Тыа кыыла (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Саха омук (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Үөн-көйүүр (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Тыа кыыла


Амырыын тымныы
Арҕахха иһиппит
Ардай анаҕастаах
Адьырҕа кыыллар —
Атырдьах атахтаах,
Адаархай муостаах
Анамы тайах — таба,
Алдьахайдаах дьыл аттанан
Астара тахсан,
Абыранан бардылар.

Күндү-үтүө түүлээх
Күтүр бэттэрэ,
Күбэ дьыл күрэнэн
Күннэрэ тахсан,
Көҥүл баран,
Күөххэ көттүлэр.

Турар атахтаах
Туура оппокко
Тугуттаан тубуста,

Түөрт атахтаах
Түөрэ оппокко
Төрүөхтэнэн төлөһүйдэ,

Сүүрэр сүһүөхтээх
Сүдү дьыл оборбут
Сүмэтин толорунна.



Сүрүн сирэйгэ