Бу сиргэ дьиҥинэн... (Сайа)

Сайа Аата суох сибэкки
Бу сиргэ дьиҥинэн...
Сайа
[[Манчаары (Сайа)]]→


 * * *
Бу сиргэ дьиҥинэн,
Дьикти суох.
Дьылҕалыын мөккүһэн,
Кыайбыт суох.
Күн тахсар, күн киирэр
Түгэнин
Саҕахха тохтоппут
Ким да суох.
Арай...
Бэлэхтиэ дьиктини
Киһиэхэ — киһи.
Күрүҥ былыт күлүгүттэн
Күрэҥсийбит сир үрдүгэр
Күлүмүрдэс уотун кутар
Күн оннугар — күн буолан!
Ыарык былыт ыгыытыттан
Ытыстыбыт ыгым түүҥҥэр
Ымай ыллык суолу ыйар
Ый оннугар — ый буолан!
Түннүгүнэн элэс гынар
Түргэн кэмҥин түмүктүүргэр
Үйэлээҕи булан этэр
Үрүҥ Айыы — кини буолан...
Бэлэхтиэ дьиктини
Киһиэхэ — киһи.