Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Преамбулата
Биһиги, Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх омуктаах бар дьоно,
өрөспүүбүлүкэ ааспыт кэмин устатыгар төрүттэнэн кэлбит судаарыстыбатын са-йыннарар дьулууру ТУРУОРСАН,
өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбатын суверенитетын туһунан Дэкэлэрээссийэҕэ ТИРЭҔИРЭН,
өрөспүүбүлүкэни Төрүт Сокуоҥҥа уонна дуогабардаһыы сыһыаннаһыытын тускулугар олоҕурар Российскай Федерация субъегынан БИЛИНЭН,
бэйэ дьылҕатын көнүллүк быһаарыныыга уонна тэҥ бырааптаныыга аан дойду бүттүүн билиммит быраабын олоххо КИЛЛЭРЭН,
өрөспүүбулүкэни сайыннарыыга ааспыт көлүөнэ үтүөлэрин ЫТЫКТААН,
биликки уонна кэлэр көлүөнэ иннигэр ытык иэһи толорууга ОЛОҔУРАН,
дэмэкэрээтийэ ирдэбцлинэн олорор уопсастыба тускулунан САЛАЙТАРАН,
өрөспүүбүлүкэ бар дьонун аракаччылыыр уонна кини тус бэйэтин суолунан сайдарын туһугар КЫҺАНАН,
өрөспүүбүлүкэ бары гражданнарын көҥүлгэ, тэҥ буолууга, эйэҕэ, сайдыыга баҕаларын уонна дьулуурдарын ЭТЭН,
бу Төрүт Сокуону ЫЛЫНАБЫТ уонна ону инникитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин — Российскай Федерация састаабыгар киирэр судаарыстыба Төрүт Сокуонунан билинэбит.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Преамбулата
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Бастакы түһүмэҕэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун Иккис түһүмэҕэ
- СӨ Төрүт Сокуонун эрэдээксийэтин туһунан СӨ Сокуона, С 445-II №-дээх
- "СӨ Төрүт Сокуонун тиэкиһин эрэдээксийэтин туһунан" СӨ Сокуонун туһунан СӨ Ил Түмэнин уурааҕа, С 446-II №-дээх
- "СӨ Төрүт Сокуонун тиэкиһин эрэдээксийэтин туһунан" СӨ Сокуонун туһунан СӨ Президенын ыйааҕа, 575 №-дээх