Хахыйах ырыата (Варвара Потапова)

Тэһийбэт, тэһиккиир киэһэҕэр... Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Эйиигин көрүүм да мин...




Мин сибэкки буолбатахпын.

Суох, мин арыый атыммын -

Тымныы халлааны таламмын,

Ойдом үүммүт хахыйахпын.

Буурҕа улуйар түүнүгэр

Мин өрүү соҕотох буолабын,

Кырыалаах лабаабын уунабын -

Айылҕа уордайбыт күүһүгэр.


Мин сибэкки буолбатахпын.

Ол эрэн, оһуор от кэриэтэ,

Сырдык тыыннааҕым бэлиэтэ -

Сылааһы таптыыр дууһалаахпын.

Ол иһин, күүтэбин: хаһан эрэ

Мин хатан эрэр лабаабар,

Өҥө суох бороҥ таһаабар

Күөххэ тапталы дьон көрүөхтэрэ.

Баҕар, үөһэ тыынан ылыахтара -

Ыйдаҥа тунал түүннэригэр,

Ырааҕы ахтар түүллэригэр,

Уонна мин туспунан ыллыахтара!..