Күһүн көхтөөх бултуур кэмҥэ… (Павлов Николай Гаврильевич)

Сааскы ууга саһааккаҕа… Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Павлов Николай Гаврильевич
Булт дойҕохторо


Күһүн көхтөөх бултуур кэмҥэ…


Күһүн көхтөөх бултуур кэмҥэ кустуу күөлгэ тиийэҕин;
Бэрт эрдэттэн оҥостоҥҥун, олороҕун кэтэһэҥҥин.

Күммүт киирэн күөл үрдэ күлүгүрэ барыарар;
Тымныы салгын ууну кууһан, туман хойдон тунаарар.

Онно-манна одоҥ-додоҥ саалар тыаһаан бараллар –
Ити аата кус киириитэ – сэрэттилэр – саҕаланар.

Сыыдам сырыы чөркөөкүлэр сурулаһан киирэллэр,
Онон-манан уу урсунун килбэҥнэтэ түһэллэр…

Бэлэм туппут сааҥ чыыбыһын, кыҥыы түһээт, тардыалыаҥ;
Таба туттан хас чөркөйү хааларбыккын барыллыаҥ.

Сорох киэһэ кус киириитэ астыннарыа – ыппахтыаҥ;
Араас куһу, бэл көҕөнү, ирээт биэрэн, – бултаныаҥ.

Оччоҕуна сааһыт киһи, бултаан-алтаан, астыныаҥ…
Маннык сылдьан көй салгыны көҥүл тыына сынньаныаҥ.



1997 с., атырдьах ыйыгар, «Үөһээ Бүлүү» хаһыакка бэчээттэммитэ.

2002 с., кулун тутарга, уларыта тутан (хоһоон форматыгар) көннөрүүлэр киллэриллибиттэр.

Павлов Николай Гаврильевич айымньыларын тиһигэр