Поэт Иван Арбита (Иван Егорович Слепцов) аата ахтыллыбат буолбута сүүрбэччэ сыл буолла. Билигин бу аат, хат күөрэйэн, төрөөбүт литературатыгар төнүннэ. Соторутааҕыта ССРС Верховнай Суутун пленума, олохтоох суруйааччы Союһун туруорсуутунан, Арбита дьыалатын хат көрөн, кини сокуоннайа суоҕунан буруйдаммыт ыар буруйун ыраастаан ыыппыт суруга кэллэ. Иван Арбита отутун туолбакка сылдьан ыар дьылҕаламмыта. Кини 1914 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар, Тараҕай нэһилиэгэр дьадаҥы дьонтон төрөөбүтэ. Оскуолаҕа уон биир сааһыгар киирэн, 1935 сыллаахха Якутскайдааҕы учуутал техникумун бүтэрбитэ. Саҥа аһыллыбыт пединститукка сылга тиийбэт кэмҥэ үөрэммитэ. Кэлин, үөрэҕин быраҕан, аҥардас ааҕар, суруйар дьарыктаммыта. Ол сылдьан быстах кэмнэргэ учууталлаабыта, хаһыакка, издательствоҕа улэлэтэлээбитэ. Арбита айымньылара уонна Пушкинтан, Лермонтовтан, Маяковскайтан, атын да поэттартан, суруйааччылартан элбэх үтүөкэн тылбаастара биһиги литературабытыгар өлбөт-сүппэт кылаат буолуохтара. Кини литературнай нэһилиэстибэтин бэчээттээн таһаарыы ааҕааччыларга улахан интэриэстээх буолара саарбаҕа суох.

Субкатегориялар

2 категорияттан 2 субкатегориялара көрдөрүлүннүлэр.

"Иван Арбита" категория ыстатыйалара

38 категорияттан 38 субкатегориялара көрдөрүлүннүлэр.