Сааскы ууга саһааккаҕа… (Павлов Николай Гаврильевич)

Күһүн көхтөөх бултуур кэмҥэ… Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Павлов Николай Гаврильевич
Булт дойҕохторо


Сааскы ууга, саһааккаҕа


Сааскы ууга, саһааккаҕа,
Сааһыт, саһан, иһийэр;
Үөрдээх кустар эргийэннэр
Элиэтээннэр иһэллэр.

Удьуор булчут сааҥ чыыбыһын
Тардан кэбис – сыыһыма,
Сэһэн-тэптэн номох буолуон
Отой мүччү туттума.

Биири-биэһи суулараҥҥын,
Бэрт эбиэти булунуоҥ;
Уһун түүҥҥэ тоҥон-хатан
Олорбуккун боруостуоҥ.

Ити курдук ньоҕойдоһон,
Сааскы болдьох бүтүөҕэ;
Саабыт тыаһа дуораһыйан,
Ыраах эҥсэн сүтүөҕэ...

Сааскы ууга, саһааккаҕа,
Сааһыт саһан, иһийэр;
Үөрдээх кустар эргийэннэр
Элиэтээннэр иһэллэр…



1991 с. Ыам ыйа. «Хара күөл».

1996 с. "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка бэчээттэммитэ.

Павлов Николай Гаврильевич айымньыларын тиһигэр