Өрүс бэлэхтэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Өй, сүрэх икки мөккүөрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Саха дьахталларын мэтириэттэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Өрүс бэлэхтэрэ


Үс үллэр үөстээх,
Өрүскэннээх сүүрүктээх
Өрөгөйдөөх Өлүөнэ — өрүс хотун

Ыччаттарын ыҥырталаан,
Кыргыттарын кытаттаан,
Оҕолорун холбооттоон,
Дохсуннук долгуннуран,
Күүстээхтик көмүөллэнэн,
Халыаннык халҕаһаланан,

Илин Сибиир уутун
Ирдээн туран
Иҥнэри тардан,

Хоту Сибиир уутун
Хотуулаах үлүгэрдик
Хомуйа тардан,

Орто дойду
Улуу үрэҕэ буолан
Улуутуйан-уораадыйан,
Аан дайды
Ааттаах үрэҕэ буолан,
Айгыстан-аймаһыйан
Айаннаата-аҥаарыйда
Эбээ, доҕоттоор!
Хор бу
Хоту диэки
Хотун эбэтигэр —

Улаҕатын булларбатах,
Биэрэгин биллэрбэтэх,
Түгэҕин көрдөрбөтөх,

Хараҥа саарыстыбалаах,
Тымныы тыыннаах,

Кыһын кыбаҕалаах,
Чэлгиэн эркиннээх,
Хаар хайыҥнаах,
Муус олбохтоох,
Будулҕаннаах бурҕааттаах
Муустаах муора хотуҥҥа
Тиийдэ кини... Ол тиийэн,
Хотун эбэтин
Холугурас муус
Хоонньугар киирэн,
Хоһоонноон холдьугуруу сытта —
«Хотун эбэкэйим
Хоргута тоһуйуо диэн
Хоой хостуурдаах холлоттум,
Эбэм эмээхсин
Эрэйэ-эрэҥкэдийэ тоһуйуо диэн,
Энньэлээх-сэтиилээх кэлээхтээтим курдук!
Тоҕус уон түһүмэх
Үйэлэр тохору дьуххарбатах
Күлэр муус хоҥуруугун
Дьуххардаары чугуулаатым.

Сэттэ уон мэҥэһик
Үйэлэр тохору ирбэтэх
Ньэҥкир-тарын бэлэскин
Ириэрээри кэллим курдук!

Торуой бүрүчүүстүйэ дьүүлэ
Туолуор диэри
Долгуйбат добугуордаах,
Тоҕус хос модун муус буоҕаралаах
Тойон долуо сүрэххин долгутаары
Улаханнык сананан,
Олустук оҥостон
Олодуйдум курдук...»

Итигирдик
Иҥсэлээхтик-сэттээхтик
Этинэн баран,
Элиэнэ хатын
Эбэтигэр киирэн,
Элбэх уутун
Эҥсибитинэн барда...
Эбэтэ эмээхсин буоллаҕына
Эймэнэ-эҕэрдэлии барбата,
Ийэтэх иҥиэттэн баран
Иһиллээн иһийэ сытта...

Өрөгөйдөөх Өлүөнэ —
Өрүс хотун онуоха
Кулгааҕар кулдьугуруу,
Хоонньугар холдьугуруу,
Күөнүгэр күлдьүгүрүү сытта —
«Эбэм киэнэ ньиччэҕэйин
Ийэ сир иҥэрэн
Энигиппитэ буолаарай диэн,
Илин Сибиир уутун бүтүннүү
Ирдээн туран
Иҥнэри тардан
Илдьэ киирдим.

Муус хайалара
Бураллыбыттара буолаарай диэн,
Бостуочунай Сибиир күр-мууһун
Бултаһан туран булан,
Буура дохсун толоҕойбор уйдаран,
Тоҕо анньан уһаардым.
Күн уотун
Күүстээх күрүлгэниттэн
Күөх далайа
Көп түспүтэ буолаарай диэн,
Күлүмэх үгүс
Көмүөл мууһу
Күүстээх күөммүнэн
Көҥү үтүрүйэн киллэрдим...»
«Айахтат. Акаары кыыс!
Аламай күнү кытта
Аалса сытар андаҕардаах
Ааттаах байҕал
Аччаан эрэрэ буолуо диэн
Аҕалан испит Акаары далаҕаный!..»

«Абарбыккын аралдьытыный даа,
Аар-хатын эбэкээм,
Атыны аҕалбыттаахпын.
Ааспыт күннэргэ
Ахсааннаах балыгы
Айан ыыппыккын,
Аччык бэйэлэрин аһатан,
Аҕыйах бэйэлэрин
Ахса биллибэт оҥорон,
Ханньыылаахтары харайан,
Сүргүөхтээхтэри сүөһүлээн,
Лаабырааннаахтары намыччылаан,
Ыыр балыктары
Ытык ырыыналарбар ыарыылаан,
Санырыалаах балыктары
Салаҥ дириҥнэрбэр саһыаран,
Үөскүүр балыктары
Үтүө чүөппэлэрбэр үөрдээн,
Үрүҥ көмүс өҥнөөн,
Үтүмэн элбэҕи Үүрэн киллэрдим,
Кыһыл көмүс кырыстаан,
Кыама суох элбэҕи
Кыйдаан киллэрдим,
Хара көмүс хатырыктаан,
Харса суох элбэҕи
Халҕаһалаан аҕаллым, —
Харайталаан
Хамаарда гынаттаа,
Хатын эбэкээм...»
«Үрүмэ, түксү,
Үөдэн үрүйэтэ
Үөнү-көйүүрү үксү
Үүрэ сылдьабын диэн...»
«Уорда намырый даа,
Улуу муора хотуон,
Уһугар диэри иһит!
Үгүс бүктэрдээх сүүрүктээх,
Үс бүтэй бүлгүннээх,
Үс үөстээх төрүттээх
Үтүө үрэх
 
Үс Бүлүү хотун диэн
Үөлэн кыыстаах этим.
Онтукам — Туус уутунан тунахтанан,
Алтан аалыытынан халҕаһаланан,
Тимир аалыытынан тибиилэнэн киирбитин —
Эн бэйэлээххэ
Кэһии гынымна
Кэннибэр тутуом дуо диэн,
Киллэртээн кэллим, эбэкээ!»
«Кэһиигин кытта
Киэр кэбэлий!
Мин бэйэлээх киэлибэр
Килэгир тимир — алтан
Кэмчи буолуо диэн,
Киллэрэн испит
Кэбэлкэйгин дуу!..»
«Эрдин даа, эбэкээ,
Истэн ис!

Аан маҥнайгы кыыһым,
Аҕас-балыс курдук санаспыт,
Аан дайдыга аатырбыт
Ааттаах Аллан хатын
 диэн баара. Ол кыыс
Тоҕус уон дохсун уоллаах,
Аҕыс уон адьырҕа кыыстаах,
Сэттэ тыһыынча дьигискэн сиэннээх этэ —

Тохтоло суох сүүрүктээх,
Томороон ноҥсолҕонноох
Тоттук үрэх
Томпо хотун диэн;

Тыастаах сүүрүктээх,
Тымныы тыыннаах
Тыымах үрэх
Тыра хатын диэн;
Халыҥ таас халҕаһалаах,
Хааннаах дьайыҥнаах
Халыан үрэх
Хаандыга хатын диэн;
Тайалҕаннаах хайалардаах,
Тайах кыыллардаах
Талыы үрэх
Тандагы хатын диэн;
Ахса суох салаалардаах,
 
Аймааһыннаах уулардаах
Ааттаах үрэх
Ааллаах хатын диэн;

Баабыһап аллардаах,
Бааһынай дьоннордоох
Бастыҥ үрэх
Майыыда хатын диэн;
Уһуу бултаах,
Умсуук көтөрдөөх,
Уйусках балыктаах,
Уһун толоҕойдоох
Улуу үрэх
Уйуудама хотун диэн;
Киһи-киһи кэрэхсээбит
Киргиллээх киис кэһиилээх
Силигилээбит үрэх
Киэҥ Силигил хатын диэн;
Улуус-улуус умсугуйбут
Уһун сурахтаах,
Улуу саарба уруйдаах
Умсулҕаннаах үрэх
Учур хотун диэн;
Аргый сүүрүктээх,
Аҥаархай салгыннаах,
Аҥаат-муҥаат хочолордоох,
Ахса суох дьонноох
Абыраллаах үрэх
Амма хатын диэн.
Ол сиэнчэрдэр —
Дьааҥы үрэх
Таас хайаларын
Хайыта сүүрэн,
Илин итии муора
Ии хайаларын
Элэтэ сүүрэн,
Омур үрэх
Турук хайаларын
Тоҕута сүүрэн,
Бойомоот таастары бурайан
Буор оҥорон,
Күтүр таастары күкрэнньиктээн
Күдэн оҥорон,
Куустаах таастары курупалаан
Кумах оҥорон
 
Киллэрэн биэрбиттэрин,
Кэтит киэлибэр иҥэрэн
Кэһии гынан
Кэлэн иһэн аара —
Айыҥат-хаан аймахтара
Алыс үөскээн хаалан
Аһыыллара аҕыйаатаҕына,
Абыраннынар диэн,
Аата-ахса суох элбэх
Аҥаат-муҥаат
Арыы оҥортолоон,
Айыталаан аастым...
 Ол туттубут
Буорум ордугун
Будулуччу куттум,
Кумаҕым ордугун
Куугуначчы куттум,
 Күдэним ордугун
 Күүгүнэччи куттум...»
«Аан ийэ дайды
Айыллыаҕыттан ыла
Айыы аймаҕын кытта
Адьырыһар санаабын аахайбакка,
Айыҥат-хаан аймаҕар
Абыралы арыйбыт
Акаары абааһыгыный...»
 «Кыыһырбыккын кыатаный даа,
 Кырдьаҕас эбэкээм!
Аллан үрэх
Аччыгый ылгын кыыһа,
Дьокуускай уокуруга
Дьолугар туругурбут,
Саха омук
Саргытын салайбыт,
Илин улуустар
Иитимньилэрин тэрийбит,
Оччугуй-куччугуй усталаах,
Тиийбэт-түгэммэт иэннээх,
Биллибэт-көстүбэт эйгэлээх
Чопчулаах чороонноох,
Хайырҕастаах хамнатардаах,
Көмүстээх көҥкөлөйдөөх,
Симэхтээх симиирдээх,
Лочугурас ойуулаах
Уһаа айахтаах,
Кэчигирэс ойуулаах
Кэриэн айахтаах,
 Бачыгырас ойуулаах
 Мааччах иһиттээх,
Тардыллыбытынан танылҕаннаах
Талыы үрэх
Таатта хатын диэн баара.
  Ол дойдуга
Улахан урууларга,
Ытык ыһыахтарга,
Барҕа малааһыннарга
Айыҥат-хаан аймаҕар
Айыы-дьаҕыл удаҕанынан
Аал уокка
Ас куттаран
Алҕатар дьаһаллаахтар эбит.

Абааһы аймаҕар буоллаҕына
Арбах баттахтаах
Аан-дьааһын ойууттарынан
Аар саламаны
Айгыраттараллар эбит.
Сиикэй эт мэҥиэни
Сибиэ уотунан сиэтэн

Сиэрдэнэр идэлээхтэр эбит.
Тоҕус дьөлөкөй тордуйаҕа
Субай хаан утаҕы тосхойон
Дьоһуннуур туомнаахтар эбит.
Дойду иччитигэр
Томторҕо туруораллар,
Иэйиэхсит-айыыһыт иккигэ
Дэбдиргэ тэрийэллэр эбит.
  Онтон —
Амырыын аартыктар,
Таас хайалар,
Хара тыалар,
Сүдү үрэхтэр,
Улуу муоралар иччилэригэр
Аал уотунан
Айахтаан аһатан
Алгыыр саҥнаахтар эбит...
  Ол дойдуттан —
Туҥуй ыһыаҕын
Тунаҕыттан тутуһан,
 
Дэлэй ыһыаҕын
Дэбилгэниттэн тииһинэн,
Эбир ыһыаҕын
Илгэтиттэн иҥэринэн
 Эбэ хотуммар
 Кэрэтик көстөөрү
 Илдьэ киирдим көрдүк...»
 «Ко... һо... һо!!!

Ол миэхэ туох
Туһалаах дойдуну
Туойан чугдаардыҥ, хотуой?
Оннук соргулаах дойдуттан
Дохсун кулунунан долгуннуран,
Чаччырҕа тамыйаҕынан талбааланан,
Уордаах уол оҕонон урусхалланан,
Кыыдааннаах кыыс оҕонон кыдьымахтанан
 Кэлиэҥ этэ буоллаҕа дии...»
«Эрдин даа эбэкээ,
Эппиэппин ситэ иһит!
Биллэр-көстөр кыыһым
Бэлиэ үрэх
Биитим хатын
Биһиримнээх иринньэҕэ буолбут,
Буордаах уулаах,
Буомнардаах сүүрүктээх
Бодойбо оҕо диэн баара.
Ол үрүйэчээни
Элбэх көмүһүнэн эркиннээн,
Дохсун көмүһүнэн олбохтоон,
Дэлэй көмүһүнэн тэллэхтээн
Тэрийэн баран,
Бириэмэтин иннинэ
Биллибэтин бэйи диэн —
Таас хайаларга саһыаран,
Күкүр хайаларынан күлүктээн,
Хараҥа тыаларынан хаххалаан,
Хардаҥ эһэлэринэн харабыллатан,
Торҕон бөрөлөрүнэн толуннаран,
Туора дойдуларга дурдалаан,
Киһи билбэт сирдэригэр кистээн
Ииппит иринньэхпит этэ...
Ону баара
Улаан ньуурдаах,
Уус-уран санаалаах,
Уу дугуй сүһүөхтээх
 
Урааҥхай — киһи
Уһуннарбакка булан —
Кэтит Сибиир
Кэрэмэс бэттэрэ
Кэлэн киэптээтилэр,
Аан ийэ дайды
Алыс адьырҕалара
Албан алкыйан ааҥнаатылар,
Улуу-улуу куорат
Олус одурҕаннаахтара
Чуоҕуһан тоҕураатылар...
Элбэх ыраахтааҕы
Сэриитэ эймэннэ,
Үгүс ыраахтааҕы
Үлэһитэ түмүлүннэ,
Хас эмэ омук
Хамаардата хамылынна,
Оҕо Бодойбо богдо
Уутун сүнньүн,
Оонньуу оҥостор курдук,
Оннуттан уларыталаатылар;
Хаххалаан турар
Хараҥа тыаларын,
Хаар курдук,
Хампы сыстылар;
Күлүктээн турар
Түбэ тыаларын,
Күл курдук,
Үлтү сыстылар.
Улахан даа таастары
Уу-уот күүһүнэн
Урусхаллыы турдулар.
Нэлиэн таастары
Динэмиитинэн тэптэртээн
Дэлбэритэ ыыталаатылар.
Аат айаҕын курдук
Алдьахайдаах саахталар
Айахтара аҥастылар;
Үөдэн түгэҕин курдук
Үлүгэрдээх хорооттор
Дьөлүтэ көҥүрүстүлэр.
Тимир суол тилигирээтэ,
Боробуос оҕус чускуутаата,
Тимир сэп тиргиитээтэ,
 
Ыстаал сэп чыҥкынаата,
Буур массыына чуҥкунаата,
Маҕыньыыттаах массыына бачыгыраата,
Элэктириичэстибэ уота элбээтэ...
Көмүстээх буору
Күрдьэҕинэн күртүлэр,
Харчылаах буору
Лаппаакынан хаһыйдылар,
Кыһыл көмүһү
Ытыстарынан ыстылар.
Харчыга хараҥаран
Харыстарыттан таҕыстылар,
Хабараан майгытыйдылар,
Халыҥ тириилэрин хайыталастылар,
Хараҥа хааннарын таҕаарыстылар...
Үпкэ үлүһүйэн
Үтүө быһыыларын,
Үҥэр таҥараларын,
Үҥсэр сууттарын
Өйдүөбэт буоллулар,
Үлүмнэһии турда,
Өлөрсүү үксээтэ...
Ол иһин —
Буруй олус улаатаары,
Айыы алыс хаҥаары гынна диэн,
Айыы дьонун атаарҕаан,
Күн дьонун көмүскээн,
Көмүстэрин күүс өттүн
Күһүҥҥү, сааскы
Күүстээх сүүрүктэринэн
Көҥүтэ суккуйан ылан
Көмөлгөннөөх күөммэр уктан
Күбэй хотун эбэбэр
Күндүтүк көстөөрү,
Көрүлүү-нарылыы,
Күллүгүрүү-бүллүгүрүү
Сүүрүгүрдүм күрдүк.»
Ити курдук этэн баран,
Эҥсэлгэннээх Элиэнэ хатын
Эҥсэ-эппэҥнии сытта эбээт.
Онуоха Муустаах муора хотун
Тоҕус түүннээх күн тохору
Бурулуйда будулуйда, булкулунна...
 
Онтон онус хонугар
Оҕотун диэки
Одурууннаах үлүгэрдик
Одуулаан олорон баран,
Ордоо-кулан куолаһынан,
Сөҥ-нүөрэһин күөмэйинэн,
Ыар-ньаҥсаа тылынан
Саҥаран аныһыйда —
«Аан ийэ дайды
Айыллыаҕыттан ыла
Аламай күнү кытта,
Айыҥат аймаҕын кытта
Аат-миҥэ былдьаһар,
Атаан-мөҥүөн аахсар
Анабыллаах, андаҕардаах
Ааттаах байҕал этим. Ону эн
Айыҥат хаан аймаҕар
Абыралы арыйдым дии-дии
Аҥнан-бохтон
Абартыҥ даҕаны,
Абааһы кыыс...
Күн сирэ үөскүөҕүттэн ыла
Күн улуустарын кытта
Күрэстэһэр мөккүөрдээх,
Күүрээннээх санаалаах
Күөх-далай
Күтүр дьаалыта этим. Ону эн
Күн улуустарын
Көмүскүүбүн дии-дии
Күүгүнээн-көбүөхтээн
Күтүрдүк даа өһүргэттиҥ,
Үөдэн үрүйэтэ ...
Мин диэтэх байҕал
Чэҥнээх бэлэспэр
Бэлиэ бэлэҕи
Биэриэҥ эбитэ буоллар,
Сымара таас быарбын
Сыһаахтытыаҥ эбитэ буоллар,
Муус долуо сүрэхпин
Долгутуоҥ эбитэ буоллар,
— Хайа —
Дьол-соргу доҕуһуоллаах,
 
Томороон туйгун бэйэлээх
Тойот-түһүмэт дьонунан
Толоҕойгун толорунан
Туруоҥ этэ.
Уруй-туску доҕуһуоллаах,
Улаат-халаат бэйэлээх
Уолан-ньургун дьонунан
Урусхалланан устуоҥ этэ.
Айыыһыт таҥара аһыннарыылаах,
Ала-дьикти бэйэлээх
Айгыр-дьаралык хатыттарынан
Талбааланан айанныаҥ этэ.
Иэйэхсит таҥара эрэмньилээх,
Илэ-дьикти бэйэкээннээх
Эдэр кыыс дьэрэликтэринэн
Энньэлэнэн-сэтиилэнэн кэлиэҥ этэ.
Бу балары Булбакка туран,
Бу курдук хомотон
Боһойдообутуҥ туһугар,
Богдо үрүйэ, Буруйга тур! —
Кырдьаҕас кыыспын,
Кырыа хаар тыыннаах,
Кыдьык-хаан кыттыгастаах,
Кыһалҕа-кыыбаҕа кымньыылаах,
Кыыдааннаах кыһын хатыны
Кыйдаан ыыттаҕым буоллун!
Кини бэйэлээх
Ыырданар ыллыктаргын ылҕаан,
Ыччат кыргыттаргын ыччалаттын!
Бэйэҕин буоллаҕына
Сэттэ ый тохору
Ирбэт чэҥ тэллэхтээн,
Им-балай сибииккэҕэ
Иһитэн кэбиһиэхтин!
Аҕыс ый тохору
Халыҥ хаар анныгар
Хаайан кэбиһэн аҥардас
Хараҕыҥ эрэ уутунан
Харылыы сытар гына
Харгыстаан кэбиһиэхтин!
Тоҕус ый тохору,
Сор-муҥ суорумньулаах

 
Сордоох муус суорҕаҥҥа
Суулаан кэбиһэн,
Соҕотох муннуҥ эрэ уутунан
Чорулуу сытар гына
Чоҥкутан кэбиһиэхтин!...
Ону кытта уоҕан уолбун —
Ыыс быдаан тыыннаах,
Болуо муус муруннаах,
Кыаһаан муус кыламаннаах,
Аймыр муус арҕастаах,
Көмнөх хаар көлөһүннээх,
Хайыр ойбон харахтаах,
Уһун ураа муостаах,
Күнү-ыйы күкүрдүүр
Күр муус көҕүстээх,
Олуурдаах улуу Дьыл —
Оҕуһун Туругурдан утаардаҕым буоллун!
Кини бэйэлээх
Хаамыталаан хачыгыраатаҕын аайы
Халыҥ хаар хаҥаатын,
Сүүрэкэлээн күүһүгүрэйдэҕин аайы
Сүдү тымныы сүлүһүннүрдүн,
Муннун бууһугураттаҕын аайы
Мунан барар буркун турдун,
Тыынан кыскырыттаҕын аайы
Тымныы дьыбар тыйыһырдын,
Ураа лаҥкыр муоһуттан
Улуу сата туран,
Уһун хобдох тыал олохтоннун!
Уолум обургу, олуурдаах
Улуу дьыл оҕуһа,
Аас-майах аргыстанан,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн,
Оп-соллоҥ ойоҕостонон,
Дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан,
Ыарыы-сүтүү ырдыыланан,
Өлүү-сүтүү көтөллөнөн,
Көмүскүүр күнүҥ дьонун
Күһүҥҥүттэн ыла
Күл-көмөр гынар буоллун.
Атааргыыр айыыҥ дьонун
Сааскыга диэри
Сахтыы сабар саҥнаннын
Сир-халлаан уларыйыар диэри!»



Сүрүн сирэйгэ