Көмө:Бикитиэкэҕэ туох баарый
Бикитиэкэ - аһаҕас бибилитиэкэ, ол аата киһи-аймах устуоруйатын былаһын тухары айыллыбыт уус-уран уонна билим айымньыларын мунньар сир. Ханнык айымньылары бикитиэкэҕэ киллэриэххэ сөбө эбэтэр сатаммата манна суруллар.
Тугу угуохха сөбүй
уларыт1900 сыллаахха дылы айыллыбыты
уларытХаннык баҕарар 1900 сыллаахха дылы айыллыбыт суругунан үлэлэри, бэчээттэммиттэриттэн, бэчээттэммэтэхтэриттэн тутулуга суох, манна угуохха сөп.
Ааптар бырааба син биир тутуһуллар - ол аата ааптар аата хайаан да суруллар, тиэкиһэ уларытыллыбат, толору бэриллэр.
Дөкүмүөн
уларытДөкүмүөн (конституцияттан саҕалаан, мунньах ботокуолларыгар тиийэ) киһи-аймах бас билиитигэр айыллар түгэниттэн киирэр. Онон манна угуохха сөп. Дөкүмүөн толору буолуохтаах (сорҕото сүппэтэх буоллаҕына), хантан ылыллыбыта ыйыллыахтаах.
Публицистика уонна уус-уран литэрэтиирэ
уларытДокументальнай, публицистическэй, аналитическэй, научнай-популярнай, уус-уран айымньы манна угуллуон иннинэ аан бастаан ханна эрэ бэчээттэммит буолуохтаах. Ол сирэ (эрэдээксийэ, кинигэ кыһата) айымньыны бэчээттиэн иннинэ сүбэнэн (эрэдээксийэ коллегията эбэтэр атын эспиэр сүбэ) ырытан, сыана быһан баран бэчээттээбит буолуохтаах. Бэйэ бэчээттээбит матырыйаалларын Бикитиэкэҕэ угар табыллыбат.
Көҥүл тарҕанар айымньылар
уларытБикитиэкэҕэ көҥүл-босхо тарҕанар эрэ айымньыны угуохха сөп. Бу айымньыны ким баҕарар, ханнык баҕарар сорукка (ол иһигэр урбааҥҥа) туттара көҥүл буолуохтаах. Онтон атын айымньыны манна угуллуо суохтаах. Оттон айымньы алҕас угуллубут, ааптар быраабын кэһэр буоллаҕына тута сотуллуохтаах.
Бэйэ суруйбут тиэкиһин угуу ньымалара
уларытБикитиэкэ бэйэ суруйбут тиэкистэрин угар сир буолбатах эрээри, сорох түгэннэргэ ол көҥүллэнэр, ону ааһан биһирэнэр.
Тылбаас
уларытБикитиэкэ сахалыы салаатыгар саха тылынан суруллубут тиэкистэр угуллаллар. Атын тылынан суруллубут айымньылар ол тылынан тахсар бикитиэкэҕэ, эбэтэр уопсай элбэх тыллаах бикитиэкэҕэ угуллуохтаахтар. Ол гынан баран атын омук тылыттан сахалыы тылбаастары Саха бикитиэкэтигэр угар биһирэнэр. Икки тыллаах тиэкистэри биирэ сахалыы буоллаҕына, эмиэ угуохха сөп.
Бастатан туран бикитиэкэҕэ урут оҥоһуллубут, дьон-сэргэ бас билиитигэр хайыы-үйэ киирбит тылбаастар киирэллэр. Ол гынан баран урут саха тылыгар хаһан да тылбаастамматах тиэкистэр хара баһааннарын билинэн туран, уонна саҥа тылбаас былыргы тылбаастан сороҕор ордук буоларын учуоттаан, Бикитиэкэ атын салаатытыгар сытар айымньылары тылбаастаан манна тута угар (бэчээттэнэрин кэтэспэккэ) көҥүллэнэр.
Сиһилии Бикитиэкэ:Тылбаас диэн сиргэ көр.
Быһаарыылаах тиэкис
уларытБикитиэкэҕэ тиэкистэргэ быһаарыылары (аннотациялары, быһаарар суруктары, сигэлэри) эмиэ угуохха сөп. Бу түҥ былыргы тиэкистэргэ, бэлэмэ суох ааҕааччы кыайан көмөтө суох быһаарсыа суох буоллаҕына оҥоһуллар. Ол гынан баран быһаарыыларгытын сүрүн тиэкистэн хайаан да арааран суруйаргыт ирдэнэр. Ааҕааччы баҕардаҕына быһаарыыта суох барылы эмиэ көрүөн сөп буолуохтаах.
Мультимедиа
уларытТиэкискэ эбии мультимедиа матырыйаал баар буоллаҕына ааҕааччыга ордук буолар. Ол иһин баар тиэкискэ сөбүн көрөн ойуулары, хаартыскалары эрэ буолбакка, дорҕоон билэлэри, видеону иҥин угуохха сөп.
Тугу угуллубатый
уларытҮөһэ этиллибит тыллартан тахсар.
Урут бэчээттэммэтэх
уларытУрут ханна да бэчээттэммэтэх, бикитиэкэ кыттааччыта айбыт айымньыта манна угуллубат.
Быһаарыы. Сороҕор бу сиэртэн туорааһыннар бааллар (үөһэ көр). Бикитиэкэ кыттааччыта бэйэтин тус сирэйигэр (ону тоҕо укпутун сатаан быһаарар кыахтаах буоллаҕына), бу сиэргэ эппиэттэбэт ол-бу матырыйаалы угуон сөп.
Арбааһын/Реклама
уларытБикитиэкэ — арбыыр, арбанар сир буолбатах. Айымньыны ырытан уонна тас сигэлэри уган арбыыр көҥүллэммэт.
Ааптара биллибэт тиэкис
уларытАаптар быраабын күөмчүлээһин суох буоларын туһугар айымньы ааптара чопчу биллиэхтээх. Тиэкис үксэ ааптардаах буолар (киһи, бөлөх, бырабыыталыстыба иҥин) эрээри, сороҕор биллибэт, сүппүт, умнуллубут буолар. Холобур, устуоруйа биллибэт ааптардаах тиэкистэрэ Бикитиэкэҕэ улахан суолталаах буолуохтарын сөп. Маны киһи-аймахха, омукка суолтатыттан көрөн угуохха сөп.
Уларыйар айымньы
уларытБикитиэкэ соруга - айымньылары бэчээттэммит көрүҥнэринэн хаалларыы уонна мунньуу буолар. Ол иһин, сурулла сылдьар, сотору кэминэн уларыйар тиэкистэри манна угар көҥүллэммэт.
Холобур:
- Аһаҕас, бүтэ илик тиэкистэр, айымньы салгыытын ааптар ааҕааччыларын кытта бииргэ айарга көҕүлүүр буоллаҕына.
- Араас эгэлгэ сирдэртэн хомуллубут тиэкис (компиляция) - атын сибидиэнньэлэр таҕыстахтарына уларыйа турар буоллаҕына.
- Тиһиктэр (алл. көр)
Ыйар-биллэрэр (справочнай), көмө матырыйаал
уларытБикитиэкэ ыйар-биллэрэр матырыйаалы, атын айымньы сорҕото буолбатах буоллаҕына, бэчээттээбэт.
Холобур:
- тиһиктэр;
- математика константалара (холобур Пи чыыһыла сыыппараларын);
- табылыыссалар;
- криптография матырыйаала;
- исходниктар.
Быһаарыы. Ханнык эрэ айымньыга, ыстатыйаҕа киллэриллибит ыйар-биллэрэр матырыйаал (табылыысса, иҥин араас сыыппара) эбэтэр туспа кинигэ буолан тахсыбыт матырыйаал (холобур, Брадис табылыыссата) угуллара көҥүл.