Булт дойҕохторо (Павлов Николай Гаврильевич)

Сааскы ууга саһааккаҕа… Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Павлов Николай Гаврильевич
Күһүн көхтөөх бултуур кэмҥэ…


Сэрии, үлэ ветерана Касьянов Василий Гаврилович сырдык кэриэһигэр ананар. Автор.

Киирии тыл

уларыт

Бу хоһоонум геройа киһи быһыытынан ордук чаҕылхай, аймах-билэ дьонугар биһирэнэ көрсүллэр уратытынан олох ханнык да түбэлтэтигэр (үөрүү-көтүү, баҕар, санаа- оноо да түһүөх кэмнэригэр) сомоҕо тыллары майгынныырдыы этэн, көргө, күлүүгэ тиэрдэн кээһэр идэлээҕэ (талааннааҕа да диэххэ сөп). Баһылай уу мотуора, оҥочо атыыласпытын токоолоспуттарыгар «Пенсияҕа бараарыбын спорт-инвентарь хомуна сылдьабын», - диэн кырдьык-хордьук эппиэттэспитэ дииллэр. Дьэ оннук киһи этэ Баһылай Хаһыйаанаап (Хаһыйаан БаҺылай). Кини этэн-тыынан кэбиспитэ фольклорнай хабааннаах буолалларыттан буолуо – кэлин да дьон өйүгэр-санаатыгар сөҥөн хааланнар, сөбүлэтэннэр, кэпсэлгэ,ахтыыга сырыттахтара. Тыыл, педагогическай үлэ ветерана Павлов Николай Гаврильевич.

Бу хоһоон аан бастаан атырдьах ыйын 24 күнүгэр, 1999 с. "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка бээттэммитэ. 2007 с. Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт "Саха Сирэ" хаһыат биллэрбит хоһоон күрэһигэр кыттан ахсынньытыгар кыайыылааҕынан тахсыбыта.

"Байанай" сурунаал булт туһунан күрэһигэр 2-с миэстэни ылбыта.

"Чолбон" сурунаал 2008 сыллааҕы 6№ бэчээттэммитэ.

Булт дойҕохторо

уларыт

Күһүн буолла. Куобах үүрэн
Бултуур кэмнэр кэллилэр;
Элбэх буолан түмсэр түгэн,
Бу кутаа уот умайар;
Ууну-хаары була охсон,
Чэй өрөллөр уолаттар…
Уоту тула саамылаһан
Ас-үөл тахсар, хостонор.
- Көрүҥ, киһиҥ мөһөөччүгэ
Аһа-үөлэ көбүччү:
Алаадьыта, буспут этэ
- Тугун бэрдэй – үгүөрү.
Кэнсиэрбэтэ «Сайра» -
Тоҕо буолуой? Таай эрэ.
Оттон сорох ыһыга
Ханнык эмэ бар-туомугар
Угуллубут арыы, саахар –
Кырдьыбыкка күтүрэнии,
Күлүү-оонньуу, көр кэпсэтии
Күөдьүйүүтүн күлүүһэ…


Элбэх саҥа, кэпсээн хаата,
Кырдьа барбыт эристиин
Кэлэн ааспыт сылларын
Кэрэ, бэлиэ түгэннэрин,
Кэмнээн-томноон турбакка,
Сэһэн гынан тупсаран
Сэҥийэтэ энньэҥниир,
Токур тарбах чочоҥнуур:

-Биирдэ, ноко, бултуу сылдьан
(Бэркэ ытарбын билэҕит)
Буур бэрдигэр түбэстим,
Отой талах быыһынан
Субу кэлтин - муннуттан
Ситиэх курдук чугаспын;
Үгүс элбэх толкуй суох -
Тардан кээстим чыыбыспын.
Тайах турар, охтубат;
Баай Барыылаах биэрбитин
Маннык ытар табыллыбат!..
Инним диэки ыстанабын -
Иккистээри ыксыыбын…
Тайаҕым дьэ түҥнэһиннэ…
Хайдах буолла?! Өйдөөтүм:
Өлөн турбут муҥнааҕы
Ойбут уохпар охторбуппун -
Саабынан таарыйбыппын!..
-Таарыйбыккын?!
Баҕар буоллун…


Булт сырыыта эндирдээх,
Эҥин араас эриирдээх…
Табыллыаҕыҥ тайаҕы
«Тутан туран» ытыаҕыҥ;
Этэргэ дылы, балыгы
Туһаххыттан ылыаҕыҥ;
Оттон ойуур куобаҕын
Туугуттан да хостуоҕуҥ…


Утуу-субуу булчуттар
Ахтан, санаан бараллар
Суостаах сэрии кыттыылааҕа
Хаһыйаанап Баһылай
Номох буолбут дойҕохторун,
Көхтөөх булчут сырыытын –
Көрүдьүөстээх түгэннэрин.


Маннык түмсүү түгэнигэр,
Күө-дьаа сэһэн үгэнигэр,
Аргыый сыыйан саҥаран,
Эдэр дьону сэрэтэн,
Этэр этэ Баһылай:
-Эдэр сааһыҥ эргиллибэт;
«Доҕоор», «Васька-а», «Баһыла-ай»
- Иэйии, таптал тыллара
Аны кэлэн этиллибэт.
Оттон бииргэ кырдьыбытыҥ
Кыҥкыйдыыра кыһыылаах,
Тыла чахчы кырыылаах:
-Кими этэҕит? Үөдэни?!
Ыйытымаҥ миигиттэн!
Истэн туһан киниттэн! –
«Нэриэсинньик» да дииртэн,
Иҥнэн турбат киһиттэн.


Биирдэ күһүн Баһылай
Туораан тахсан наадатын –
Кыра дэнэр кыһалҕатын-
Толоруна турдаҕына,
Буучугурас тииккэ түһэр,
Тула-хала көрүнэр…
Кэтэһэбит… Киһиҥ ыппат-
Кэлэн биэрбит булду тыыппат!..
Баһылайбыт кура холку,
Эппиэт наһаа судургу:
-Хаһан табаары ытыамый,
Хаарыан сэби барыамый?!
Хата үүрүү кэмигэр
Ханнык эмэ бөлөчөөк
Кэлэн биэриэ, оччоҕо
Тутта түһэн хаалыллыаҕа,
Тутан ылар чугастан,
Тоҕо ытан ылыллыаҕа…




Кэннибиттэн Хаһыйаан
Кэлэн истэ алтахтаан,
Эмискэччи саа тыаһа
Дэлби барда, соһутта…

Көрө түстүм – «алдьархай!»
Адаар дулҕа быыһыгар
Мэлис гыммыт – көстүбэт,
Арай хорсоох саппыкылар
Салгыны харбыалыыллар…
Сүүрэн тиийдим, ыксаатым…
Киһим сытар, ымаҥныыр -
Үөрэн үөһэ тыынабын,
Өрө тардан туруорабын...
Ааһан иһэр кустары
Булчут көрөн турбатах,
Ытан хаалыан санаабыт…
Уоттаах сэрии содула
Контузия моһуоктаабыт:
Сүһүөхтэрэ дэҥи көрбөт,
Уйбат буолтар- босхолор.
Баһылайыҥ кура холку,
Эппиэт буоллар судургу:
-Өлбөт үөстээх эбиттэр
Ити ааспыт көҕөттөр -
Ыта сатаан кэбистим,
Көрөҕүн дии – мэлийдим.


Тоһуур аайы Баһылай
Тоҕо куруук ыппат диэннэр,
Уорбалааннар «түөкүттэр»
Бөлүүн түспүт кыраһаҕа
Турбут сирин көрбүттэр -
Адьас субу аттынан
Атаралаан ааспыт куобах
Суолун көрөн – туппуттар!..
Хаһыйааныҥ кура холку,
Эппиэт син биир судургу:

-Тохтообокко ааспыты
Тоҕо ыта сатыамый,
Сыыһа туттан эһигиттэн
Сэмэ-суҥха ылыамый?!


Уолан киһи уолуйбут,
Туора ойбут куобаҕы
Туһулаабыт да ыппыт…
Онно,өлүү түбэлтэлээх,
Баһылайбыт түбэспит;
Кэлин, кэҥээн, киһиҥ күлбүт;
Хата, дьолго, ити иэдээн
Халымырдык ааспыт эбит;
Онтон буолуо, бадаҕа,
Маннык буолбут түмүгэ:
Киһилэрин самыытыттан
Дарабыына ылҕаабыттар,
Саа хойуутук тэбэрин
Онно көрөн,- хайҕаабыттар.
Куобах тоҕо өлөрүн
Бэйэтинэн кини билбит -
«Оо, дьэ, саайда эбээт»,- диэн,
Сөҕөн, саҥа аллайбыт.
-Хата оҕом, халаабыһын
Таарыйбатах,-диэн үөрбүт.



Булт сырыыта эндирдээх,
Эҥин араас эриирдээх…
Табыллыаҕыҥ тайаҕы
«Тутан туран» ытыаҕыҥ;
Этэргэ дылы балыгы
Туһаххыттан ылыаҕыҥ;
Оттон ойуур куобаҕын
Туугуттан да хостуоҕуҥ…
Сэһэн-тэптэн буолунай –
Истэн бэйэҥ итэҕэй.

Павлов Николай Гаврильевич айымньыларын тиһигэр