Сайа (Михалева Наталья Владимировна) - поэт уонна прозаик. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун 1994 с. чилиэнэ. 1964 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1985 с. Хабаровскайдааҕы култуура институутун бүтэрбитэ. Дойдутугар кэлэн идэтинэн Оройуоннааҕы култуура дьиэтин сүрүннүүр методиһынан үлэлээбитэ. Наталья Михалева 1987 с. эдэр суруйааччылар Өрөспүүбүлүкэтээҕи XIII-с сүбэ мунньахтарын соһуччу арыйыыта буолбута. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар уонна сурунаалларыгар бэчээттэнэр, хас да уус-уран уонна публицистика кинигэлэрин ааптара. 1992 с. тэлэбидиэнньийэ, суруналыыстыка эйгэтигэр үлэлиир. "Саха" Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа тэлэбидиэнньийэтин эрэдээктэрэ, ыытааччыта



МИХАЛЁВА НАТАЛЬЯ ВЛАДИМИРОВНА-САЙА

Кинигэлэрэ:
1. «Тыллыы», хоһооннор хомуурунньуктара, 1994 с. Дьокуускай, “Ситим” изд.
2. «Бүгүн түүн”, хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктара, 2000 с. Дьокуускай , “Бичик” изд.
3. “Күөх ньургуһун”, сэһэн, 2003 с. изд. “Бичик”
4. “Кистэлэҥ халлааным Айыыта”, хоһооннор хомуурунньуктара, 2006 с. Дьокуускай, “Бичик” изд.
5. “Аата суох сибэкки”, хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктара, 2010 с. Дьокуускай, “Бичик” изд.
6. “Эрэнэ сүрэхпин аһабын”, хоһооннор хомуурунньуктара, 2012 с. Дьокуускай, “Бичик” изд.
7. “Эрэн миэхэ”, сборник стихов, 2014 с. Дьокуускай, “СМИК-Мастер Полиграфия” изд.
8. “Попутные ветры”, нууччалыы тылбаастаммыт хоһооннорун хомуурунньуктара, 2014 с. Москва, “Салама” изд.
9. "Кэпсиэ" кэннэ аһаҕастык", уочаркалар уонна ыстатыйалар хомуурунньуктара, 2017 с. Дьокуускай, "Бичик" изд.
10. "Тыыннаах тылбаас", нууччалыыттан тылбаастаабыт хоһооннорун хомуурунньуга, 2017 с. Дьокуускай, "Көмүөл" изд.
11. "Алтан сэргэм", хоһооннор хомуурунньуктара, 2019 с. Дьокуускай, "Көмүөл" изд.

Хомуурунньуктарга:
1. "Суол тоҕойугар" эдэр прозаиктар хомуурунньуктара. 1988 с. Дьокуускайдааҕы кинигэ изд.
2. "Кыталыктар кырдаллара" поэт дьахталлар хоһооннорун хомуурунньуга. 1988 с. Дьокуускайдааҕы кинигэ изд.
3. "Из века в век" кириллица азбукалаах норуоттар поэзияларын хомуурунньуга. 2009 с. Москва, "Пранат" изд.
4. "Поэзия" антология современной литературы народов России.2017 с. Москва, Объединенное гуманитарное издание.

Хаһыаттарга уонна сурунаалларга:
1987 сыллаахтан Өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар бары хаһыаттарга уонна сурунаалларга бэчээттэнэр.
"Общеписательская литературная газета" тахсар, "Звезда", "Невский альманах", "Молодой Петербург" сурунаалларга бэчээттэммитэ.
Кыргыстан, Башкортостан, Татарстан литературнай сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар тахсыбыта.
Элбэх кинигэлэри хомуйан оҥорууга уонна редакциялааһыҥҥа үлэлиир. Олортон ордук бэлиэлэрэ: “На рубеже двух эпох” - М.Н. Тимофеев-Терешкин олоҕун, айар уонна билимҥэ үлэлэрин үйэтитэр кинигэ; "Түбэй нэһилиэгэ" кыраайы үөрэтэр кинигэ; "И в снег и в ветер" - сенатор Александр Акимов олоҕор уонна үлэтигэр анаммыт кинигэ; “Олоҥхо өрөгөйө – саха саргыта”, “Алтан аарык тойуга” – саха норуотун үгэстэригэр, фольклоругар, култууратыгар анаммыт кинигэлэр.

Кини туһунан 1. "Саха поэзиятын күөх ньургуһуна" саха биллиилээх учуонайдара, норуотун суруйааччылара, литератураны чинчийээччилэр, учууталлар Сайа поэзиятын ырыппыт суруйууларн хомуурунньуга, 2014 с. Дьокуускай, "Бичик" изд. 2. Варвара Окорокова "Саха поэзиятын алгыстаах Айыы Куота" монография, 2019 с. Дьокуускай, ХИФУ изд. дьиэтэ

Хоһооннор

уларыт

Сүрүн сирэйгэ