Хаар-муус дойду аармыйата (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Этиҥ (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Өксөкүлээх Өлөксөй|Өксөкүлээх Өлөксөй]]
[[]]→



Хаар-муус дойду аармыйата


(Кыһыл Армия 7-с сыла туолуутугар)

Кылгас буолбут кыһалҕалаах,
Дьадаҥы буолбут аналлаах,
Саха омук
Үлэһит диэки өттүн,
Кулут диэки сорҕотун,
Хамначчыт диэки аҥарын
     Эрэйин чэпчэппит,
     Муҥун долгуппут,
     Сорун оччоппут
Кыһыл Аармыйа баар,
Хомунньуус дьон баар,
Бассабыык баартыйата баар...
     Уһун уор5алаах
     Ороссууйа хотун
     Ол бу улаҕаларыттан,
Үс-түөрт сыллааҕыта
Үтүө дойдуларыттан
Үлүһүйэн кэлбит,—
     Хара норуот
     Харыһыктаах ханыылара:
Кыра норуот
Кырыктаах ыччаттара,
     Боростуой норуот
     Буойун уолаттара
Бу дойдуну булбуттара,
Саха сиригэр салаллыбыттара,
Хаар-муус дойдуга хааттарбыттара.
     Сэбиэскэй былаас иннигэр
     Сиилэлэрин биэрбиттэрэ,
Кыраасынай кыайарыгар
Кытаанахтык кыһаммыттара,
     Хомунньуус туһугар
     Хорсуннук хоһулайбыттара.
Бэппэлээйэп ньадараал кэлэн
Бэрт иирээни тэрийбитин,
Олоҕу долгуппутун,
Хааны таһаарбытын
     Эмиэ сэбиэскэй сэриитэ
     Элбэх эрэйинэн,
Үгүс түбүгүнэн,
Кытаанах кыһалҕанан
Бэппэлээйэп сэриитин эспиттэрэ,
Үрүҥ сэриитин үрэйбиттэрэ,
Бандьыыт сэриитин бараабыттара.
     Онтон бэттэх
     Батталы барахтардылар,
     Үктэли үрэттэрдилэр,
     Куһаҕаны кубулуттулар.
Дьоллоох оло5у туругуртулар,
Кэскиллээх олоҕу киэргэттилзр
Үтүө оло5У үөскэттилэр...
    Ол иһин
    Күөнэхпит күөрэйдэ,
    Күөрэгэйбит ыллаата,
    Күммүт та5ыста.


1925