Эйиигин көрүүм да мин... (Варвара Потапова)

Хахыйах ырыата Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Көрбөккүөт...




Эйиигин көрүүм да мин -

Элбэҕи-элбэҕи эргитэ саныыбын.

Эдэр-истиҥ иэйиилэрим

Эргиллибэт сааскыларын күөх төлөннөрө

Эһиэкэйдиир курдуктар

Мин сүрэҕим тэбиитин эрчимигэр.


Эйиигин көрүүм да мин -

Эмиэ-эмиэ эйэҕэс буолабын.

Хаһан эрэ харысхала суох

Хагдарыппыт хаарыан сибэккилэрим

Дьөрбөлөрө тиллэн, киэргэйэн кэлэллэр.


Эйиигин көрүүм да мин -

Эрбэьин саҕабын умнабын.

Ахтар-саныыр алааһым тула суугунуур

Аар тайҕам тойугун үтүктэр туһугар

Ырыа умсулҕаныгар күөлэһийэбин.


Эйиигин көрүүм да мин -

Мин баҕарабын эйиэхэ:

Кубулҕата суох доҕору,

Куттаһа суох өстөөҕү,

Хаардаах кыһыны,

Самыырдыых сайыны...


Мин бэйэбэр баҕарабын:

Эн эйэҕэс мичээргин,

Эн чэгиэн көрүҥҥүн,

Эн сылаас сыһыаҥҥын,

Эн эрэ эрэйи билимиэххин,

Эн эрэ миигин эрэниэххин,

Эн эрэ миигин кэтэһиэххин,

Эн эрэ миигин итэҕэйиэххин

Уонна, уонна...

Оо, эйиигиттэн эрэ кэлэйимиэхпин.