Үөн-көйүүр (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Тыа кыыла (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Үөн-көйүүр


Үрүҥ айыы үөскэппит,
Үксүн өйдөөх үтүөтэ
Өтөрү өйдүөбэтэх,
Үөн-көйүүр
Үллэҥнэс буолла.

Кыраҕы харах
Кыайан аахпатах
Кыамаайы-бырдах
Кыймаҥнас буолла.

Саха урааҥхай
Сатаан сабаҕалаабатах
Салаҥ элбэх
Сахсырҕа-ньаалаҕай
Сааҕынас буолла.



Сүрүн сирэйгэ