Габдуллаа Тукаай
Габдуллаа Тукаай - татаар уһулуччулаах бэйээтэ, тылбаасчыта, литэрэтиирэ кириитигэ, публицииһа. Отой кылгас олоҕу олордор (26 сааһыгар өлбүт) татаар литэрэтиирэтигэр биллэр суолу хаалларбыт киһи.
Бу киһи туһунан сиһилии бикипиэдьийэҕэ ааҕыаххын сөп.
1968 сыллаахха Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар кини остуоруйалара сахалыы тылбаастанан тахсыбыттара. Тылбаасчыт чуолкай биллибэт, араспаанньата симик баҕайытык кыра бичигинэн кинигэчээн кэннигэр суруллубут: Кузьмина М.И. Тирааһын ахсаана 10 тыһыынча. Төһө да тылбаасчыт бырааба (Тукаай бэйэтин айымньылара бар дьон бас билиитигэр киирэн тураллар) чуолкайа суоҕун иһин бу остуоруйалары бэчээттиибит.