Өй, сүрэх икки мөккүөрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)

От-мас тыллыыта (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өрүс бэлэхтэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)



Өй:
Нокоо! Нохтолоох болуо сүрэх уол!
Тохтоо, болҕой эрэ!
Тоҕо бу олус чолоҥолоотуҥ?
Тойоннору баҕастары ууга-уокка
Угаргар тиийдиҥ эбээ!

Сүрэх:
Туох буруйу оҥорбуппун булан
Бу айыылаах олус суоһурдаҥый,
Улуу тойон убайыам?

Өй:
Бэйи эрэ, мэлдьэһимэ,
Мэник мэнигийээн,
Билэн этэрим буолуо! Эн
Ол-бу буолан чолоҥолоон
Ороскуот-оһол иккини ойоҕостоотуҥ,
Эрэй-иирээн иккини эҥэрдээтиҥ,
Айдаан-алдьархай иккини атахтаатыҥ
буолбат дуо?
Күн сирин көхтөөх көрүн
Көрдөргүн эрэ
Үргэн өрүкүйэн тураҕын,
Орто дойду солоҕой оонньуутун
Булларгын эрэ
Соһуйан-умсугуйан тураҕын,
Аан дайды араас мандарын
Харахтаатаргын эрэ
Алдьанан-абаланан тураҕын!
Иччи тойоммутун
"Итини ыл" диэн иирдэн
Элбэх эрэйгэ тэбэҕин,
О5о тойоммутун
"Ону бул" диэн олуйан
Ороскуоттаах олуурга угаҕын,
Аҕа тойоммутун
"Маны аҕал" диэн хаайан
Араас албаска хаптараҕын!

Сүрэх:
Хайдах алҕастаахпын,
Ханнык аньыылаахпын булан
Хабырыйдыҥ буолла,
Харыһыктаах тойон убайыам!

Өй:
Эгэтин истиэххин тиэтэйдэххинэ,
Этиим эрэ, илэ киһи, истэн тур!
Уһун таҥастаах улууһугар умсугутан
Улахан муҥҥа угаҕын,
Бытааһах ырааһыгар ымсыырдан
Быттах дьыалаҕа былыыгын,
Дьахтар омукка баҕардан
Дьабаҕан дьыалаҕа дьайыҥныыгын!
Итириктээх арыгыга иирдэн
Иирээн-кутураан эркинниигин,
Уохтаах арыгыга умсугутан
Улахан долгуҥҥа оҕустараҕын,
Кыһыылаах арыгыга ылларан
Кыбыстыылаах кыдьыкка кытыардаҕын!
Үтүө акка үлүһүтэн
Үгүс үбүн үрэйэҕин,
Көнө сааҕа көҕүтэҥҥин
Көмүс үбүн үрэйэҕин!
Буугунай хаартыны булларан
Булбутун эрэ булкуттараҕын
Чиэрбэ хаартыны дьиибэлэттэрэн
Чиэһин-маанытын киртитэҕин,
Туора хаартыга тууһурдан
Туруудалаах олоҕун тулҕатытаҕын,
Эбиэннээх хаартыга эрчийэн
Элбэх эбээһин эстэрэҕин!
Табаах оту таттаран
Тас хоромньуну таһаараҕын,
Силээхтэ таҥаска сиэдэрэйдэтэн
Сиигэ-хоһууга тиэрдэҕин,
Мааны таҥаска баҕардан
Бары малын баратаҕын!
Бэрди кытта мэккиһиннэрэн
Бэрт эрэйгэ тэбэҕин,
Күүстээҕи кытта күрэстэһиннэрэн
Көтүүн өлүүгэ түһэрэҕин,
Быһыйы кытта сырыһыннаран
Быстах былаҕайга ыллараҕын,
Абааһы майгылааҕы кытта адьырыһыннаран
Араас алдьархайы арыйаҕын,
Бөппүрүөгү кытта мөккүһүннэрэн
Бүтүннээх өлүүнү төрүттүүгүн!
Киэҥ кэпсэтиигэ киллэрэн
Киэби-кэскили кэҕиннэрэҕин,
Долгуннаах добугуорга уган
Долгура олоҕун долгутаҕын,
Хаайыылаах хантараакка баайан
Хабараан кутталы хаҥатаҕын!
Үрэх баһыгар үүрэн
Үбүн-аһын үрэттэрэҕин,
Ыраах айаҥҥа ыытан
Ытык ыыспатыттан ыраатыннараҕын!
Сындалҕаннаах сырыыга ыытан
Сынньалаҥ олоххо сыһыарбаккын!
Хайдах биһиги
Инникибитин билиммэт,
Кэнникибитин кэтэммэт,
Олохпутун оҥостуммат буоллахпытына,
Киһи-хара буолан киэркэйиэхпитий,
Саха омук буолан салаллыахпытый,
Ураанхай дьон буолан ууһуохпутуй.
Нокоо, нохтолоох болуо сүрэх уол?!

Сүрэх:
Аны мин
Санаабын саҥаран
Билэрбин этэн,
Өйдүүрбүн түөһэн көрүүм эрэ,
Улуу сололоох убайыам,
А5а сололоох артыалыам!
Бу
Орто туруу-бараан дойдуга,
Оҕо төрүөн баран
Омуһахха угуллубатах
Оннуттан суох дииллэр;
Аан ийэ дайдыга
Айыллан баран
Ампарбакка хаалбыт
Ааныттан суох дииллэр;
Үрүҥ күн анныгар
Үөскээн баран
Өлбөккө хаалбыт
Өрүү суох дииллэр.
Ол курдук
Кэминэн кэлэн барар,
Сылынан сылдьан ааһар,
Бириэмэнэн биллэн ааһар
Сиртэн
Аҥаарыйа кырдьар эрэ наадатыгар,
Анах сааҕын аннынааҕы
Аҥатах үөн курдук,
Аан ийэ дайды
Айыы далбар маанытыттан
Амсайбакка хаалыахтааҕар,
Ахсааннаах даҕаны сылга
Аан ийэ дайдым
Аһыытын-ньулуунун,
Айыылааҕын-алгыстааҕын,
Алдьархайдааҕын-абыраллааҕын
Амсайбахтаан баран,
Аан дайдыттан арахсыбыппыт
Аҥарынан астылаҥнаах.
Иэрийэ кырдьар эрэ кыһалҕатыгар,
Ис иһинээҕи
Илдьиркэй үөн көрдүк,
Ийэ-табык дайдым
Илгэлээх быйаҥын
Испэккэ иһийбиттээҕэр,
Ити эдэр да сааспар
Ииппит ийэ дайдым
Итиитин-тымныытын,
Илгэлээҕин-имэҥнээҕин,
Иирээннээҕин-илбистээҕин
Испэхтээн баран,
Ийэ буорга ииннэммиппит
Иккитинэн барыстаах.
Өҋүкү-төйүкү кырдьар эрэ
мөккүөрүгэр,
Өтөҕө аннынааҕы
Өспүт үөн көрдүк,
Үрүҥ күн аннын
Үтүө-мөкү долгунун
Өйдүөбэккэ өлүөхтээҕэр
Үөлэн даа үйэбэр
Үрүҥ күн сирин
Үчүгэйин-куһаҕанын,
Үөрүүлээҕин-үлүгэрдээҕин,
Өҕүөмэрин, өмүрэхтээҕин,
Үлүмнэспэхтээн баран,
Үрүҥ күн сириттэн
Үүрүллэ турбуппут
Үһүнэн үчүгэй.
Онон буоллаҕына
Истиҥ санаабын иһитиннэрдэхпинэ,
Баҕалаах санаабын бадахтаатахпына,
Кэскиллээх санаабын кэпсээтэхпинэ:
Мин санаам-баҕам -
Орто курбуу-дьаҕыл дойду
Долгун-туона олоҕор
Олорсуспахтаан хаалыахха,
Ийэ киэли дайды
Имэҥнээх кэскилигэр
Киирсиспэхтээн хаалыахха.
Көр-нар бөҕөнү
Көҕүлүттэн тутан,
Үҥкүү-битии диэни
Үгүстүк-үөдүтэн,
Оонньуу-күлүү диэни
Олустук олохтоон,
Итириктээх арыгыны испэхтээн,
Ханалҕаннаах хаартынан халаспахтаан,
Таптыыр табаҕы таппахтаан;
Амтаннаах аһы аһаабахтаан,
Уохтаах кымыһы уулаабахтаан,
Мааны таҥаһы таҥныбахтаан;
Үтүө дьону кытта үөрдүһэн,
Ааттаах дьону кытта атастаһан,
Дьоһун дьону кытта доҕордоһон,
Талыы хатыны кытта табаарыстаһан,
Үтүө хотуну кытта үөрдүһэн,
Эдэр хатыны кытта эйэргэһэн;
Бэрди кытта мэккиһэн,
Күүстээҕи кытта күүрсэн,
Үөдэни кытта өлөрсөн;
Хабараан дьыалаҕа хантараактаһан,
Долгуннаах дьыалаҕа добугуордаһан,
Кытаанах дьыалаҕа кыттыһан;
Ааттаах аты атахтаммахтаан,
Талыы табаны талаһаламмахтаан,
Улуу аалларынан устубахтаан;
Сындалҕаннаах сырыыны сылдьан,
Суостуганнаах суолу тобулан,
Амырыыннаах аартыгы арыйан;
Улуу муоралары
Улаҕаларынан урбачыйан,
Киэҥ сирдэри
Кэтэхтэринэн тэлэкэччийэн,
Омук-омук сирдэрин
Уорҕаларынан оломноон;
Үөрүү, өлүү иккини көрөн,
Эгэй, эрэй иккини билэн,
Соргу, сор иккини солбуйан,
Туску, былаҕай иккини
Тутуһуннаран баран -
Аан ийэ дайдыттан
Арахсарбыт буоллар
Астык буолуо этэ,
Орто дойдуттан
Уларыйарбыт буоллар
Ордук буолуо этэ,
Күн сириттэн
Көтөрбүт буоллар
Үчүгэй буолуо этэ...
Ону эн
Хас киһи үйэтигэр
Хам хатаарыгын
Хаайсан хадьардаһаҕын?
Төһө киһи үйэтигэр
Төлөһүйэн үөскээри
Төрдүттэн мөккүһэҕин?
Ити эрээри
Итини эн,
Өй оҕонньор, төһө даа
Өйдөөҕүҥ иһин,
Өйгөр түһэрэриҥ эрэ суох...
Хайа эн -
Тардар тымыр
Такайа диэн таайбат,
Тэбэр тымыр
Тэһииригэ диэн билбэт,
Охсор тымыр
Оргуйуута диэн толкуйдаабат,
Үллэр өһөх
Өрүкүйүүтэ диэн өйдүөбэт
Улуу кырдьаҕас буоллаҕыҥ.
Эн -
Үөмэн-чөмөйөн үктүүр,
Аргыый ааҕан хардыылыыр,
Санаан-сабаҕалаан дьаһанар,
Кэтэнэн-сэрэнэн кэмэлдьилэнэр
Кэп суорун киһигин.
Эн -
Туппуккун эрэ тобоҕолоон тоҥхойуоҥ,
Бааргын эрэ бараан бахтайыаҥ,
Илиитээҥигин эрэ сиэн ииннэниэҥ;
Айыллыбыт алааскыттан арахсыбакка,
Төрүөбүт өтөххүттэн өннүбэккэ,
Тиэрийбит тиэргэҥҥиттэн тэйбэккэ,
Сүүскэр түптүрдэммитинэн түксүлүөҥ,
Хараххар хаппахтаммытынан хампарыйыаҥ...
Сааххын саппытынан сарыаҥ...
Мин бэйэм туспун эттэхпинэ -
Эпчимнээх тымырдаах,
Эмньик бэйэлээх,
Эдэр саастаах эрдэхпинэ,
Экчи быһа иччи тойоммун,
Ити этэрим курдук,
Илдьэ эрэ сылдьыам,
Илдьэ эрэ сылдьыам!
Арай, арай
Тардар тымырым намтыырын саҕына,
Мөҥүүк тымырым мөлтүүрүн саҕына,
Өрүкүйэр өһөҕүм сөрүүкүүрүн саҕына
Оччоҕо арай эйиэхэ
Баспын бэринээ инибин,
Бас иһигэр балаҕаннаах
Баһылык кырдьаҕаспар...

1912 с., Якутскай.

Сүрүн сирэйгэ