэлбитэ. Япон империализмын урусхаллыыр босхолонуулаах сэриини поэт, үрдүттэн буурҕанан, муоранан буолбакка, чуолаан тайфунунан, Чуумпу акыйаан уутунан дьүһүннээһиҥэ ордук табыгастааҕа көстөн турар.

Уу эйгэтинэн дьүһүннээһиҥҥэ Эллэй чопчу национальнай географическай уратылары үгүстүк туһанар. Кини казах норуотун босхолонуулаах хамсааһынын сирдьитэ Амангельды Имановы хоһуйарыгар Арал күөл обраһын туттар: «Араал байҕал баалыныы аймаммыта Амангельды» (89—199).

Саха сиригэр Советскай былааһы олохтооһуҥҥа актыыбынайдык кыттыбыт латыш норуотун чулуу уолаттарын — К. Байкаловы, И. Строду, Я. Крумины — хоһуйарыгар поэт Балтийскай муора долгуннарынан образтыыр (95—52).

Советскай поэзияҕа сулус, кустук, дьүкээбил уота, ардах эмиэ араас ойуулааһыҥҥа киирэр буоллулар. Манна эмиэ нуучча литературатын сабыдыала баар. Холобур, «дьол чолбон сулуһа», «көҥүл, дьол сулуһа» диэн этиилэр нуучча литературатын сабыдыалынан үөскээбиттэрэ чахчы (А. С. Пушкиҥҥа «звезда пленительного счастья» диэн баара дии).

Өҥү туттууну ылар буоллахха, кыһыл өҥ, урут эппит курдук, нуучча пролетариата күөдьүппүт охсуһуутун сабыдыалынан, революция өҥүн быһыытынан биһиги литературабытыгар күүскэ киирбитэ, биһиги таптыыр өҥмүт буолбута.

Онон бйһиэхэ бэйэбитигэр баар, былыргыттан билэр да көстүүлэрбит, объектарбыт (муора, буурҕа, сулус, дьүкээбил уота, кыһыл өҥ уо. д. а.) поэзия актыыбынай дьүһүннээһинэ буолууларытар нуучча литературата, культурата, нуучча норуота көҥүл иһин революционнай охсуһуута үтүө сабыдыаллаах. Нуучча литературатын дьүһүннээһиннэрэ уонна нуучча литературатынан эргийэн кэлэр интернациональнай үөрүйэхтэр саха советскай поэзиятыгар киириилэрэ улам элбээн иһэр. Маны барытын хабан, системалаан көрөр уустук.

Холобур, «көбүөрү» образка киллэриини ылыаҕыҥ. Маны бастаан өссе эрдэтээҕи поэттар туһаммыттара, Кулаковскайга «күөх көбүөр хонуулар», Софроновка «күөх көбүөр от», «көбүөрү тэлгэппит курдук, көҕөрөн көстөр хонуулар» диэн этиилэр бааллар. Манна кинилэр сайыҥҥы сибэккилээх хонууну дьүһүннээн хоһуйаллар. Оттон кэлин, советскай поэзияҕа көбүөрүнэн хоһуйуу хайдах киирбитэй? Коммунист партията үлэһит норуот дьоллоох олоҕун тэрийбитин Эллэй бу курдук хоһуйар:

Бөкчөйбүт систэри көннөрдө,
Самныбыт саргыны көтөхтө,
Ханнык да үөрбэтэх өтөххө
Тэлгэттэ дьикти бэрт дьол, үөрүү
Дьэрэкээн көбүөрүн. (89 — 222)

Манна поэт бар-дьон олоҕо ойуччу тупсубутун көбүөрүнэн тэгилитэн эппитэ дириҥ түмүктээһиннээх образ буолан тахсар.

«Манньыаты» Кулаковскай кыраһыабай кыыһы хоһуйарыгар киллэрбитин үөһэ ахтан турабыт. Оттон советскай поэзияҕа манньыаты атын образтааһыннарга эмиэ тутталлар. Эллэй күһүҥҥү айылҕа көстүүтүн бу курдук хоһуйар:

Күһүн. Хагдарыйбыт хатыҥнар
Сэбирдэхтэрин тыал ыһан,
Тулаларын манньыат харчынан
Ыһыахтыы турар курдуктара.
(95—29)

Биллэн турар, саха литературата революция иннинэ киирбит дьүһүннээһиннэри кэҥэтиинэн эрэ муҥурдаммат. Урут, Советскай былаас иннинз саха хаһан да үөйбэтэх-ахтыбатах ахса биллибэт элбэх саҥаттан саҥа образтааһыннара нуучча литературатын сабыдыалынан үөскээтилэр уонна үөскүү тураллар. Биһиэхэ «знамя», «барабаан», «набаат» уо. д. а. тыллар революцияны кытта тэҥҥэ кэлбиттэрэ. Кинилэр сирэй бэйэлэрин суолталарыгар туттуллалларын таһынан, улам-улам араас образтааһыннарга киирэр буоллулар. Советскай Союз — буурҕаттан иҥнибэккэ айанныыр модун хараап, ол хараап «Ленин знамята кынаттаах» (89—185). Айылҕа көстүүтүн знамянан образтааһын эмиэ баар.

Онно намтыы кыыһаллар
Поэзия былыттар,
Буурҕаҕа көтөн ааһар Знамяны санаталлар. (19—35)

Былыты знамяҕа холуйуу, бу революция знамятын обраһа, революция идеята советскай киһи өйүгэр-сүрэҕэр күүскэ иҥмитин туоһулуур.

Норуоту сирдиир, охсуһууга ыҥырар, охсуһууну күөртүүр революционнай поэзия — барабаан, набаат, куолакал, фонтан, маяк. Ол курдук, Эллэй этэринэн, советскай поэт ырыата — «барабаан, набаат эрэйи эһэргэ», Маяковскай айымньыта — «туйгун тойук фонтана», «барыктан сырдыкка ыҥыртыыр банаардаах маяк», оттон Лермонтов — «поэзия куолакала».

Улуу Москва куорат — факел, банаар, маяк. «Аан дойду сырдык банаара — аар-ытык Москвам»; «Октябрь умуллубат факела — эн бааргын улуу Москва!» (92— 214,254).

Советскай Союз — хараап, аал; Ленин — кини капитана. «Биһиги аалбыт биирдэ да мунуо суоҕа, кини капитана — Киин Комитет сирдьитэ, улуу учууталбыт Ленин..» (136—105). Оттон бүгүҥҥү Саха сирэ — ол модун хараап «биир маҥан баарыһа»(13—63). Советскай олох — аал, советскай киһи — матрос: «Үйэм, олоҕум аалыгар биир матрос этим мин» (18—23). Арыт поэт сүрэҕэ, «аал буолан, сайын тыырар Лена урсунун» (14 -5).

Саха советскай поэзиятын дьүһүннээһинигэр дууп, сад, оҕуруот, роза, соловей элбэхтик киирдэ. Советскай Союз — чэлгийэ үүнэр модун дууп, кини олоҥхоҕо этил-лэр Аал-Луук маһы майгынныыр гына ойууланар.

Тимиртэн лабаалаах дууп мастыы,
Үлэһит, бааһынай аймахтыын,
Дирбийэ үүнэҕин, мин дойдум,
Коммунист сирдьиттээх Союһум! (89—120)

Арыт Советскай Союз — «дьиктилээх сад», «хаһыҥ хаарыйбат халыҥ сада», арыт Саха сирэ эмиэ «сайдыылаах садынан», «отонноох садынан» образтанар. Советскай киһи «сири, сад курдук, симиир».

Оҕуруотунан дьарыктанар буолбуттан ыла оҕуруот астарын образка киллэрии элбээтэ. Күннүк Уурастыырап айымньым аҕыйах диирин оннугар, «оҕуруоппар үүнүүм кэмчи» диэн тэгилитэн этэр. Оттон И. Гоголевка «агроном кыысчаан имэ, килбигийэн, үүннэрбит помидорун курдук кэйэр» (14—38).

Бу ураты саҥа образтааһын. Урут кыыс иҥин (иэдэһин) күҥҥэ, кыһыл көмүс манньыакка холуйар эбит буоллахтарына, бу сырыыга эдэркээн агроном кыыс кытарбыт иэдэһэ бэйэтэ «үүннэрбит помидорун курдук кэйэр».

Оттон дьахтар уоһун роза сибэккигэ холуйуу эмиэ саҥа. Ойуунускай этэр: «Обуйук уостара — умайар оруоса!» (36—75).

Биһиэхэ күөрэгэй, көлүөс, ымыы курдук хоһооҥҥо киирбит ырыаһыт чыычаахтар баалларын үрдүнэн, нууччаттан соловей эбии кэллэ. Соловей образка туттуллуута күөрэгэйгэ майгынныыр диэххэ сөп. Син-биир күөрэгэй курдук, соловей — кэрэ куоластаах ырыаһыт, поэт, музыкант. Ол гынан баран соловей үксүгэр соҕуруу дойдулар идэлээхтэрин образтыырга туттуллар. Композитор Грант Григорян туһунан этиллэр: «Соҕуруу итии сир соловей чыычааҕа, эн көтөн кэлбитиҥ бу тымныы тайҕаҕа» (92—242).

Арыт саха ырыаһыт кыргыттарын соловейга холуйуу эмиэ баар.

Оо, Сахам сиригэр
Ырыаһыт кыргыттар,
Кыҥкынас куоласкыт кэрэтиэн!
Санаатым манна суох
Соловей чыычаахтар
Эһиги эбиккит эбээт,— диэн. (94—99)

Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэригэр өссө революция иннинэ ырай, аат (ад), аанньал киирбиттэрэ. Советскай былаас саҕана храм, люстра, арфа, орган, флейта, ордук Аҕа дойду сэриитин сылларыттан бэттэх армия, фронт, тыл, маршал, орудие, снаряд, сэрии кэнниттэн эйэ иһин охсуһуу күүһүрбүт кэмигэр холууп уо. д. а. элбэх саҥа объектар киирдилэр.

Биһиги поэзиябытыгар Илья Муромец, Тарас Бульба, Онегин, Демон уо. д. а. нуучча литературатын образтара, Прометей, Колумб, Робинзон, Муза, Пегас, Орфей уо. д, а. интернациональнай образтар, Крым, Кавказ, Волга, Москва, Ташкент, Бородино уо. д. а. аатырбыт куораттар, географическай ааттар киирдилэр.

Ити элбэх киирии образтар үксүгэр нуучча литературатыгар хайдах баалларынан эбэтэр олорго майгын-натан туттуллаллар. Холобур, «храм» диэни ылыаҕыҥ: «эн тэлэйбитиҥ дьолуҥ аанын — искусство килбиэннээх храмын» (57—27).

Манна «храм искусства», «храм муз», «храм науки» диэн нууччаҕа этиллэринии бэриллэр. Ол эрээри туохха эрэ дириҥник сүгүрүйүү суолтатыгар храмынан образ-тааһыны саха поэттара атыннык эмиэ тутталлар.

Айылҕам
бу халыан храмыгар
Мин көрбүөччү харахтанабын. (20—122)

Умайдын олох храмыгар
Умуллубат сырдык чүмэчи. (55—74)

Бу саха поэзиятыгар сонун хоһуйуулар. Холобур, айар-тутар советскай норуоттар дьоллоох олохторун храмҥа холуйуу, биһиги санаабытыгар, бэргэн. Норуот баттана-үктэнэ олорор сордоох олоҕун поэт, бука, ити курдук этиэ суоҕа эбитэ буолуо. Бу холобурдарга биһи киирии объектары айымньылаахтык поэтическай образ оҥорон кэбиһиини көрөбүт.

Биһиги саҥарар тылбытыгар, ырыабытыгар нуучча сомоҕо домохторо үгүстүк киирэллэр. «Көмүс илиилээх» (золотые руки), «маҥнайгы хараҥаччылар» (первые ласточки) диэннэр уо. д. а. ис хоһоонноро да, тас формалара да уларыйбакка сылдьаллар эбит: «көҥдөй тиит хаачырҕаата, көмүү ырыатын ыллаата» (55—139); «кубаларын хоһооннорун хоҥкуначчы туойбут диэмэҥ» (17 -438).

«Көмүү ырыата» (панихидная песня), «куба хоһооно» (лебединая песня) диэннэр эмиэ нууччаттан киирбит сомоҕо домохтор буолаллар. Балартан иккиһин өссө 1928 сыллаахха А. И. Софронов бастаан саха тылыгар киллэрбит эбит (60—430). Кини маны «ырыа быстыыта хоһоон» диэн тылбаастаабыт. Онтон кэлин ким эрэ тиһэх айымньытын, талаан, дьоҕур бүтэр тиһэх күөрэйиитин «кубатын хоһооно» (тойуга) диэн калька оҥорон этэр буолбуттар.

Арыт сахалыы этиини нуучча тылын сабыдыалынан үөскээбит этиини кытта сэргэстэһиннэрэ туттуу баар. Оннук сэргэстэһиннэриилэри, холобур, Т. Сметанин хоһоонноруттан булуохха сөп.

Өлөн иһэн Өйдөммүтэ эһэ:
Этинэн хаанынан,
Бүтүн олоҕунан
Эппит тылы кэһиигэ
Эппиэттииллэр эбит диэн. (54—78)

«Этинэн-хаанынан» диэн дьиҥ сахалыы этии, оттон «олоҕунан эппиэттээһин» (поплатиться жизнью) диэн нуучча тылын сабыдыалынан үөскэтиллибит этии. Биитэр маннык холобуру ылыаҕыҥ:

Сэрии хааннаах
Сценатын быыһын
Аан маҥнай аһааччыларынан
Фашистар этилэр.
Илбис дьиикэй ырыата
Фашист сириттэн куйаарара. (55—67)

«Сэрии сценатын быыһын аһыы» — сахаҕа саҥа образ. Нуучча тылыгар «сцена гибели», «выступить на сцену истории», «под занавес тумана», «приподнять завесу» уо. д. а. «сцена», «занавес» диэн тылларынан тэгилитэн этиилэр элбэхтэр. Олору айымньылаахтык туһанан, поэт «сэрии сценатын быыһа» диэн образтааһыны киллэрэр. Ону кытта «илбис дьиикэй ырыата» диэн этиини сэргэстэһиннэрэр. Бу кэнники образтааһын саха бэйэтин «илбис кыыһын ырыата» диэниттэн тахсар.

Сахаҕа урут «уһун тыл» диэн этиллибэт этэ. Арай нууччаҕа «длинный язык» диэн буолары-буолбаты элбэхтик лахсыйары, тылга тииһиини этэллзр. Онон поэт И. Гоголев маннык хоһуйара эмиэ нууччаттан сабыдыаллаах буолуо: «Таҥас кылгас лоскуйуттан кылгас таҥас тигиллэр. Тоҕо кылгас санааттан уһун тыллар төрүүллэр?» (13—95)

Былыргы гректэртэн төрүттээх искусство таҥаратын Муза обраһа саха поэзиятыгар арыт кыталык доҕуһуоллаах буолар эбит. Кини «кый халлаан кырсыгар кыталык үөрүнүүн» көстөр, «кыталык кыҥкынас ырыатынан ыҥырар» (89—341). Арыт кини көмүс кынатынан хомус тылын таарыйан, «дьикти дорҕоону таһаарар».

Биирдэ иэйэр Муза көппүтэ
Сайсары киэҥ тулатынан,
Эргэ хомус тылын тарпыта
Алҕас көмүс кынатынан (65—293)

Искусство таҥарата Муза ити курдук «сахатыйбыт».

Демоны бастаан саха -поэзиятыгар киллэрбит Кулаковскай кинини «Абааһы (үөһээ бөҕө өһөгөйдөөх санаалаах үөдэн уола сордоох Уот Уорумтаҕай)» диэн тылбаастаабыта. Кулаковскай «сахатытан» тылбаастааһына оччотооҕу дьоҥҥо ордук өйдөнүмтүө этэ. Советскай былаас саҕана норуот үөрэҕирбитин, өйө-санаата кэҥээбитин, биһиэхэ нуучча культуратын, литературатын сабыдыала күүһүрбүтүн кэннэ бу образ сирэйинэн кҥирэр буолта. Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» диэн поэматыгар ааҕабыт:

Ол этэ — өлүүгэ өргөстөммүт,
Үҥэр таҥараларыгар өстөммүт,
Самныы-кыайыы демона,
Сайсары төлөннөөх уолана, Уолан Эрилик!..

(65—343) Демон манна тыл көһөрүллүбүт суолтатыгар, тэгилитэн, образтаан этии быһыытынан туттуллубут.